Миниистир Левин: «ГРЭС-2 күһүҥҥүттэн үлэлиэҕэ»

31.05.2017
Бөлөххө киир:

Оттук сезона түмүктэнэн, энергетиктэр уонна коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ кэлэр кыстыкка бэлэмнэнэн барыахтара. Хоту улуустарга таһаҕаһы тиэйии кыһалҕатын, «ОДьКХ» ГУП иэһин-күүһүн, коммунальнай хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын туһунан СӨ дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергетикэ миниистирэ Гаврил Левини көрсөн кэпсэттибит.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-quote-left» color=»pink» add_icon=»true»]— «Сыарҕаны сайын бэлэмнииллэр» диэн нуучча өһүн хоһооно этэринии, номнуо кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланан эрэр. Оттон быйылгы кыстыгы хайдах түмүктээтибит? Дьолго, улахан саахал тахсыбата...

– Балаһыанньа ортоһуор диэн сыаналыам этэ. Барыллааһын түмүктэри билиһиннэрдэххэ, 109 технологическай кэһии бэлиэтэннэ уонна 5 саахал тахса сырытта, ол иһигэр Мархаҕа, Уус Алдаҥҥа, Уус Маайаҕа, Алдаҥҥа, Зырянкаҕа. Кырдьык, ити эһиги сөпкө бэлиэтээтигит, улахан саахал тахсыбата.

Арай кыһыҥҥы суолунан таһаҕаһы тиэйиигэ кэккэ ыарахаттар үөскүү сылдьыбыттара. Хотугулуу-илиҥҥи улуустарга халыҥ хаар түһэн уонна үрэхтэр, өрүс­тэр үчүгэйдик тоҥмокко, массыына суола хойутаан, тохсунньуга, олунньуга биирдэ аһылыннылар. Үрэхтэр, өрүстэр муустара чараас буолан, улахан уйуктаах массыыналар туоруур кыахтара суох этэ. Инньэ гынан, сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга сыарҕа үрдүттэн олоруу балаһыанньата үөскээбитэ. Ол да буоллар, туһааннаах оттук миэстэлэринэн тиэрдилиннэ. Арай Орто Халымаҕа былааммытын толорботубут.

Дьиҥэр, хоту улуустарга икки сыллааҕы саппаас таһаҕаһы илдьэбит. Тиэллэн тиийиитинэн итинник уһаан-кэҥээн тахсар. Аны күн-дьыл туруга уларыйан, айылҕа өттүттэн кэтэһиллибэтэх түгэннэр тахсаллар. Навигация кэмигэр хоту өрүстэр ууларын таһыма түһэн, эмиэ ыксаталыыр. Оттон кыһынын өрүстэр уонна үрэхтэр тоҥон биэрбэккэ моһуоктууллар.

Былырыын «Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба» ГУП Амма сэлиэнньэтигэр 12,5 МВт кыамталаах, Ньурба куоракка «Амакинка», «Новая -1» уонна да атын нэһилиэктэргэ саҥа хочуолунайдары тутан үлэҕэ киллэрбитэ. Дьэ, быйыл төһө хочуолунай тутуллара былааннанар.

– Ааспыт сылга 41 хочуолунайы үлэҕэ киллэрбиппит. «Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба» ГУП үбүн-харчытын туруга ыарахан буолан, инвестиционнай бырагырааматыгар мораторий биллэрдибит. Икки сылга болдьохтоон. Онон саҥа тутуулар тохтотулуннулар. Ол эрээри тутуллан бүтэн эрэр, 70 – 80%-ра бэлэм турар эбийиэктэри салгыы тутуохпут. 2017 сылга 36 – 38 хочуолунайы киллэрэргэ былааннаан олоробут.

Саҥа технологиянан оҥоһуллубут хочуоллары туһаныы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хайдаҕый?

– Бу өттүгэр сөптөөх үлэни ыытабыт. Ол курдук, «Армон» ХЭУо термо-робот хочуоллары Мэҥэ Хаҥалас Лоомтукатыгар туруоран, үһүс сылын үлэлэтэр. Биллэн турар, кыамтата дьоҕус. Былырыын сэттэ хочуолунайы тутан киллэрдэ. Бэйэтин үбүгэр. Хаҥалас уонна Таатта улууһун Харбалааҕын хара чоҕор үчүгэйдик үлэлииллэрин толору итэҕэттилэр. Салгыы Кировскай уонна Кэмпэндээйи таас чоҕор хайдахтарын бэрэбиэркэлиэхпит. «ОДьКХ» ГУП эмиэ итинник хочуоллары ылан боруобалаары гынар.

– Чааһынай дьиэлэри киин ити­тэр ситимҥэ холбооһун күүскэ ыытылла турар. Сорох нэһилиэктэр олорор дьиэлэрин барыларын холбоотулар.

– 2012 сылтан саҕалаан коммунальнай өҥө хаачыстыбатын үрдэтии диэн судаарыстыбаннай бырагыраама быһыытынан үлэлии олоробут. Бу чэрчитинэн, бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хас даҕаны тыһыынча чааһынай дьиэни киин ититэр ситимҥэ холбууру ситистибит. Тыа сиригэр сүнньүнэн холбуубут. 2016 сылга 2209 дьиэ ититиигэ холбоммута. Бүлүү умнаһын улуустарыгар ГЭС баарынан сибээстээн, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга уонна Ньурбаҕа дьиэни уотунан ититиигэ көһөрүү үлэтэ бара турар. Бу эмиэ дьон олоҕун тупсарыыга аналлаах тэрээһин буолар. Анал бырагыраама салгыы үлэлиэҕэ. Ол курдук, хочуолунайдар кыамталара эппиэттиир нэһилиэктэригэр дьиэлэри киин ититэр ситимҥэ холбооһун кэлэр сылларга даҕаны салҕаныаҕа.

Сүүстэн тахса ыал СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин салаатынан ититиигэ холбоноллоругар субсидиянан туһаммыттара. Ити быйыл эмиэ салҕанан барыаҕа. Билигин механизмын арыый да уларытан биэрдибит. «Алмаасэргиэнбаан» нөҥүө олорор дьиэни тупсаран оҥостууга 7%-наах кирэдьиит бэриллэн, Горнай, Бүлүү, Таатта улуустара хото туһаннылар.

– Гаврил Прокопьевич, уотунан ититии боппуруоһун таарыйбычча, маннык ыйытыылаахпын. Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба олохтоохторо бары кэриэтэ уотунан ититиигэ холбонуохтарын баҕараллар. Ол эрээри уот кыамтата намыһах диэн, кэлиҥҥи өттүгэр сайаапкаҕа аккаастыыр буоллулар.

– Оннук баар. Сүрүн подстанциялар сабыылааҕынан ааҕыллан тураллар. Инньэ гынан Бүлүү, Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар хааччахтааһын баар. 220 кВ үрдүк күүрүүлээх уот ситимин салгыы тутууга үлэ барар турар. Федеральнай министиэристибэлэри кытары үлэлэһэн, «Дальневосточная энергетическая управляющая компания» АУо инвестиционнай бырагырааматыгар киллэрэн, 220 кВ кыамталаах уот ситимин үһүс-төрдүс түһүмэҕин тутууга бырайыак оҥоро сылдьаллар.

Эмиэ «Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба» тэрилтэ боппуруоһугар эргиллиэххэ. Кэлиҥҥи сылларга тэрилтэ Европатааҕы баан көмөтүнэн хочуолунайдары тутууга, ититии ситимнэрин саҥардыыга киэҥ далааһыннаах үлэни ыытта. Ол эрээри үгүс иэскэ-күүскэ илиилэри-атахтары баайыллан, билигин балаһыанньата кытаатта…

– Тэрилтэ 28 производственнай филиаллаах. Үлэһитин ахсаана эмиэ элбэх. Кэнники үс сылга үбүн-харчытын туруга мөлтөөн, иэһэ-күүһэ элбээтэ. Ити сүрүн биричиинэлэринэн, тарыып таһыма тиийбэтэ, ол аата намыһаҕа уонна кылгас болдьохтоох кирэдьииттэрин кэмигэр төнүннэрбэтэҕэ буолар. Хоту таһаҕаһы тиэйиигэ үлүгэрдээх харчы ороскуоттанар. Маны барытын кирэдьиит суотугар ыыталлар. Иккиһинэн, кирэдьиит ылан саҥа хочуолунайдары, ититии ситимнэрин тутан үлэҕэ киллэрдилэр. 2012 сылтан саҕалаан 240 хочуолунай үлэҕэ киирдэ, 127 хаарбах хочуолунай сабылынна. 600-кэ социальнай эбийиэктэр киин ититиигэ холбоннулар. Саахал тахсыыта түөрт төгүл кыччаата.

Былырыын тэрилтэ үлэтигэр чэбдигирдиини ыытар туһунан дьаһал тахсыбыта. Иэс суумата аһара улахан. Киһи биир-икки сылынан быһаарбат дьыалата диэн этиэм этэ.

– Өрөспүүбүлүкэҕэ баараҕай суолталаах энергетическэй тутуу үлэҕэ киирээри турар. Дьэ, кэтэһиилээх-манаһыылаах иккис нүөмэрдээх ГРЭС кэлэр кыстыкка олохтоохтору уотунан, сылааһынан хааччыйыа дуо?

– Билигин үлэлии турар «кырдьаҕас» ГРЭС эргэрдэ. Бэйэтин кэмин сулууспалаата. Эргэ станцияны солбуйуохтаах станция билигин 90-94%-на бэлэм турар. Дьиҥэр, баараҕай суолталаах тутуу 2016 сыллаахха үлэҕэ киллэриллиэхтээх этэ. Ол эрээри оборудованиены аҕалыы итиэннэ үбүлээһин боппуруостарыгар ыарахаттар үөскээн, тутуу бытаарбыта. Бырайыак быһыытынан, инженернэй инфраструктуратын, суолун-ииһин тутуу үбүлээһинин барытын “Илиҥҥи энергетическэй ситимнэр РАУо” бэйэтигэр ылыммыта.

Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, атырдьах ыйыгар, биитэр балаҕан ыйыгар үлэтин саҕалыаҕа. Онон, Дьокуускай куорат уонна илин эҥэр улуустар олохтоохторо эрэллээхтик уотунан уонна сылааһынан хааччыллыахтара диэн бүк эрэллээхпит.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0