Сакааһынан аһы-үөлү дьиэҕэ хайдах тиэрдэллэрий?

10.04.2020
Бөлөххө киир:

“Килиэп атыыластыҥ дуо?” диэн күннээҕи ыйытыы сотору кэминэн “нохоо, икки маҥан уонна биир бородинскайда сакаастаа эрэ, аадырыһын эйиэхэ ыыттым” диэн этиигэ кубулуйар чинчилээх.

Баҕар, сотору кэминэн тыыннааҕынан атыылыыр маҕаһыыннар, ырыынактар суох буолуохтарын сөп, барыта интэриниэккэ көһүө дииллэр. Оттон бүгүн бородуукталары сакааһынан дьиэҕэ тиэрдии өҥөтө төһө сайдан турар, хайдах оҥоһулларый? Бу туһунан “777” минимаркет управляющайын Марина Аммосованы кэпсииригэр көрдөстүбүт.

— Марина, эһиги маҕаһыыҥҥыт биэнсийэлээхтэргэ дьиэлэригэр ас тиэрдиини босхо оҥорор диэн истибиппит.

— Оннук. Дьаҥы утары охсуһуу тэрээһиннэрин кэмигэр үгүс дьоҥҥо ыарахан кэм бүрүүкээтэ, аччыгый уонна орто биисинэстээхтэргэ эрэ буолбатах. Бу балаһыанньаны киһи киһиэхэ үтүө сыһыанынан уонна уопсастыбаҕа туһалааҕы оҥорон эрэ арыый чэпчэтиэххэ сөп диэн толкуйдаахпыт.

Вирус саастаах дьоҥҥо ордук кутталлаах, ол иһин бу аахсыйабыт дьаҥ утары охсуһууга биһиги кылааппыт буолар. Биһиги бары төрөппүттэрдээхпит, кырдьаҕас дьонноохпут, онон кинилэри харыстыырга бары туруннахпытына сатанар.

— Бу аахсыйаҕыт дьаҥ кэнниттэн салҕанан барыа дуо?

— Буолуон сөп, ол эрээри билигин инникини билгэлииргэ уустук кэм. Киһи тыыннааҕын тухары аска-таҥаска наадыйар, биллэн турар, дьон маҕаһыыҥҥа сылдьалларын тохтотуохтара суоҕа, ол гынан баран, ас атыылыыр маҕаһыыннар бары ордон хаалаллара саарбах. Интэриниэтинэн аһы атыылааһын, тиэрдии өҥөтө өссө балысханнык сайдар чинчилээх, ол иһин биһиги бу хайысхаҕа күүскэ үлэлэһэбит. Үлэбитин атын быһыылаахтык ыытарга тута уларыйан иһэбит.

— Сакаастары хайдах быһыылаахтык ылаҕыт?

— Бастатан туран, дьон, атыылаһааччы биһигини билэрин туһугар киэҥ араҥаҕа, маассабай информацияны тарҕатар бары площадкаларга бэйэбит туһунан кэпсиибит, сырдатабыт. Бородуукталарга сакаастары «Инстаграмҥа» @777minimarket_ykt страницатыгар, батсаап 89248677959 нүөмэригэр, төлөпүөнүнэн — 84112450005 (Ярославскай уул. 3/1г), 84112218818 (Губина уул. 2В), 84112210028 (Б. Чижика уул. 33Бс1)ылабыт. Маны таһынан, http://777minimarket.tilda.ws сайт үлэтин саҕалаата, манна киирэн талбыт бородууктаҕын, бытовой химияны талыахха сөп, дьиэттэн олорон үлэһэргэ наһаа табыгастаах.

— Оттон дьон сайаапката хайдах хомуллан тиэрдиллэрий? Табаардары ыскылааттан ылаҕыт дуо?

— Суох, маҕаһыын үлэһитэ, мааскалаах, бэрчээккэлээх, обработкаламмыт корзинаҕа атыылаһааччы үлэспит испииһэгинэн бородуукталарын хомуйар уонна тиэрдэн биэрии сулууспатыгар туттарар.

— Оттон ити сакаастары аадырыстарга ким тарҕатар?

— Биһиги бэйэбит уонна курьердарга үлэһэбит. Курьердары таларбытыгар сүрүн ирдэбилбитинэн санитарнай нуормалары толороллорун, харыстаныыны тутуһалларын туруорбуппут. Харантыын саҕаланаатын кытта биһиги элбэх дезинфекциялыыр убаҕастары, антисептиктары, бэрчээккэлэри ылынан хаһааммыппыт, мааскалары тиктэрбиппит. Ол саҕана куоракка ханна да суоҕа, биһиги эрэ маҕаһыыммытыгар баара, билигин даҕаны бу барыта атыыга баар.

— Дьаҥ саҕана бу саамай атыыга барар табаар буолуо ээ?

— Оннук, биир саамай атыыланар.

— Оттон ханнык табаар атыыта инники күөҥҥэ иһэр?

— Биллэн турар, килиэп. Килиэбэ суох биир да атыылаһааччы маҕаһыынтан тахсыбат, төһө да атын элбэх бородууктаны ыллар.

— Интэриниэт-маҕаһыыҥҥа табаар сыаната хайдаҕый?

— Маҕаһыыҥҥа курдук, уларыйбат. Биһиги сурутааччыларбыт страницабытыгар таһаарар бары аахсыйаларбытын, оонньууларбытын, чэпчэтиилэрбитин билэ олороллор, ону көрөн атыылаһаллар. Хас 77-с атыылаһааччыга бэлэх биэрэбит. Маҕаһыыммыт аатын боруостуур буоллахпыт (күлэр).

— Харантыын кэмигэр маҕаһыыннаргытыгар атыылаһааччы төһө аҕыйаата?

— Биллэн турар, аҕыйаатылар, хааччахтааһын күн ахсын күүһүрэн иһэр дии. Ол да буоллар, куруутун сылдьар атыылаһааччыларбыт кэлэ тураллар, манна күн аайы сибиэһэй бурдук ас, полуфабрикаттар саҥардыллалларын, эт, үүт ас олохтоох оҥорон таһаарааччылартан киирэ турарын билэллэр.

— Хаачыстыба туһунан кэпсэттэххэ, интэриниэтинэн атыылаһыыга туһаныллар болдьоҕо ааспыт бородууктаны уган ыытыахтарын сөп диэн сорох сэрэхтээх дьон саарбахтыыллар.

— Оннук хайдах да сатаммат, биһиги бэйэбит ааппытын-суолбутун харыстыыбыт, онон бородууктабыт хаачыстыбатыгар улахан болҕомто уурабыт. Ол иһин биһиги атыылаһааччыларбыт биһигиттэн атын сиргэ барбаттар.

— Интэриниэтинэн атыылаһааччы ахсаана төһө элбээтэ? Сүрүн атыылаһааччыгыт кимий?

— Атыылаһааччыларбыт күн-түүн эбиллэ тураллар, ол иһин олохтоох курьердар өҥөлөрүнэн туһанан саҕалаатыбыт. Сүрүннээн интэриниэтинэн туһана үөрүйэх, сайдыылаах дьон үлэһэллэр. Сотору соҕус атыылаһааччыларбытыгар анаан бонустары толкуйдуохпут, баҕар инникитин кулууп арыйан үчүгэй чэпчэтиилэри оҥоруохпут.

— Сайаапкалары кытта хайдах үлэлиигит?

— Хас киирбит сайаапканы бэрэбиэркэлээн баран үлэһээччибитигэр утары эрийэн тиийэн табаардары чопчулуубут. Сакаас балтараа чаас иһигэр тиэрдиллэр, хойутаары гыннахпытына эрийэн сэрэтэбит. Төлөбүрү үксүн мобильнай баан нөҥүө ылабыт.

— Сайаапкалар үксүн хайдах киирэллэрий?

— Батсаап нөҥүө ордук элбэхтик суруйаллар.

— Биэнсийэлээхтэргэ бородуукталарын босхо тиэрдии иһин махтал тылларын истээччигит дуо?

— Махтаналлар бөҕө буоллаҕа дии. Саастаах дьон үөрэр, алҕыыр. Ардыгар: “Курьерга эбии харчынан бириэмийэлээн, миэхэ почтабын киллэрэн биэрдэ” эбэтэр “Бөхпүн таһааран тохто” диэн ис хоһоонноох иһитиннэриилэр батсаабынан кэлэллэр. Бэйэ-бэйэҕэ болҕомтолоохтук сыһыаннастахха, кыамматтарга, мөлтөхтөргө көмөлөстөххө эрэ олохпут урукку оннугар түһүө дии саныыбын.

— Харантыын устатыгар дьон онлайн атыылаһыыга үөрэнэн хаалыахтара суоҕа дуо?

— Дьиэттэн олорон атыылаһыыны сэргиэхтэрин сөп. Бу — аныгы кэм ирдэбилэ.

— Кэпсээниҥ иһин махтанабын, үлэҕитигэр ситиһиилэри.


«777» минимаркет маҕаһыыннарыгар бородуукталары маннык нүөмэрдэринэн үлэһиэххитин сөп:

84112450005 (Ярославскай уул. 3/1г),

84112218818 (Губина уул. 2В),

84112210028 (Б. Чижика уул. 33Бс1)

Сайт аадырыһа: http://777minimarket.tilda.ws

Батсаап: 79248677959

#минимаркет»777″ #бесконтактная доставкавякутске #стопкоронавирусякутск

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0