Тымныы полюһун кырасаабыссатынан Саяна Скрыбыкина ааттанна

Бөлөххө киир:

Ааспыт өрөбүллэргэ Өймөкөөҥҥө үгэскэ кубулуйбут кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн «Мисс Полюс Холода-2019» күрэхтэһии буолла. Манна Саха сирин кыргыттарын кытта тас дойдулар кэрэ куолара кытыннылар. «Мисс Полюс Холода» аатын уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын бирииһин Томтортон сылдьар Саяна Скрыбыкина ылла.  


«Балаһыанньа быһыытынан кыттааччылар кэргэнэ, оҕото суох, 17-25 саастаах буолуохтаахтар. Барыта тоҕус кыыс илин-кэлин түһүстэ. Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин Хэйхэ куоратыттан икки кыыс кытынна. Онон, куонкурус норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах ыытылынна«, — диэн суруналыыспыт Елена Потоцкая иһитиннэрэр.

Ол курдук, Томтортон Людмила Иванова, Саяна Скрыбыкина, Өймөкөөнтөн Лада Кондакова, Саина Атласова, Үчүгэйтэн Динара Заболоцкая, Дьокуускайтан Анна Фролова, Төрүттэн Камила Чачуа, Хэйхэттэн Ань Сыи, Чжан Шуан араас түһүмэхтэри аастылар, талааннарын көрдөрдүлэр. Кыргыттар бэйэни билиһиннэриигэ, национальнай таҥаска, дефилеҕэ, купальниктаах тахсыыга, талааҥҥа, киэһээҥҥи былааччыйаҕа күрэхтэстилэр.

Дьүүллүүр сүбэҕэ куонкурус тэрийээччилэрэ, пресса үлэһиттэрэ, бэстибээл ыалдьыттара, туристар үлэлээтилэр. Күрэхтэһиини Кытайтан кэлбит эстрада ырыаһыттара, олохтоох артыыстар ыллаан-туойан киэргэттилэр.

Түмүккэ Томтортон сылдьар Саяна Скрыбыкина «Мисс Полюс Холода» аатын сүктэ. Оттон Кытай кыргыттара — Ань Сыи уонна Чжан Шуан «Мисс Туризм», «Мисс Грация» аакка тигистилэр, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин номинациятын ыллылар.

СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0