Министиэристибэ үрдүк үөрэх кыһалара сиэссийэни тэйиччиттэн ыыталларын көҥүллээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Арассыыйатааҕы үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ тэйиччиттэн үөрэҕи эбэтэр устудьуон бэйэтэ бэлэмнэниитин сэтинньи 8 күнүттэн салгыы уһатыан сөп, ону тэҥэ, устудьуоннар сиэссийэлэрин тэйиччиттэн туттарыахтарын сөп диэн ТАСС РФ Үрдүк үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтин иһитиннэриитигэр сигэнэн суруйар.

edersaas.ru

Эпидемиологическай балаһыанньаны учуоттаан, РФ Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтигэр бас бэринэр тэрилтэлэр үлэлэрин туһунан бирикээс тахсыбыта. 2021 сыл сэтинньи 8 күнүттэн үрдүк үөрэхтэр уонна билим тэрилтэлэрэ дистанционнай технологияны туһанан бэйэ үөрэниитин уонна тэйиччиттэн көрүҥүнэн үөрэниини салгыыр бырааптаахтар”, — диэн иһитиннэриигэ ыйыллар.

Ону таһынан, Арассыыйа үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэрэ сиэссийэни тэйиччиттэн олорон (дистанционно) ыытыахтарын сөп.

Устудьуоннар бэйэлэрэ бэлэмнэнэр буоллахтарына үөрэнээччилэри мэтэдиическэй өйөбүлүнэн хааччыйаллара уонна үс күн иннинэ үлэ кээмэйин туһунан билиһиннэрэллэрэ ирдэнэр. Итини сэргэ, үөрэх хаачыстыбата мөлтөөбөтүн инниттэн, бырагырааманы ситиһэн иһэллэрин хонтуруоллуур наада. “Үрдүк үөрэхтэр, устудьуоннар электроннай-информационнай эйгэҕэ хааччаҕа суох киирэллэрин хааччыйаллара уонна тэйиччиттэн үөрэх технологиятын хаачыстыбатын хонтуруоллууллара ирдэнэр”, — диэн иһитиннэриигэ суруллар.

edersaas.ru

Хаартыска: tvc.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0