Мишустин министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр штаттарын сарбыйыыга үс ыйы биэрдэ

Ааптар: 
16.11.2020
Бөлөххө киир:

Арассыыйа премьер-миниистирэ Михаил Мишустин туох дьаһалы биэрдэ? Дьаһал министиэристибэлэр штаттарын сарбыйыыга туһуланар. Ол туһунан ааҕыҥ.

Арассыыйа премьер миниистирэ Михаил Мишустин 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн салайыы тиһигин оптимизациялааһын саҕаламмытын туһунан иһитиннэрдэ. “Уһатар табыллыбат, маны үс ыйынан – муус устар 1 күнүгэр диэри бүтэриэххэ”, — диэн бырабыыталыстыба баһылыга бэйэтин солбуйааччыларын кытта сүбэ мунньахха бэлиэтээтэ.

Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар каадырга уларытыылар буоллулар.

“Сүҥкэн буолбакка, компетентнай, көдьүүстээхтик үлэлиир исписэлиистэртэн турар штат уонна ситэриилээх былаас хас биирдии уорганыгар эппиэтинэс чопчу буолара наада”, — диэтэ премьер. Билигин министиэристибэлэргэ уонна биэдэмистибэлэргэ 20 бырыһыан кэриҥэ дуоһунас аһаҕас турар. Ситэриилээх былаас федеральнай уорганнарыгар уонна кинилэр салааларыгар ырытыы оҥорон баран, сарбыйыыга кэккэ уураахтары ылынныбыт:

— киин аппарааттар штаттарын 5 бырыһыанынан аччатарга, манна 20 бырыһыан миэстэ аһаҕас;

10 бырыһыанынан – биэдэмистибэлэр сирдээҕи-уоттааҕы уорганнарыгар, баларга вакансиялар орто ахсааннара 18 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр.

“Балары аһаҕас позициялар суоттарыгар ыытыахпыт, — диэтэ Мишустин. – Маныаха бары үп ресурсалара оннунан хаалыахтара, ол иһигэр материальнай өттүнэн көҕүлээһин”. Административнай уларыта тутууну ыытыыга анал оробуочай бөлөх дьарыктаныаҕа. Бары министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр, кинилэр сирдээҕи-уоттааҕы уорганнара сүбэлэммит стандартарга сөп түбэһиэхтээхтэр, оттон кинилэр структуралара биэдэмистибэ бүттүүнүн ахсааныттан тутулуктаах буолуохтара.

— Бу миэрэлэр бары ситэриилээх былаас үлэтин көдьүүһүн үрдэтэр кыаҕы биэриэхтэрэ, — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ эрэнэр. – Судаарыстыбаннай салайыы тиһигэ чопчу уонна түмсүүлээхтик үлэлиэхтээх, дьон эрэлин толорон уонна дьон олоҕун тупсаран.

Владимир Кузьмин тиэкиһэ, “Российская газета”  хаһыаттан

Хаартыска: интэриниэттэн

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0