Минньигэс сыырдаах Николай

Ааптар: 
23.05.2018
Бөлөххө киир:

Николай кыра эрдэҕиттэн бэрт боччумнаах, элбэх оҕолоох ыал улаханнара буолан олус эппиэтинэстээх, киэҥ толкуйдаах, туруоруммут сыалын хайаан да ситиһэн тэйэрэ. Николай Ефимов-Владимиров Арассыыйаҕа тиийэ биллэр сыырдаах “Өлүөхүмэ кыладабыайа” тэрилтэ дириэктэрэ. Ыраата барбакка, уһуну-киэҥи кэпсээбэккэ, кинилиин сэһэргэһиини ааҕыҥ.

edersaas.ru

 

“Харыйа быыһыттан…”

-Николай Александрович, бэйэҥ тускунан кыратык сэгэтэн ааһарыҥ буоллар.

—Кыыллаах (Өлүөхүмэ) нэһилиэгин биир кыра Даппарай дэриэбинэтигэр күн сирин көрбүтүм. Оскуолаҕа киириэхпэр диэри эһээбин кытта балыктаан, оттоон, сылгы, сүөһү көрсүбүтэ буолан, эбээбин кытта сир астаһан саппай уопса улааппытым. Кэлин күлэбин ээ, «харыйа быыһыттан тутан ылан сууйан-тараан, Кыыллаахха оскуолаҕа ыыппыттара» диэн. Ол да буоллар, оскуолабын туйгун сыананан бүтэрбитим.

“Кэлии эт, кытай хортуоската…”

-Биир дойдулаахтаргар уопуттаах урбаанньыт быһыытынан биллэҕин. Үлэҥ эйгэтин тоҕо уларытарга санаммыккыный?

—Устудьуоннуу сылдьан ыал буолбутум, уолламмыппыт. Биллэн турар, үп-харчы кырыымчык этэ, төрөппүттэрим да көмөлөһөр кыахтара суоҕа. Элбэх оҕолоох сопхуос үлэһиттэрэ хамнас диэни сылы-сыллаан көрбөт кэмнэрэ этэ. Эдэр исписэлиис быһыытынан олоҕум суолун талар кэм тирээн кэлбитигэр, тута харчы булар санаа баһыйан, кууһунан атыынан дьарыгырар кэмиэрчэскэй тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбитим. Сыл аҥаара үлэлээн, тыа сирин урбаанньыттара хайдах дьаһанан олороллорун билэн-көрөн баран, бэйэм ИП тэринэн, оччолорго, 65 тыһ. солк. доҕотторбуттан иэс, УАЗ массыынаны кирэдьииккэ ылан, дойдубар, Кыыллаахха маҕаһыын арыйбытым. Түүннэри-күнүстэри мөхсөн, биэс сыл иһигэр 7 маҕаһыыннаах, тутуунан дьарыктанар бөҕө туруктаах тэрилтэ буола улааппыппыт.

Ол сырыттахпына, оҕо эрдэхпинэ көрбүт уйаара-кэйээрэ биллибэт бурдук, хортуоппуй бааһыналара, толору механизациялаах ыанньык хотонноро быраҕыллан иччитэхсийэн, эрбэһининэн үүнэн эрэллэрэ сонньутар, санаарҕатар буолбута. «Житница Якутии» диэн аатырбыт Өлүөхүмэм дьоно кэлии эт, үүт, оннооҕор кытай хортуоппуйун, оҕуруотун аһын атыылаһан сиир буолбуттара толкуйдуурга күһэйбитэ. Тыабыт хаһаайыстыбата сайдыахтааҕар төттөрү түһэн, механизация барыта ыһыллан, былыргылыы илии үлэтигэр көспүтэ. Бэйэм маҥнайгы кылаастан сопхуос звенотугар оттообут, хортуоппуй хомууругар үлэлээбит, сүөһү көрүүтүн иһиттэн билэр буолан, төһө да үлэтэ ыараханын иһин, сөпкө дьаһаннахха, түмүктээх буолуохтаах диэн эрэл баара. 2010 сыллаахха 88-с федеральнай сокуон киирбитигэр биир дойдулаахтарым көрдөһүүлэринэн кэпэрэтиип тэрийэн үлэлэтэбин. Барыта эриэ-дэхси буолбатар да, маҥнайгы хардыылар саҕаламмыттара.

“Күрдьэх уонна биэдэрэ кэмэ ааспыта”

-Ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар сыстыбат, судургу олоҕу батыһар буолла дэһэллэр. Итиннэ туох санаалааххыный?

-Кырдьык, эдэр дьон тыа сиригэр хаалбат буолла диибит. Биллэн турар, күрдьэх уонна биэдэрэ туттаран баран хотоҥҥо, өҥүрүк куйааска, кыра кыамталаах хампарыйбыт тыраахтарга олордон бааһынаҕа үлэлээ диэтэххэ, ким сөбүлэһиэй? Оттон толору механизациялаах хотоҥҥо оператордаттахха, кондиционердаах джойстигынан салаллар улахан кыамталаах тыраахтарга олортоххо, ким сөбүлэниэ суоҕай? “Анаабыр аламаастара” генеральнай дириэктэрэ П.А. Маринычев оройуон, өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ тэрилтэтин — «Өлүөхүмэ кыладабыайын» салайарга ыҥырбытыгар уһуннук толкуйдаабакка сөбүлэспитим. Наука, тиэхиньикэ саҥа ситиһиилэрин үлэҕэ киллэрэн, тыа дьонун үлэтин чэпчэтэр, оҥорон таһаарыыны улаатыннарар сорукпун торорорго үлэлэспитим балтараа сыл буолла, кэккэ ситиһиилэр номнуо бааллар.

Бастакы нүөмэрдээх сыыр!

-“Өлүөхүмэ кыладабыайа” бүтүн Арассыыйаҕа тиийэ минньигэс сыырынан биллэр. Туймаада олохтоохторо Өлүөхүмэ сыырын күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа эрэ дэҥ кэриэтэ түбэстэхпитинэ амсайабыт, ханна атыыланарый диэн үгүстүк ыйыталлар.

-Тэрилтэбит «Өлүөхүмэ» сыыры оҥорон саҕалаабыта номнуо 15 сыл буолла. Сыллата биэстии туонна курдугунан эбэн иһэбит. Ол курдук, быйыл 48 туоннаҕа тиэрдэр былааннаахпыт. Бу сыыр тиэхэньиичэскэй усулуобуйатын (ырысыабын) бэйэбит технологтарбыт оҥорон таһаарбыттара, аан дойдуга ханна даҕаны суох ураты састааптаах, ыаммытынан үүттэн буһарыллар, 40 хонук устата ситэр. Кэмбинээппитигэр, уопсайа, 28 көрүҥ бородууксуйаны оҥорон таһаарабыт. Бу күннэргэ ыраас уу, морс кутар тэрили таҥа сылдьабыт.

Сыырдарбыт ситээттэрин кытта утары бүтэрэн иһэллэр, улуус ирдэбилин даҕаны ситэ толорбокко олоробут. Ол иһин Дьокуускайга ситимин быспакка ыытар кыахпыт суох, икки симиэнэнэн буһарарбыт үрдүнэн сыыр сыаҕын кыамтата тиийбэт. Былырыын “Илин Эҥэр” маҕаһыыҥҥа, “Сайсары” бааһынай ырыынагар, “Скиф” маҕаһыыннарыгар кыралаан ыыппыппыт. Быйыл улууспутугар даҕаны тиийбэт, уһун уочарат, онон түгэн көһүннэҕинэ, Дьокуускайга ыыта сатыахпыт.

Саҥа салайааччы саҥалыы көрүүлээх

-“Өлүөхүмэ кыладабыайа” салайааччытынан анаммытыҥ кылгас кэм ааста эрээри, номнуо балысхан уларытыылары киллэрдэ дэһэллэр.

-Балтараа сыл үлэлээтим. Сүрүн болҕомтону тэрилтэ материальнай баазата хаҥыырыгар уурабыт. Ас кэмбинээтин үүт сыаҕар хапытаалынай өрөмүөн ыыттыбыт, саҥа тэрил туруоран бу күннэргэ үлэҕэ киллэрээри сылдьабыт, производственнай баазабытыгар саҥа хочуолунай тутан, ОДьКХ ситимиттэн арахсан, номнуо кыстык устата икки мөлүйүөнтэн тахса барыһырдыбыт. Былырыын күһүн 240 төбө ыанньыкка толору механизированнай, 200 тарбыйах хотонун тутан үлэҕэ киллэрдибит. Билигин даҕаны үлэ элбэх.

15 сыл тохтоло суох үлэлии турар сыыр сыаҕын кыамтатын улаатыннарарга бизнес-былаан толкуйдаабыппыт эрээри, үп-харчы боппуруоһа кыайтарбат. Уопсайынан, былаан киэҥ. Барыта олоххо киирдэҕинэ, тэрилтэбит балаһыанната лаппа тупсуохтаах. Ол курдук, пиэрмэлэрбитин толору сүөһү аһылыгынан хааччыйыахтаахпыт, искусственнай сиэмэлээһининэн ынах төрүөҕүн сааһылаан, кыһыннары үүт ылары ситиһээри олоробут. Биир ынахтан былырыын 3000 киилэттэн тахса үүтү, бастыҥ ыанньыксыппыт Л.В.Бояркина 4000-тан тахса үүтү ыыры ситиспит буоллахпытына, итини лаппа куоһарар үлэ барар. Уонна үлэһиттэр хамнастарын үрдэтэр соруктаахпыт.

“Тыа сириттэн тэйбэппит”

-Баһырхай үлэ ситиһиллибит, былаан да үгүс эбит. Оҕолоргун кытта хаһан быыс булан алтыһаҕын? Аҕа быһыытынан төһө ирдэбиллээххиний?

— Оҕо киэҥ билиилээх эрэ буолбакка, дьону-сэргэни кытта алтыһа уонна айымньылаахтык толкуйдуу, туруоруммут сыалын ситиһэ улаатыахтаах. Олоххо көрсөр моһоллортон толлубат, быһаарар кыахтаах буолуохтаах. Куорат сорох ыала оҕо сахалыы билэрэ наадата, туһата суох диэн өйдөбүллээх. Мин саныахпар, норуотун историятын, төрөөбүт тылын билэр ыччат, оҕо хаһан баҕарар тирэхтээх, туруктаах, олоҕор ситиһиилээх буолар.

Оҕолорум сынньалаҥнарыгар Кыыллаахха кэлэллэр, номнуо күннэрин ааҕа олороллор. Куоракка дьиэҕэ хааллан олорор курдук буолуо дуо?! Кырылас кумахтаах өрүскэ дуоһуйа сөтүөлүүр, балыктыыр, сир астыыр, күп-күөх халлаан, чаҕылхай күн анныгар көҥүл сылдьар үчүгэйэ сүрдээх буоллаҕа! Уонна эбээ күөрчэҕэ, алаадьыта, быырпаҕа…

Уолаттарбын бэйэлэрин көмүскэнэр, эппит тылларын булгуччу толорор, “сатаабаппын”, “билбэппин” диэн толлон турбат буолалларын ирдиибин, оннук такайабын. Улахаммыт Аркадий — уон алтата. Номнуо улахан киһи, тиэхиньикэ буоллун, тутуу буоллун, кыраларын көрүү, такайыы буоллун, барытын билэр, төһүү көмөлөһөөччүм.

 

Сэмсэ тыл

Александр Артемьев, “Туймаада” АУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, Саха сирин бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциациятын бэрэсидьиэнэ:

— “Өлүөхүмэ кыладабыайа” уруккуттан таһаарыылаахтык үлэлиир, үтүө үгэстэрдээх хаһаайыстыба быһыытынан биллэр. Г.Е.Тергюлева курдук таһаарыылаах салайааччы кэнниттэн, онно Николай Александровиһы дириэктэринэн анаабыттара мээнэҕэ буолбатах. Кинини ити дуоһунаска толору эппиэттиир билиилээх-көрүүлээх, таһымнаах салайааччы быһыытынан сыаналыыбын. Үлэтин кэтээн көрөбүн, биһириибин. Эдэр, кэскиллээх киһи быһыытынан производствоҕа саҥаны киллэриигэ, хаһаайыстыба, дьон инникилээх буолуутугар үлэни-хамнаһы ыытар.

 

Олоҕун олуктара

Ефимов-Владимиров Николай Александрович

1980 с. кулун тутар 9 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

2002 с. М.К.Аммосов аатынан СГУ бүтэрэн «Филолог, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала» идэни ылбыта.

2007 с. «Үп-харчы уонна кирэдьиит» идэни баһылаабыта.

2002 сылтан СГУ устудьуоннарын Идэлээх сойуустарын холбоһугун бэрэссэдээтэлэ.

2005 с. “Ресурс-холдинг” ХЭУо дириэктэрин солбуйааччы.

2006 сылтан урбаанньыт.

2010 сылтан “Кыыллаах” ТХПК бэрэссэдээтэлэ.

2016 с. балаҕан ыйын 1 күнүттэн “Өлүөхүмэ кыладабыайа” ХЭУо генеральнай дириэктэрэ.

Кэргэннээх, үс оҕолоох.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар дьоруой тус архыыбыттан туһанылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0