Мирнэйдэр байыаннайдык оонньоотулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Улуу Кыайыы 71 сылынан уонна генерал-майор Владимир Шатин сырдык кэриэһигэр Мирнэй куоракка байыаннай-патриотическай «Зарница» оонньуу саҕаламмыта. Бу оонньуу Мирнэйдэргэ сыл ахсын ыытыллар буолан, номнуо үгэскэ кубулуйда. Тэрээһини Мирнэй оройуонун ыччатын кэмитиэтэ уонна үөрэх бырабылыанньата ыыттылар.

 Оонньуу сыалынан-соругунан төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу, байыаннай быһыыга-майгыга иитии, аармыйаҕа сулууспалыырга көҕүлээһин уонна чөл олоҕу пропагандалааһын буолар.

Быйылгы оонньууга уопсайа 15 оскуолаттан хамаандалар кытыннылар.

Оонньуу параадтан саҕаланна. Параады подполковник Юрий Чуба иилээтэ-саҕалаата.  Арассыыйа гимнин истии кэнниттэн Мирнэй оройуонун баһылыгын солбуйааччы Дмитрий Ситнянский эҕэрдэ тылын тиэртэ.

Параадка бочуоттаах ыалдьыттар ыҥырыллан оскуола оҕолоругар кэс тылларын тиэртилэр. Оонньуу уопсайа икки күн устата ыытылынна.

Бэлиэтээн эттэххэ,  күрэхтэһиигэ хайысхаларынан арахсан кытыннылар. «Бэргэн ытааччы», «Разведчик», «Сибээстээччи», «Санитар», «Радиацияттан, химическэй уонна батереологическай көмүскэл испэсэлииһэ» диэннэргэ үллэһиннилэр.

Маннык оонньуулары сөргүтэн, оскуола оҕолорун байыаннай-патриотическай хайысхаҕа иитии туһаны эрэ аҕалыаҕа.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0