Бу десерт олус судургутук астанар. Төрөппүккэ көмөлөһүннэрэн, оҕо бэйэтэ даҕаны оҥорон дьонун күндүлүөн сөп.
Эйиэхэ наада:
— 1 бааҥка сгущенка
— 400-500 грамм бэчиэнньэ (кытаанах соҕус буолара ордук)
— 2 ост. ньуоска какао.
Бэчиэнньэни илиигинэн бытархай гына үнтүрүтэҕин. Салапааҥҥа уган эбэтэр бэрчээккинэн үнтүрүтэр ордук.
Түгэхтээх иһиккэ сгущенканы, ол үрдүгэр какао бороһуогун кут уонна үчүгэйдик булкуй.
Какаолаах сгущенкаҕар бытарытыллыбыт бэчиэнньэни кут уонна үчүгэйдик булкуй.
Ас салапаанын түгэҕин көтүрэн остуолга тэнит. Ол үрдүгэр кытыытынан сгущенкалаах бэчиэнньэни уһун синньигэс гына кут.
Салапааҥҥа эргитэн суулаа, халбаһы форматынан уонна икки өттүнэн сабынан баай. 2-3 чаас морозилкаҕа, көнө сиргэ уур.
Бириэмэтэ аастаҕына таһааран халбаһы курдук кырбаа, дьоҥҥун күндүлээ.
Минньигэстик аһааҥ!
edersaas.ru