Миниистир Петр Шамаев: «Түмсүү – олохпут төрдө»

19.12.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Петр Шамаев тиксэриитэ

КЫччаты кытта күннэтэ үлэлиир лиидэр, СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияҕа миниистир Петр Шамаевы кытта кэпсэттим. Министиэристибэ ыччат бэлиитикэтин хайдах ыытарын туһунан, ону таһынан, бэйэтин тус санааларын-көрүүлэрин билсиэххэйиҥ эрэ.

Тыа сиригэр үлэ баар

– Петр Витальевич, кэпсэтиибитин ыытыллар үлэттэн-хамнастан саҕалыахха…

– Биһиги үлэбит сүрүн сыала – Саха сирин ыччатын түмүү. Хаһан баҕарар ыччат олус элбэх ыйытыылаах буолар. Онон кинини кытта сирэй көрсөн олорон кэпсэтэргэ кыһаллабыт.

“За нас! За победу” диэн ыччат десана билиҥҥи туругунан 14 улууһу кэрийдэ. Манна ыччат тыа сиригэр дьон-сэргэ хайдах олорорун, туох кыһалҕалааҕын көрөр. Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, араас эби­йиэктэри тутууга көмөлөһөллөр. Аҥаардас тылынан эрэ буолбакка, дьыаланан барытыгар кытыннара, угуйа сатыыбыт. Кинилэр от да охсон көрдүлэр, күрүө, хотон да туттулар.

Иһиттэххэ боростуой курдук эрээри, оптуобустан тахсан сонурҕаан ынахтары кытта хаартыскаҕа түһэр оҕолор кытта бааллар. Итинник тыа сиригэр сырыттахтарына, алтыһан, билсэн үлэҕэ да ыҥыран кэбиһиэхтэрин сөп. Ыччаттар бэйэлэрэ да көрөллөр буоллаҕа: бу нэһилиэккэ учуутал, култуура үлэһитэ, буҕаалтыр наадалар эбит диэн. Мантан сиэттэрэн эттэххэ, десант үлэтэ-хамнаһа кинилэргэ улахан көдьүүстээх буолар.

Хаартыска: Петр Шамаев тиксэриитэ.
Барыларын кытта…

– Ыччат ханнык тэрилтэлэрин кытта ыкса үлэлэһэҕит?

– “Zema”, тутар этэрээттэр, устудьуоннар уопсайдарын холбоһуктаах сэбиэтэ (ОССО), устудьуоннар идэлээх сойуустара курдук ыччат тэрилтэлэрин кытта үлэлэһэбит. Барыларын кытта алтыһабыт. Ил Түмэн ыччат парламенын кытта биир хайысханы тутуһабыт. Күн бүгүн хаһааҥҥытааҕар даҕаны түмсэн, өйөнсөн үлэлиир кэммит кэллэ. Оччотугар биирдэ ситиһиилэр, кыайыылар баар буолуохтара.

Саамай сүрүнэ, кыттыахха наада

– Ыччакка сыһыан­наах бырайыактары хайдах өйүүгүт?

– Ыччат грант суру­йуон наада. Ил Дархан гранын Ыччат министиэристибэтэ оҥорор. Былырыыҥҥы 117 мөл. солк. суумалаах этэ.  Бу манна кыттарга, биллэн турар, баҕа наада. Саамай сүрүнэ,  ирдэбил быһыытынан уопсастыбаннай тэрилтэ уонна быра­йыактара социальнай хайысхалаах буо­луохтаах. Ханнык эмэ кыһалҕаны быһаарар туһуттан бырайыак суруллар. Кыайыылаахтары эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай 40-ча эспиэр быһаарар.

Октябреноктар, пионердар оннуларыгар…

– Арассыыйа үрдүнэн “Бастыҥнар хамсааһыннара” диэн тэриллэн бэркэ үлэлээн эрэр.

–“Бастыҥнар хамсаа­һыннара”  диэн Бүтүн Арассыы­йатааҕы уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай хамсааһын, оҕолор, ыччаттар тэрилтэлэрин түмэр федеральнай быра­йыак. Сэбиэскэй Сойууска октябреноктар, пионердар, хомсомуол­лар бааллара.  Ол курдук, ити өйдөбүллэр уларыта тутууну кытта симэлийдэллэр да, билигин оскуолаларга маныаха ханыылыы үлэлэр бараллар. “Бастыҥнар хамсааһыннара» бастакы хардыыларын оҥорон күүскэ үлэлээн эрэллэр диэн бэлиэтиэххэ сөп. Бу бырайыак учредителлэринэн Росмолодежь диэн ыччаты өйүүр уонна сайыннарар сыаллаах Федеральнай ааҕыныстыба уонна РФ Үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтэ буолаллар. Бырайыак орто үөрэхтэргэ тарҕана сылдьар, кэлин үрдүк да үөрэхтэргэ сайдыаҕа.

Таптаа, алҕаа, байыт ытык сиргин

– “Табыс” ыччат бэсти­бээлэ быйыл ыытыллыбатаҕа. Эһиил ыытыллыа дуо?

– Бэстибээл бырагыраамата үс хайысхалаах: дьыала, успуорт уонна култуура. Бу тэрээһин дьыалабыай бырагырааматынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай ыччат бэ­­лиитикэтин эйгэтин бастыҥ үлэһитин быһаарар куонкурус эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ буолар. Бэстибээл түмүгэр муниципальнай уорганнар ыччаты кытта үлэҕэ бастыҥ салайааччы уонна исписэлиис ааттаналлар. Салгыы кинилэр өрөспүүбүлүкэ аатыттан Арассыыйа таһымыгар күрэхтэһэллэр. Маны тэҥэ ыҥырыылаах эспиэртэр кэ­­лэллэр уонна араас хабаан­наах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Култуурунай бырагы­раамаҕа диэн норуот айымньытын уус-уран быыстапкатыгар куонкуруска, миниатюра көрдөрүүтүгэр, гитаранан ырыаҕа ыччат күрэхтэһэр.

Эһиил хайаан даҕаны ыытыахпыт. Бары араҥаны хабар улахан тэрээһиннэри тэрийэргэ дьулуһабыт. Онно дойдуга бэриниилээх буолуу санаата улахан миэстэни ылар.

Элбэҕи оҥорор кыахтаахтар

– Билиҥҥи ыччаты хайдах сыаналыыгын?

– Ыччат кыаҕын сыаналаабат, кэрэни, кэскиллээҕи ыралыырыгар итэҕэйбэт түгэннэр баалларыгар сөпсөспөппүн. Мин ыччаттар инникилэрэ сырдык буоларыгар, улаатан, өйдөрө-санаалара тобуллан, сайдыы саҥа саҕахтарыгар эрэл­лээхтик хардыылыахтарыгар бигэтик эрэнэбин.

Ыччаты кытта күннэтэ үлэлиир буоламмын, кинилэр биһигиннээҕэр элбэҕи оҥорор кыахтаахтар диэн чопчу этэбин. Билиҥҥи ыччат олус үлэһит.

Киини тэрийии

– Инники былааҥҥытыгар туох идиэйэ, сорук баарый?

– Ханнык баҕарар тэрээһини ыытарга элбэх үп-харчы наада. Быйыл куонкурустаһан, үс сылга 98 мөл. солк. сүүйбүппүт. Биир саамай улахан ыра санаабытынан, былааммытынан Ыччат киинин тэри­йии буолар. Бу киин ыччакка элбэҕи да биэриэ, түстүө, туох баар эйгэ барыта манна хомуллуо этэ. Ыччат ханнык баҕарар кыһалҕатын бэйэтин үөлээннээхтэрин кытта бы­­һаарар, идиэйэтин этэр-тыынар бэртээхэй былаһааккатынан буолуо этэ.

Ыччаты кытта уонтан тахсан сыл ыкса үлэлээбит  Петр Виталиевич Бүлүү улууһун Тааһаҕарыттан төрүттээх.  Тыа  сиригэр буһан-хатан, үүнэн-сайдан тахсыбыт эдэр салайааччы буолар. Кини төлөпүөнүгэр кырачаан оҕолоро сахалыы саҥаран чуопчааралларын астына көрдөрдө, кэпсээтэ. Ыал амарах аҕата саха ыччатын туһунан анааран, ырытан кэпсиирин олус сэргээтим. Ыччат лиидэригэр үлэтигэр-хамнаһыгар ситиһиилэри, дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну баҕарабыт!

Эльдар Садовников.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0