Дьиэҕэ иккиэн эрэ хаалбыппыт. Улахан дьон эбиэттээн баран, үлэлэригэр барбыттара. Биһиги иһит сууйуохтаах этибит. Иһит наһаа элбэх, барыта наһаа кирдээх. Кирдээх иһити көрө-көрө киһи сылайыах курдук. Кырдьык, сылайан киирэн барбыппыт. Сылайбыппыт бэрдиттэн дьыбааҥҥа сынньана сыппыппыт.
— Дабаай, муода көрдөрө оонньуубут дуо? – диэбитэ Сайыына.
— Дабаай! – мин үөрэ түспүтүм.
Хоско сүүрэн киирэн, ыскаабы хаспыппыт. Сайыына ийэтин былааччыйаларын хостообута.
— Ээ мин биллим! «Мисс Вселенная» буола оонньуохха! Бастаан кырааскаланыахпыт.
Аны хомуот үрдүгэр турар косметика арааһын ылан, айбардаан барбыппыт. Сайыына бастаан тональнай кириэминэн соттубута. Ону үтүктэн мин биир бытыылканы ылан аҥарын ытыспар куппутум уонна сирэйбэр ылан ньаҕайдаан кэбиспитим. Сайыына миигин көрө-көрө күл да күл буолбута.
— Тоҕо күлэҕин? – мин кыыһырбытым.
— Эн… Эн ньиэгир курдуккун дии!.. һа-һа-һаа! – иһин тутта-тутта күлбүтэ.
Сиэркилэҕэ көрүммүтүм, кырдьык, хараҥа баҕайы кириэминэн соттубут эбиппин. Арааһа, загардыыр кириэмнэрэ быһыылаах. Сайыына үөрбүт аҕай, ыллыы-ыллыы аны хара харандааһы ылан хааһын хараардан барда. Миигин маҥан, кинини хара диэччилэр, онтон кыһыйааччы, аны билигин сирэйбит тэҥнэстэҕэ дии, мин өссө хараарбыт курдукпун. Аны тиэнньэри ылан соттон бардым. Кугас өҥнөөҕө бүтэн хаалбыт, ол иһин от күөҕэ өҥнөөҕүнэн биһинним. Халтаһабын бүтүннүү, хааспар диэри сотуннум.
— Оо, астык баҕайы өҥнөөх дии! Оччоҕо мин халлаан күөҕүнэн соттуом, – дии-дии Сайыына эмиэ соттон барда. Онтон тушь ылан кыламанын уһатта, подводканан туора-маары сотунна, иэдэһин румянанан кытарта, уоһун помадаланна. Мин даҕаны хаалсыбатым, үтүктэн истим.
— Хайа, хайдахпыный? Я – «Мисс Вселенная»! – диэбитинэн мин диэки эргилиннэ. Эдьиийим букатын кыраһаабысса буолбут, ол эрээри наһаа хойуутук соттубут быһыылаах. Иэдэһэ кып-кыһыл, хааһа хап-хара, оттон уоһун иһинэн-таһынан соттубут.
— «Во!» курдуккун! Настоящая красавица! – тарбахпын чочотон көрдөрдүм. Быйыл мин оскуолаҕа киириэхтээхпин. Куорат кыыһа буолан, нууччалыы сатаан саҥарабын. Сайыына онтон астынна быһыылаах. Эмиэ нууччалыы саҥаран барда. Кини миигиттэн икки сыл аҕа.
— А тэпиэр куонкурус платьев! – диэн баран, ыскааптан ийэтин былааччыйаларын барытын хомуйан аҕалан ороҥҥо бырахта. Бэйэтигэр саамай кыраһыабай, кылабачыгастардаах былааччыйаны талла. Уп-улахан түүппүлэни булан атаҕар анньынна. Миэхэ ньып-ньылыбырас кэмбинээски курдугу биэрдэ. Ону кэтэн баран, аны баттахпытын оҥоһуннубут. Ыстан баран, сокуолканан туттардыбыт. Аны киэргэнэрбит хаалла.
Хомуот дьааһыгын арыйбыта, доҕоор – араас оҕуруолар, ытарҕалар, биһилэхтэр, браслеттар бааллар эбит! Көмүстээх кылааты булбут курдук сананныбыт, биир-биир ылан иилиннибит, барыта бүтүөр диэри. Тарбахпыт ахсын иккилии биһилэхтээх, уонча оҕуруолаах, күлүмүрдэс ытарҕалаах, тыаһыы сылдьар браслеттаах буоллубут. Айабыын, кыраһыабайбыт өссө бэргээтэ. Ол эрэн дьиҥнээх кыраһаабысса буоларга өссө туох эрэ тиийбэт курдук. Сайыына хомуот үрдүттэн ийэтин духуутун ылан ыстарынна, биирдэ-иккитэ эрэ буолбакка, биир кэм «пшик-пшик» буолла. Кини тулата паар курдук бурҕайан олордо. Миэхэ муннубар аһыы сыт киирэн, хаста да ытыртым. Онтон эдьиийим алҕас хараҕар ыстарынан кэбистэ.
— Аа! аа! Харахпар ыстардыым!.. – диэн хаһыытаабытынан, илиитинэн саба тутунна, дэлби ньуххайданан кэбистэ. Онтон илиитин ылбыта, доҕоор, хараҕа бүтүннүү панда хараҕын курдук хап-хара ньаҕай буолан хаалбыт. Ол хап-хара ачыкы быыһынан кылап-халап көрө турда. Аны мин сиргэ төкүнүйэ сылдьан күллүм.
— Тоҕо күлэҕин?
— Сайыына, эн… эн «Мисс Панда» курдуккун дии! «Мисс Панда!» һа-һа-һаа!
– Эс, наһаа күлүмэ эрэ! Оччоҕо оонньообоппут…
– Чэ-чэ, сөп. Күлэн бүттүм.
— А тэпиэр, куонкурус купальников!
Ыскаап түгэҕиттэн ийэтин купальнигын булан салыбыратан таһааран, былааччыйатын устан баран, кэтэн кэбистэ. Сиэркилэ иннигэр эҥин араастаан кыйбаҥнаан хаамыталаата.
— Оттон миэхэ?
— Эйиэхэ дуо? Сычаас, найдем, – дии-дии ыскаабын хаһыста. Булбата быһыылаах, арай паапатын уп-улахан сөтүөлүүр турууһугун булан таһаарда. Сыттык хаатын саҕаны тэнитэн көрдөрдө.
— Эс, наһаа ынырык дии! Фуу, мин маны кэппэппин, – диэтим.
— Уонна суох ээ. Маны кэппэтэххинэ, куонкурустан туоруугун, – диэтэ.
Мин кыыһыран ороҥҥо баран тиэрэ хайыһан олордум. Кыыһырбыппын биллэрэн, хаастарбын түрдэһиннэрэн, уоспун болтотон баран олордум. Кини ону көрбөтөҕө буолан, сиэркилэ иннигэр баттаҕын тараана сатыы турда. Наһаа да үчүгэйдик оонньоон испиппит ээ. Урут хаһан да маннык «Мисс Вселенная» буолан оонньуу илик этибит. Интэриэһинэй баҕайы. Ол да буоллар, оонньуох санаа батарбата. Хайыахпыный, ылан кэттэҕим дии… Сөтүөлүүр турууһук миигиттэн биэс төгүл улахан эбит, ону үс төгүл эринэн баран, түөһүм диэкинэн лиэнтэнэн ылан курданан кэбистим.
Дьэ, хаамсыы буолла. Сайыына араастаан кыйбаҥнаан хаамар, дьиҥнээх модель курдук эмискэ өттүк баттанан, тохтоон ылар, эргичис гынаат, өрө хантас гынан, илиитинэн баттаҕын өрө ыһар. Оттон мин туруусугум алларатыттан парашют курдук тутан баран, соруйан бахчаҥныы-бахчаҥныы ыстаҥалаатым. Хата, наһаа күлүүлээх буолла, иккиэн дэлби күлүстүбүт.
Наһаа үчүгэйдик оонньоотубут. Онтон өйдөөн көрбүппүт, дьиэ дэлби ыһыллыбыт: таҥас-сап күөдэллэммит, ыскааптар ааннара аһыллыбыт, ийэтин кырааската муостаҕа, ороҥҥо кытта быраҕыллыбыт.
— Маама кэлэрэ чугаһаата! Мөҕөрө буолуо!..
— Хайыыбытый? – мин ыксаан хааллым. Ийэтэ биһиги маннык оонньообуппутун билиэ суохтаах.
— Хомуйуохха наада, – Сайыына таҥастары хомуйа тутан ыскаапка илтэ. Иккиэн бэрт эрэйинэн сааһылаан ыйаталаатыбыт. Онтон кини кыраасканы сааһылаан укта. Ханна, тугу уурарын билэр эбит.
Һуу, дьэ, бүттэ. Хомуйар оонньуурдааҕар тоҕо мэлдьи ыарахан буолара буолуой? Хата, дэлби сылайдыбыт. Дьыбааҥҥа охтон түһэн, сынньана сыттыбыт. Онтон сирэй-сирэйбитин көрсөөт, иккиэн улахан баҕайытык «аа!» диэн часкыһа түстүбүт. Сирэйбит кырааскатын сууммакка сылдьар эбиппит!.. Тута тутуллар буоллахпыт дии! Суунар сиргэ сүүрэн тиийэн, сууна сатаатыбыт да, кырааскабыт барыахтааҕар, өссө эбии ньаҕайданан иһэр. Иэдээн…
— Ээ! Маамам «молоко» диэнинэн суунар этэ ээ.
— Ол аата тугуй, үүт дуо?
— Билбэтиим, оннук буолуо. Дабаай, – диэт, Сайыына холодильникка тиийэн, бакыаттаах үүтү хостоон таһаарда. Ыстакааҥҥа кутан баран, суунар сиргэ тиийэн, үүтүнэн суунна. «Панда ачыкыта» син биир барбата. Дьэ, сордоох «ачыкы»!
— «Молочко» диэн соттор кириэм ээ. Мин маамабар баар, – диэтим. Онтон эмиэ кириэмнэрдээх ыскаапка тиийэн «молочкону» көрдөөтүбүт. Сайыына сатаан ааҕар буолан, булан ылла.
— Манан суунабын дуо?
— Суох, баатанан соттоҕун ээ, – диэтим.
— Кырдьык даҕаны, – диэн буолла. Төгүрүк бааталары ылан соттон барда. Соттор, соттор, баатата харааран иһэр, мин эмиэ сотуннум. Сотору буолаат, баата бүтэн хаалла. Сиэркилэ иннигэр кирдээх баата өрөһөлүү мунньулунна. Ону барытын хомуйан, бөххө бырахтыбыт. Таарыйа иһити сууйан кэбистибит.
Сайыына сирэйин сууммутун кэннэ, хара «ачыкы», дьэ, сүттэ. Сирэйэ ырааһыран, бэл, кылабачыйарга дылы. Ол оннугар дэлби кытаран хаалбыт.
Бэрээдэктээх баҕайытык кинигэ көрө олордохпутуна, сотору кэминэн ийэлэрэ кэллэ.
— Хайа, оҕолоор, үчүгэйдик олордугут дуо? – диэн ыйытта кини.
— Үчүгэйдик, – дэстибит биһиги уонна бэйэ-бэйэбитигэр имнэнсэн кэбистибит.