Сарсыҥҥыттан, тохсунньу 9-тан, Минскэй куоракка тустууга Белоруссия чөмпүйэнээтэ саҕаланар. Көбүөргэ бастаан «классиктар» (греко-римскэй тустуу) тахсыахтара. Онтон дьахталлар күөн көрсүһүөхтэрэ. Көҥүл тустууга күрэхтэһии тохсунньу 13-14 күннэригэр буолуоҕа.
Сыл бастакы түһүлгэтин түмүгүнэн аны саас, муус устар ыйга Каспийскайга (Арассыыйа, Дагестан) ыытыллар Европа чөмпүйэнээтигэр кыттар өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандата сүүмэрдэниэҕэ.
Билиҥҥитэ бу чөмпүйэнээккэ саха тустууга оскуолатын үс иитиллээччитэ бэлэмнэнэр. Ол курдук, 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа аан дойду призера Владислав Андреев, Александр Медведь турнирын былырыыҥҥы кыайыылааҕа Андрей Бекренев, уонна 61 киилэҕэ Ивана Ярыгин турнирын 2016 сыллааҕы чөмпүйүөнэ Ньургун Скрябин кыттыахтара диэн буолар.
Роман Попов, «Саха сирэ» хаһыат