«Саха диетологтара ырар эми айбыттар» диэн ис хоһоонноох реклама интэриниэккэ тарҕаммыт. Ойуутугар «Мисс Якутия» куонкуруска 2015 сыллаахха кыайбыт Өлөөн кыыһа Александра Павлованы таһаарбыттар. «31 киилэ ырбыт» диэн быһаарыылаах.
Сонуну арыйдахха, Туйаара Иванова диэн Ньурбаттан төрүттээх «саха биллэр артыыската» хайдах ырбытын «кэпсээбит». Дьон хаартыскатын маннык сирэйэ-хараҕа суох туһаналларыттан киһи сонньуйар эрэ. Онон, билиҥҥи интэриниэт үйэтигэр ону-маны таһаарар сэрэхтээх.
Ньурба тыйаатырыгар эрийэн, ыйыталаспыппыт, олох билбэппит, истибэтэхпит даҕаны — диэтилэр. Оттон Александра Павлова бу хаартыскатын көрөн: «Киинэ көрөөрү сайтка киирбитим, мин хаартыскабын рекламаҕа туһаммыттарыттан соһуйдум, буолар да эбит«, — диир. Кини хаһан да итиччэ уойа сылдьыбатах.