Мирнэйгэ чэпчэтии картатын түҥэттилэр

25.08.2016
Бөлөххө киир:

Мииринэй оройуонугар кыаммат дьоҥҥо, инбэлииттэргэ, бэтэрээннэргэ көмөлөһөр интэриэһинэй уопуттаахтар. Быйылгы сылтан саҕалаан, кинилэргэ социальнай карталары түҥэтэлээбиттэрэ.

Бу картаны инбэлииттэр, элбэх оҕолоох уонна кыаммат ыаллар, Чернобыль уонна “Маяк” саахалын туоратарга үлэлэспит дьон, биэнсийэҕэ регион эбии төлөбүрүн ылааччылар уонна социальнай хабааннаах уопсастыбаннай түмсүүлэр ылар бырааптаахтар.
Быһаас оройуон баһылыга Ришат Юзмухаметов предпринимателлэри кытары сөбүлэһии түһэрсибитэ. Ол түмүгэр кыаммат араҥа “Темп”, “Екатерина”, “Наш маркет”, “Каспий” диэн бородуукта, “Орхидея”, “Саяны”, “Модники” араас табаар маҕаһыыннарыгар 5%-тан кырата суох чэпчэтиинэн туһанар.

Холобур, биир маҕаһыын испииһэгинэн ыйга 30 ыалга уоннуу килиэби босхо түҥэтэр. Сорохтор балаҕан ыйын 1 күнүгэр үөрэх тээбириннэрин биэрэллэр. Ити курдук предпринимателлэр кыаммат араҥаҕа көмөлөһөллөр.

Соторутааҕыта бу хамсааһын дьайыытын кэҥэтэн, “Мииринэй оройуонун нэһилиэнньэтин эминэн хааччыйыыны тупсарыы” бырагырааманан эмп ыларга эмиэ социальнай каарталары түҥэттилэр. Дьаһалта медицинскэй хааччыйыыга отделын начаалынньыга Татьяна Бобровская иһитиннэрбитинэн, урут бу бырагыраама үбүнэн муниципальнай аптекаларга анал тэрили ылан биэрэр этилэр. Быйыл баһылык Ришат Юзмухаметов көҕүлээһининэн, бу көмөнү наадыйар дьоҥҥо быһаччы туһаайдылар.

Билиҥҥи туругунан, барыта 5-тии тыһыынча солкуобай суумалаах 100 картаны тарҕаттылар. Испииһэккэ биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр, бэтэрээннэр, элбэх оҕолоох уонна кыаммат ыаллар хабылыннылар. Кинилэр муниципальнай аптекаларга баран, сыл устата бу суумаҕа наадыйар эмтэрин ылар кыахтаахтар.

Бу дьаһалтан ордук элбэх оҕолоох ыаллар үөрдүлэр. Тумуу кэмигэр оҕолор элбэхтик ыалдьаллар. Онон дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр бу дьоһун көмө.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0