Миниистир Евгений Зиничев суорума суолланна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Арассыыйа ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирэ Евгений Зиничев үлэлии сылдьан суорума суолланна диэн биэдэмистибэ иһитиннэрдэ.

«Норильскайга үлэлии сылдьан, арктическай зонаны ыксаллаах быһыыттан-майгыттан  харыстааһыҥҥа биэдэмистибэ икки ардыларынааҕы үөрэххэ, киһи олоҕун быыһаары РФ ЫБММ миниистирэ Евгений Зиничев күн сириттэн күрэммитин туһунан иһитиннэрэбит», — диэн РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтэ суруйар.

Евгений Зиничев сайын ойуур баһаарын бохсууга Саха сиригэр кэлэн үлэлээбитэ.

Кини 55 саастааҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0