Сайын. Тыа сиригэр билигин саамай үчүгэй кэмнэр тураллар. Дэриэбинэттэн чугас сытар күөллэртэн, үрэхтэртэн дьон сөтүөлүүр, күлэр-үөрэр саҥалара иһиллэр. Дьахталлар, кыргыттар маҥан былааттарын бааммытынан, оҥоойуктарын туппутунан ойуурга дьэдьэннии сырыттахтара… Бары иллэҥнэр. Дьокуускай куораттан устудьуоннар, аймахтар сынньана, сир астыы, оттуу диэн дэриэбинэҕэ кэлбиттэр.
Арай Катя эрэ хонтуораҕа олорон көмпүүтэригэр тугу эрэ бэчээттиир. Уоппуската суох үлэлээбитэ номнуо үһүс сыла. Олус сылайда. Үлэтин быраҕан барыан санаталыыр эрээри, аны кэлэн тугу үлэлиэй. Оҕотун иитиэн наада. Оҕото Сылаабык быйыл оскуолаҕа киирэр. Номнуо улаата охсубут. Катя кэргэнэ саахалга түбэһэн соһуччу күн сириттэн күрэммитэ. Ол аһыытыттан да буолуо, эдэр ийэ үлэҕэ умса түспүтэ. Оччолорго оҕото уһуйааҥҥа саҥа киирбитэ.
Үлэтэ диэн суот-учуот, отчуот. Сүрүн буҕаалтыр буолан эппиэтинэһэ олус улахан. Нэһилиэккэ саҥа оскуола тутаары ол отчуотугар сылдьар. Сайын уоппускаҕа бараары гыннаҕын аайы итинник туох эрэ атахтыыр үлэ көстөн иһэр. Сарсын оройуоҥҥа киирэн отчуотун туттарыахтаах. Онно бэлэмнэнэн бүгүн хойукка диэри олордо. Оҕото эбэлээх эһэтигэр хаалбыта.
Көмпүүтэрин экранын өрө мыҥаан олордоҕуна, эмискэ аан тэлэллэ түстэ да билбэт киһитэ киирэн кэлэн:
— Дорооболорун, бу баһылык докумуон ыытта. Бэйэтэ аара дьиэтигэр хаалла. – диэт халыҥ соҕус паапканы уунна.
Катя папканы ылан арыйбыта матырыйаал атыыласпыт дуогабардара эбит. Билбэт уола наадатын ситиһээт ааны сабан тхсан барда. Бүгүҥҥүттэн саҥа суоппар кэлиэхтээх этэ. Арааһа кини сылдьар быһылаах диэн санаа охсуллан ааста.
Үлэтин хойукка диэри бүтэрэн дьиэтигэр тиийэн, аһаат да эрдэ турар киһи быһыытынан оронун оҥостон сытта.
Сарсыарда оҕото тура да илигинэ ойон тураан кофе эрэ иһээт, дьонугар бүгүн кэлбэтин сэрэтэн, хонтуоратыгар барда. Тиийбитэ дьаһалта массыыната номнуо кэлэн турар эбит. Суоппар миэстэигэр бэҕэһээ киирэ сылдьыбыт киһитэ олорор. Баһылык көстүбэт. Массыына кэннинээҕи аанынан киирэн истэҕинэ:
— Иннигэр киирэн олор, баһылык барбат үһү, – диэт саҥа суоппар иннинээҕи ааны арыйан биэрдэ.
— Хайа, тоҕо барбат үһү? Сарсын мунньахтаах этэ дии.
— Бэҕэһээ дэлби ыалдьыбыт этэ. Бүгүн өссө бэргээбитэ буолуо. Барбаппын, ыарыйдым эрэ диэбитэ. Арба, эйиигин улуус баһылыгын кытары көрсөн бу кумааҕыны биэрдин эрэ диэбитэ.
— Дьэ, бары эмиэ миэхэ эрэ сорудахтаан баран сылдьаллар.
— Чэ, бардыбыт дуо? Ким эрэ өссө барсар дуу?
— Суох, бардахпыт дии. Айанныырбыт да ыраах. Эбиэт ааһыыта тиийэ охсор киһи.
— Долгуйума, «все успеем». Хата аатын ким диэний? Мин Һааска, ол эбэтэр Александр диэммин – суоппар элбэх саҥалаах, нууччалаан да ылар сытыы-хотуу киһи буолан биэрдэ.
— Екатерина Александровна диэммин, сүрүннүүр буҕаалтырбын. – тоҥуй соҕустук эппиэттээтэ.
Һааска онно эрэ кыһаллыбат.
— Оччоҕуна хамнаспын эн ааҕар эбиккин дии. Элбэх соҕус бириэмийэтэ суруйаар эрэ – оонньоһуохча харахтарынан Катя диэки көрдө.
Катя иһигэр: “Туох кэрээнэ суох киһитэй, дьэ, бэйи күлэн эр” диэн абаккара санаата эрээри, таһыгар биллэрбэтэ:
— Суолгун көр. Аны “абаарыйалатаайаххыный”…
Һааска саҥа үлэтигэр бүгүн иккис күнүн үлэлии сылдьар. Чугас доҕоро бу нэһилиэк дьаһалтатыгар суоппар наада үһү диэн эппитигэр дьээбэҕэ эрийбитэ. Сонно өйүүн кэлээр, баһылык оройуонтан дойдулуохтаах диэбиттэрэ. Саҥа үлэҕэ бэрт судургутук киирбититтэн соһуйан эрэ хаалбыта. Бэҕэһээ киэһэ баһылык сорудаҕынан хонтуораҕа киирэн, ис киирбэх дьүһүннээх кыыс олорорун сөбүлүү көрбүтэ. Ол кыыһа бүгүн аттытыгар олорсон иһэр. Кыыһы толоостук эппиэттэһэриттэн, эдэр эрээри, майгыта соччото суох быһылаах дии санаата. Сүгүн да кэпсэппэтэ диэн Һааска тылыттан матан олорор. Баҕар хотун саҕа сананан улаатымсыйа олороро буолуо диэн иһигэр кыһыйан ылла. Һааска билигин даҕаны сулумах сылдьар. Тас дьүһүнүнэн кыыска сирдэрбэт, үгүс эр киһитээҕэр ордук даҕаны. Бүгүрү үлэһит, саҥата элбэҕин аахсыбатахха бэрт көнө киһи. Арай үөрэҕэ суоҕа атахтыыр быһыылаах. Кини саастыылаахтара Дьокуускайга киирэн ыал-күүс буолан, оҕо-уруу төрөтөн ырааттылар. Арай кини эрэ хаалла. Ийэтэ күн аайы “Кыыста көрө сырыт, олорбутунан кырдьаары гынныҥ” диирэ элбээтэ. Ол да иһин ыраах сытар нэһилиэккэ кэллэҕэ.
Массыына иһэ биир кэм куугунаан олорор. Хайалара даҕаны саҥарбат. Суоппар чуумпуну кыйдаары, биир кэлим субуллар уһун суолтан аралдьыйаары муусуканы холбоото. Саатар биир да тэтимнээх ырыа суох. Барыта бытаан, киһи эрэ утуйуох курдук ырыалара. Санааларыгар суол ортотугар диэри бэрт өр айаннаан тиийдилэр. Үс сүүсчэ биэрэстэ тухары биир даҕаны нэһилиэк суох. Сырыы даҕаны аҕыйах. Алдьанан, батыллан суолга турдуҥ да хоноргор тиийэҕин. Сапараапкаланар бэнсииннэрин тиэнэ сылдьаллар.
Сир ортотугар тиийэн сапараапкаланан баран айанныах курдук гынан эрдэхтэринэ, эмискэ массыыналара бэрт куһаҕаннык “сөтөллөөт” умуллан хаалла. Саҥа суоппар үлэтин маҥнайгы күннэригэр сатанымаары гыммытыттан олус ыксаата, ыгылыйда. Катя да соччото суох балаһыанньа буолбутун сэрэйдэ. Бүгүн отчуотун туттаран, сарсын наадаларын ситиһэн кэлэ охсор былааннааҕа туолумаары гыммытын бүтэйдии сэрэйдэ. Сатыылыыр туһа суох.
Һааска массыынаттан түһэн капотун арыйан ону-маны көрдө-иһиттэ. Барыта үчүгэйгэ дылы. Кабинаттан күлүүстэрин ылан мотуор биир чүмэчитин өһүлэн көрбүтэ бүтүннүү уунан ыспыт. Сапараапкаламмыт буочукатын суулларан бэнсиинин тохпута уулаах эбит. Маарын бу буочуканы баһылык гарааһыттан ылбыта. Хайыай, барытын өһүлэн куурдарыгар эрэ тиийэр. Аара баран иһэр массыыналартан бэриһиннэриэхтэрин наада. Биир эмэ массыына кэлэрэ буоллар саатар буҕаалтыр кыыһы ыытар киһи дии санаата. Массыына аанын арыйбытыгар Катя:
— Хайа, туга алдьаммытый? – диэн ыксаабыт куолаһынан ыйытта.
— Ээ, бэнсииммит уулаах эбит. Уулааҕы биэрбиттэр. Ону куттубуппун.
— Хайдах эрдэ көрүммэккин? Мунньахпар хойутаттыҥ! – диэн хотун киһи быһыытынан кыыһыра сатаата да, туораттан хайдах эрэ көһүннэ быһылаах. Сатаммата.
Хайыахтарай. Маҥнайгы массыына кэлэрин эрэ кэтэһэллэригэр тиийдилэр. Тугу да гыналлара суох буолан хардарыта ону-маны ыйыталаспыта буола олордулар. Устунан уопсай тылы булан кэпсээннэрэ, күлүүлэрэ-салыылара элбээтэ. Катя иһигэр Һаасканы үчүгэй баҕайы кэпсээннэрдээх уол эбит диэн санаан ылла. Онтуттан бэйэтэ да кыбыһынна быһыылаах, имэ тэтэрдэ. Һааска да били “улаатымсыйар хотун” диэн санаабытын өйдөөн сонньуйан ылла. Катя кытарбытын көрдөрүмээри:
— Абытыый, абытай. Таһырдьа тахсыах эрэ. Итиитэ бэрт – диэт массыынаттан таҕыста. Суоппар суумкатыгар ыһыктааҕын өйдөөн:
— Ол хатыҥ анныгар күлүк сиргэ аһыыбыт дуо? Өйүөлээхпин төрүт даҕаны умнан кэбиспиппин — диэтэ. Олорон чэйдээтилэр. Аҕыйах чаас иһигэр бэйэ-бэйэлэрин уруккуттан билсэр дьон курдук номнуо хаадьылаһаллар, дьээбэлэһэллэр. Һааска массыынатын мотуорун кыратык ыраастыыр кэмигэр, Катя тыа саҕатыгар тиийэн дьэдьэннээн кэллэ. Күлүккэ олорон сөрүүкээтилэр. Дьэдьэннэрин сиэтилэр, тус олохторун ыйыталастылар.
Сайын төһө да күнүһүн куйааһын иһин, түүнүн киһи дьагдьайар, тоҥор. Саатар иккиэн соно суох кэлбиттэр. Түүн сиргэ хонуохпут диэн хайалара даҕаны санаабатах буоллаҕа. Массыынаҕа олорон Катя тоҥон уолга сыһынна. Уол да хаалсыбата, бэйэтигэр ыксары тардан кууһан ылла. Ону-маны кэпсэтэн олорбохтуу түһэн баран Катя оргууй Һааска диэки хайыста. Суоппар уол ону эрэ кэтэһэн олорбуттуу кыыс обуйукаан уоһугар «түстэ». Кыыс өһөспөтүттэн эр ылан буолуо, илиитэ онон-манан «күүлэйдээн» ааста. Мөтөгөр түөһүн бобута туппахтаата. Иккиэн иирбит дуу, итирбит дуу икки ардынан турукка киирдилэр. Имэҥ минньигэс амтанын билбэтэхтэрэ ырааппыт икки эдэр сүрэх биир матыыпка холбоһон, күүскэ тэптилэр. Маарын тымныы салгынынан саба бүрүллэн турбут массыына иһэ итии хаан оонньооон, оргуйан түннүк тааһа бүтүннүү сиик буолла. Эдэр дьон маҥнай оргууй, онтон сэниэлээхтик уһуутаан киирэн бардылар. Сотору кэминэн иккиэн тэбис-тэҥҥэ налыс гыннылар. Сытан уоскуйа түһэн баран имэҥнэрэ эмиэ уһуктан, баҕалара баһыйан иккистээн өрө мөхсөн саҕалаатылар. Бу түүн кинилэргэ ким даҕаны мэһэйдээбэтин диэбиттии сырдыгын кистээн толору ый былыт кэннигэр саста. Хараҥаҕа саһан кинилэр иккиэн эрэ хааллылар…
Сибэкки ИОНОВА, “Саха Сирэ” хаһыат, www.edersaas.ru