Миниистир Гаврил Кириллин: «Саха сирэ тас дойдулары кытары сибээһэ кэҥиир»
2018 сыллаахха СӨ Тас сибээскэ департамена уларытыллан, министиэристибэ буолбута. Миниистиринэн эдэр үлэһит Гаврил Кириллин анаммыта. Бүгүн кинини кытары атах тэпсэн олорон, тус бэйэтин, кимтэн кииннээҕин, үлэтин-хамнаһын туһунан сэһэргэстибит.
СУРУНАЛЫЫС БУОЛАР БАҔАЛААҔЫМ
— Аҕам Ньурба Маалыкайыттан, ийэм Намтан төрүттээх. Мин 1981 сыллаахха Дьокуускайга төрөөбүтүм. Куорат 22-с оскуолатыгар үөрэммитим. Омук тылын үөрэтиим үлэбэр, дьылҕабар улахан оруоллаах. Ол курдук, бэһистэн ангылычаан тылын үөрэппиппит. Ону наһаа кэрэхсээбитим. Эбии дьарыкка сылдьыбытым.
Гуманитарнай лиссиэйгэ киирэрбэр ол туһалаабыта. Ангылычаан тылын сэргэ, ньиэмэс тыла баара. Өссө бэйэм баҕабынан үөрэтэн, француз, испания, дьоппуон тылларынан
быһаарсабын. Уолаттар лүөччүк, космонавт буолуохтарын баҕарар буоллахтарына, мин хас да омук тылынан саҥарар, суруйар суруналыыс буолуохпун баҕарарым. Тэлэбиисэргэ
«Международная панорама» биэриини көтүппэккэ көрөрүм, — диэн миниистир оҕо сааһыттан билиһиннэрдэ.
ХАҺЫАТ ЭРЭДЭЭКТЭРЭ
— Хабаровскайдааҕы педагогическай университекка кытай, ангылычаан тылларын үөрэппитим. Устудьуоннар «Мост» диэн хаһыаттаах этибит. Онно эрэдээктэрдээбитим. Саха сириттэн үөрэнэр устудьуоннары түмэр «Хардыы» диэн ассоциацияламмыппыт. Аны Кытайга стажировкаҕа сылдьарбыт. Ону барытын хаһыакка сырдатарым. Ыччат сэргиирэ, кэрэхсиирэ.
МИНИИСТИР КЭЛЛИЭКСИЙЭТЭ
— Эн үлэҥ таһынан сөбүлүүр дьарыктааххын дуо?
— Устуоруйаҕа киирбит улуу дьон, аан дойду олоҕун-дьаһаҕын туһунан сөбүлээн ааҕабын. Кинигэ маҕаһыынын таһынан таах ааспаппын. Бу күннэргэ Александр Македонскай, Джордж Буш, Мадлен Олбрайт тустарынан кинигэлэри ааҕан бүтэрдим. Билигин Великобритания премьер-миниистирэ, бэлиитик Уинстон Черчилль туһунан ааҕан саҕалаатым.
Бириэмэ көһүннэҕинэ, айаннаан иһэн, кинигэҕэ түһэр идэлээхпин.
Итини сэргэ, тас дойдулар харчыларын мунньабын. Ханнык дойду харчыта буоларынан устуоруйатын үөрэтэбин. Кэллиэксийэм балачча улахан. Биирдэ эмэ да буоллар,
быыстапкаҕа кыттабын. Биир интэриэстээхтэр санаабытын үллэстэ, сонуну кэпсэтэ, билсэ олоробут.
ДЬИЭ КЭРГЭНИМ – МИН ӨЙӨБҮЛҮМ
— Өрөбүлбүн дьиэ кэргэммин кытары атаарарга кыһаллабын. Ичигэс кэмҥэ айылҕаҕа сылдьабыт, сибиэһэй салгынынан тыынабыт. Кэргэним Полина Валерьевна – УЗИ бырааһа. Улахан уолбут Эрхан 12-тэ. Устуоруйаны, тас дойдулар тустарынан сэргээн ааҕар. Сулустаан 10 саастаах. Ахсааны сөбүлүүр.
СҮГЭ КЫАЙБАТАҔЫН СҮБЭ ХОТОР
— Тас сибээс министиэристибэ туох сыаллаах-соруктаах үлэлиирин ааҕааччыларбыт сэҥээрэллэр.
— СӨ Тас сыһыаҥҥа уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин үлэтигэр тас дойдулары кытта ситими ыкса олохтооһун, билии-көрүү үөрүйэҕин атастаһыы, култуураны билиһиннэрии киирэр. Министиэристибэҕэ тас дойдулары кытары атыыгаэргиэҥҥэ, экспорка, быыстапкалары тэрийиигэ саҥа боломуочуйа бэриллибитэ. Итиннэ үлэлэһэргэ
эппиэттээх саҥа отделлар тэриллибиттэрэ.
Элбэхтэн аҕыйах холобуру аҕаллахха, Кытайы, Японияны, Кэриэйэни, Канаданы, Американы, Индияны, о.д.а. дойдулары кытары бииргэ үлэ бөҕөргөөн, киэҥ далааһыннанан иһэр. Тас дойдуга олохсуйбут, үөрэнэр дойдулаахтарбытын кытта тиһиктээх үлэ салҕанар.
Туспа үлэлиир хайысхабыт национальнай бэлиитикэ буолар. Ол аата, Саха сиригэр олорор норуоттары түмэргэ, диаспоралары, миграннары кытта үлэ, казачество, итэҕэл, аҕыйах ахсаннаах норуоттар боппуруостарын быһаарыы үлэлэрэ ыытыллаллар.
Тас дойдулары кытары үлэҕэ Саха сирэ бары эйгэҕэ чиҥ сибээһи олохтуурга болҕомтотун уурар. Чуолаан КНР Харбиныгар ыытыллар аан дойдутааҕы дьаарбаҥкаҕа Саха сирэ 90-с сыллар бүтүүлэриттэн кыттар. Оттон Хэйлунцзян провинциятын кытта бииргэ үлэлэһэргэ Сөбүлэҥ түһэрсиллибитэ 15 сыл буолла. Онтон бэттэх сибээс бөҕөргөөн, үлэ хабар эйгэтэ кэҥээн иһэр.
Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Арассыыйа өттүттэн Харбиннааҕы VI ЭКСПО тэрийээччитинэн буолла. Манна Ил Дархан Айсен Николаев баһылыктаах биһиги өрөспүүбүлүкэбит дэлэгээссийэтэ далааһыннаах үлэни ыытта. Туризмҥа, чуо биһиги айылҕабыт уратыта, көмүстэн, сэлии муоһуттан мааны оҥоһуктар, сир аннынааҕы баайы туһаҕа таһаарыы, Өлүөнэ
эбэни туоруур муоста бырайыактара улахан болҕомтону тардыбыттара.
Дьэ, итинник өр сыллаах тиһиктээх үлэ түмүгүнэн, Харбиҥҥа бондовай зона арыллара ситиһилиннэ. Ол чэрчитинэн, холобур, күндү таастан, сэлии муоһуттан оҥоһуктар, үүнээйиттэн бэлэмнэниллибит араас барыанньалар, ураты үчүгэй амтаннаах чэйдэр быыстапкаҕа, дьаарбаҥкаҕа эрэ буолбакка, аны экспорка тахсаллара былааннанар.
Маны сэргэ бииргэ үлэлээһиҥҥэ эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа тэрилиннэ. Бу хамыыһыйа кыттыгас бырайыактары сүрүннүөҕэ.
ЭБИИ ТЭПИЛИИССЭ УОННА ТЫАЛ КҮҮҺҮНЭН ҮЛЭЛИИР ПААРКА
— Японияны кытта кэскиллээх быра йыакка тэпилииссэ уонна тыал күүһүнэн үлэлиир паарка улаханнык биһирэммиттэрэ. Итиннэ туох эмэ былаан баар дуу?
— Тулагы Сыырдааҕар кыһыннары үлэлиир «Саюри» тэпилииссэ аан бастаан 2016 сыллаахха аһыллыбыта. Ол биһирэнэн, иккис үлэҕэ киллэриллибитэ. Оттон билигин үһүс тэпилииссэ былааннанар. Оттон тыал күүһүнэн үлэлиир паарка (ветропарка) Хотугу муус таах акыйаан кытылыгар – Тиксиигэ — туруоруллубута. Бу уустук суоллаах-иистээх дойдуга
абыраллааҕа, барыстааҕа билиннэ. Онон салгыы хоту улуустарга туруор тарар былаан баар.
ДОЙДУЛААХТАРБЫТЫН УМНУБАППЫТ
— Тас дойдуга олорор дойдулаахтарбытын кытары сибээс хайдаҕый?
— Порталбытыгар быһа холуйан 50-тан тахса дойдуттан дьон регистрацияланна. Уопсай хартыынаны ылан көрдөххө, Америкаҕа, Канадаҕа 90-с сылларга баран олохсуйуу элбэх эбит.
Новай Зеландияҕа, Австралияҕа кытары бааллар.
Бары түмсүүлэри тэринэн иһэллэр. Холобур, Турцияҕа былырыын ассоциацияламмыттара. Онно 50 киһи олохсуйан олорор. Латвияҕа, Сербияҕа ыһыахтаабыттара. Оттон
Америкаҕа, Кандаҕа ыһыах үгэскэ кубулуйбута.
Төрөөбүт дойдуларыттан ыраах олорор дьон түмсүүлэрин күүһүнэн ыһыах тэрийэн, хардарыта билсэн-көрсөн, биһигинниин сибээстэһэн, дойдуларын ахтылҕанын таһаараллар.
Оттон биһиги тэрээһиннэрин хайа кыалларынан өйүүбүт. Быыстапка, куонкурус, күрэхтэһии тэрийэбит, мантан дьону-сэргэни кытыннарабыт. Үгүс өрүттээх үлэни ыытабыт. Былаан быһыытынан, эһиил Турцияҕа ыһыах ыһар баҕалаахпыт. Манна даҕатан эттэххэ, Стамбул дьаһалтата, балаҕанна, ураһата туттуҥ диэн, сир биэрбитэ.
Тэрээһиннэргэ өйөбүл көрдөөн, Москваҕа РФ Омуктар дьыалаларыгар министиэристибэтигэр (МИД) биир дойдулаахтары кытары үлэҕэ эппиэтинэстээх салайааччыны кытары көрсүбүтүм. Саха сириттэн омук дойдутугар олорор дьоммутун-сэргэбитин өйүүрбүтүн, кинилэри кытары араас хабааннаах үлэлэр ыытыллалларын сырдаппытым. Анал пуонда тэрийэр баҕалаахпытын эппитим.
Манна даҕатан, тас дойдуга Сахабыт сирин ааттатар дьоммутугар махталбыт улахан. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ «Сахамедиа» тэрийиитинэн «Саха сирин киэн туттуута» бириэмийэ, «Норуот дипломата» номинациятын кыайыылааҕынан Сербияҕа олорор Лариса Реасовна Кулаковская буолбута. Кини Саха сирин тас дойдуга дорҕоонноохтук ааттатара, суон сурахтыыра, ыһыах тэрийэрэ бар дьон сыанабылын ылбыта үөрдэр.
СЭРГЭЛЭР ОМУК ДОЙДУЛАРЫНАН
— Тас дойдуларга туруоруллубут сэргэлэрбит хайдах тураллара буолла?
— Сэргэлэри дойдулаахтарбыт, доҕотторбут, билэр дьоммут көрөллөр, хаартыскаҕа түһэрэн ыыталлар, кэпсииллэр. Аляска Фербенкс уонна Анкоридж куораттарыгар, Греция
Олимпия куоратыгар, Латвияҕа, Монголияҕа, о.д.а. дойдуларга туох баар сиэр-туом тутуһуллан туруоруллубут сэргэлэрэ бааллар. Өссө эһиил биһиги сэргэни Кытайга
туруорар былааннаахпыт.
Манна даҕатан эттэххэ, сэргэлэри туруорууга, саха итэҕэлин тарҕатыыга «Эллэйаада» холбоһук, «Киэргэ» көмүс оҥоһуктары оҥорор хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Александр Павлов элбэх үлэни ыыталлар. Оттон сэргэлэри оҥорууга уран тарбахтаах уустарбыт көмөлөһөллөр.
КЭНЧЭЭРИ ЫЧЧАККА БОЛҔОМТО
— «Кэнэҕэски дипломат» куонкурус кыайыылаахтара төһө үөрэннилэр, ханна тиийдилэр?
— Бу куонкуруһу Арассыыйа омуктар дьыалаларыгар (МИД), СӨ Үөрэҕин уонна биһиги министиэристибэлэрбит ыыталлар. Эһиил 14-с сылын буолуоҕа. Арассыыйа үрдүнэн биһиэхэ эрэ ыытыллар куонкурус.
Куонкурус кыайыылааҕа РФ дипломатияҕа академиятыгар бүддьүөт миэстэтигэр киирэн үөрэнэр бырааптанар. Билигин итиннэ 4 оҕо үөрэнэ сылдьар. Оттон бүтэрбиттэртэн сорохторо посольстволарга, МИД киин аппараатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.
— Тас дойдуга үөрэнэр ыччаты кытары сибээһи тутаҕыт дуу?
— Биллэн турар. СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин, ХИФУ кытары үлэбитинэн сибээһи ыкса тутабыт. Холобур, ХИФУ аан дойду 70-тан тахса университетын кытары үлэлэһэр. Онно барытыгар тус-туһунан бырагыраамалаахтар. Барыта ыччат үөрэнэрин, сайдарын туһугар.
— Оттон биллэриинэн үлэлии барар ыччакка тугу этиэҥий?
— Тас дойдуга үлэҕэ биллэриинэн барар сэрэхтээх. Ити сокуону кэһии. Үлэлии барар дьон официальнай виза ылыахтаахтар. Биллэн турар, биллэриинэн үлэлии барар дьон ортотугар араас түбэлтэлэр тахсыталыы сылдьыбыттара. Биһиэхэ тыллабыр киирдэҕинэ, бэрэстэбиитэл баран быһаарсар. Уопсайынан, итинник түбэлтэҕэ дойду таһымыгар боппуруос турар.
Биһиги үлүбээй биллэриинэн барыыны сэрэтэн, өйдөтүү үлэтин күүскэ ыытабыт. Ол түмүгэр кэлин барыта этэҥҥэ курдук.
* * *
СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ дойду, ыччат кэскилин, олох сайдыытын туһугар далааһыннаах, кэскиллээх үлэтин аартыгын сыллата кэҥэтэр, байытар.
ГАВРИЛ КИРИЛЛИН ҮЛЭТИН КЭРЧИКТЭРЭ
• М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты, Хабаровскайга педагогическай университеты, НХ уонна ГС Арассыыйатааҕы академиятын Уһук Илиннээҕи
филиалын бүтэрбитэ.
• 2004 сыллаахха «Сахаполиграфиздат» ГУТ тас экэнэмиичэскэй сибээстэргэ отделын сүрүн исписэлииһэ.
• «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар дириэксийэлэрэ» ГТ сүрүн исписэлииһэ.
• «Саха ЭКСПОмамонт» ААУо менеджер-тылбаасчыта.
• 2008-2012 сс. СӨ федеративнай сыһыаннаһыыларга, тас сибээскэ инвестиционнай уонна тас экэнэмиичэскэй үлэҕэ сүрүн исписэлииһэ.
• 2012-2017 сылларга Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар тас сибээс отделын начаалынньыга. Куорат дьаһалтататын инвестиционнай сайдыыга департаменын салайааччыта.
• 2018 с. СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru