СУҺАЛ: Сүппүт шахтердары 1,5-3 суукканан булуохха сөп диэн сабаҕалыыллар
РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев атырдьах ыйын 14 күнүгэр “Мир” рудникка буолбут ыксаллаах быһыы-майгы тула мунньах ыытта. Бу мунньахха СӨ Ил Дархана Егор Борисов, РФ гражданскай оборонаҕа дьыалаҕа миниистирин солбуйааччы Владлен Аксенов уонна “АЛРОСА” салатата кыттыыны ыллылар.
“Мир” рудникка шахтердары көрдүүр, быыһыыр үлэ суукканы быһа буолар. Маныаха 320 киһилээх (ол иһигэр 143 “АЛРОСА” үлэһиттэрэ) уонна 19 тиэхиньикэлээх анал бөлөх тэриллибитэ. “Билиҥҥи саамай сүрүн сыалбытынан – шахтердары булуу. Хайа усулуобуйатыгар үлэ кыайарынан, шахтердары булуохпутугар диэри үлэни ыытабыт. Бүгүн быыһааччылар этэллэринэн, аны 1,5-3 суукканан сүппүт дьон баар сиригэр диэри тиийиэххэ сөп эбит”, — диир Юрий Трутнев.
Путин бэрэстэбиитэлэ Мирнэйгэ кэллэ
edersaas.ru