Миниистир Владимир Егоров ыраахтан олорон үөрэнии туһунан кэпсиэҕэ
25.03.2020
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар сынньалаҥ түмүктэнэн эрэр. Оҕолор салгыы ыраахтан (дистанционно) олорон үөрэниэхтээхтэр. Маныаха кэккэ ыйытыы үгүс.
Онон сибээстээн, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров сарсын, кулун тутар 26 күнүгэр сарсыарда 7 чаас 45 мүнүүтэҕэ Якутия 24 ханаалга “Актуальное интервью” биэриигэ тахсыаҕа. Манна миниистир оскуола үөрэнээччилэригэр ыраахтан (дистанционно) үөрэтии хайдах барыан, оскуолалар, учууталлар төһө бэлэмнэрин, үөрэнээччи, төрөппүт тугу билэрэ ирдэнэрин, уо.д.а. туһунан кэпсиэҕэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1