Бүгүн Мирнэй — Новосибирскай хайысхатынан көтөн испит Ту-154 сөмөлүөт саахалланар туруктанан, төттөрү Мирнэй пордугар кэлэн этэҥҥэ түстэ. Анивера АКИМОВА, edersaas.ru
Мирнэй олохтоохторун кытары сибээскэ тахса сылдьыбыппытыгар, саахаллана сыспыт көтөр аал «Алроса» АХ бас билиитигэр сылдьарын кэпсээтилэр. Сөмөлүөт портан көтөн тахсан, чаас аҥарынан биир двигателэ моһуогуран, экипаж төттөрү порка кэлэргэ быһаарыммыт эбит. Куорат үрдүнэн хас да эргиири оҥорон баран, көтөр-түһэр балаһаҕа этэҥҥэ түспүт. Ол курдук сөмөлүөккэ сүүстэн тахса пассажир айаннаан испит.
Ыспыраапка: «Алроса» авиа-хампаанньа Мирнэйдээҕи авиа-предприятие базатыгар тэриллибитэ. 2013 сылтан бэйэтэ туһунан юридическэй сирэй быһыытынан үлэлиир. Анапаҕа, Бүлүүгэ, Екатеринбурга, Иркутскайга, Краснодарга, Красноярскайга, Ленскэйгэ, Мирнэйгэ, Москваҕа, Новосибирскайга, Ньурбаҕа, Полярнайга, Ростовка, Санкт-Петербурга, Сочига, Томскайга, Уус Кутка, Уфаҕа, Хабаровскайга, Дьокуускайга рейстэри оҥорор. Boeing 737-800, Ан-2, Ан-3, Ан-24, Ан-26, Ан-38, Ту-134, Ту-154 сөмөлүөттэрдээх.
Манна даҕатан суруйдахха, ааспыт нэдиэлэҕэ «Якутия» АХ
Bobmbardier Q-300 суудуната Дьокуускайтан Баатаҕайга көтөн иһэн, эмиэ техническэй өттүнэн моһуогуран порка төттөрү кэлэн түспүтэ.
Анивера АКИМОВА, edersaas.ru