Миниистир ханна анаалыһы туттарары кэпсээтэ

Бөлөххө киир:

Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова социальнай ситимнэргэ аһаҕас эпиир кэмигэр ыйытыыларга хоруйдаата. Үгүс ыйытыы сайыҥҥы кэмҥэ коронавируска анаалыһы хайдах, ханна туттарар туһунан буолла.

edersaas.ru

Миниистир эппитинэн, Роспотребнадзор ирдэбилинэн, коронавируска анаалыһы хантаактаспыт уонна ыалдьыбыт эрэ дьоҥҥо босхо оҥороллор. Бэйэҥ баҕаҕынан анаалыс туттарыаххын баҕардаххына, төлөбүрдээх буолар.

Анаалыс икки көрүҥнээх. ПЦР (полимераная цепная реакция) анаалыһы ыалдьыбыт, хантаактаспыт дьоҥҥо босхо оҥороллор. Атыттар 3-с нүөмэрдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа, СПИД-кииҥҥэ баран, төлөбүрдээх анаалыһы тутарыахтарын сөп.

Иккис көрүҥ — “антитела” быһаарар анаалыһы ХИФУ медкилииникэтэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии-венерологическай диспансер оҥороллор. Бу анаалыс урут бу инфекциянан ыалдьа сылдьыбыккын, билигин ыалдьаргын көрдөрөр. Анаалыс сыаната – 1500-1800 солкуобай.

Мэдиссиинэ үлэһиттэригэр бары поликлиникаларга “антитела” анаалыһын босхо оҥороллор.

Сайын кэлэн, каникул, уоппуска кэмигэр үгүс дьон улуустарга барарга бэлэмнэнэллэр. Атын дойдуларга, эрэгийиэннэргэ барар кыах суох буоллаҕына, куоракка, итии кыбартыыраҕа сытыахтааҕар, тыа сиригэр баран сынньанары ордороллор, оҕолорун эмиэ ыыталлар. Манна улуустар коронавируска анаалыһы ирдээн эрэллэр. Кинилэри өйдүөххэ сөп, ыарыы тарҕанар куттала улахан. Онон маннык анаалыстары туттарыы өссө табыгастаах, чэпчэки, түргэн буолара буоллар диэн дьон миниистиртэн көрдөстүлэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0