Миниистир бу сылга үлэтин оройуон балыыһаларыттан саҕалаата

Бөлөххө киир:

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова 2019 сылы улуустааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи эмтиир тэрилтэлэргэ сылдьыыттан саҕалаата.

edersaas.ru


Миниистир тохсунньу 2 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр улуустааҕы киин балыыһаҕа, Аллараа Бэстээххэ “Абалаах” реабилитациялыыр кииҥҥэ, “Бэс Чагда” (“Сосновый бор”) санаторийга, Аллараа Бэстээх уонна Табаҕа сэлиэнньэлэригэр учаастактааҕы балыыһаларга сырытта. Биллэрин курдук, улуустааҕы киин балыыһа бары отделениелара (ол иһигэр, тымыр бастакы сүһүөх отделениета, эйэчиини эмтиир киин уо.д.а.) биир да күн өрөбүлэ суох үлэлииллэр.
Миниистир бу сырыытын кэмигэр оройуон баһылыгын солбуйааччы Владимир Птицыны кытары көрсөн, улуус доруобуйатын харыстабылын сайдыытыгар өссө туох оҥоһуллуон сөбүн дьүүллэстилэр. Сүбэлэһии түмүктэрин биирдэстэринэн Майа сэлиэнньэтигэр баар улуустааҕы киин балыыһаҕа эбии саҥа блогу тутуу боппуруостарын көрүөххэ сөбө буолла.
“Биһиги сылдьар хас биирдии оройуоммутугар үксүлэригэр кэриэтэ үлэлиир сири толору уонна хаачыстыбалаахтык туһаныыга боппуруостар турбуттара. Оттон Мэҥэ Хаҥалас улуустааҕы киин балыыһатыгар эбии блогу тутуу боппуруоһун дьүүллэһиэххэ наадата чахчы көһүннэ. Дьиҥэр, улуустааҕы балыыһаҕа эмтээһин саҥа өҥөлөрүн киллэрэргэ каадырдар уонна аныгы эмтиир тэриллэр бааллар, үлэлиир сир эрэ тиийбэт”, — диэтэ миниистир.

Ону сэргэ, үбүлээһин тиийбэтиттэн сылтаан, “Абалаах” бадараанынан эмтиир киин сууллар кутталлаах дьиэлэриттэн “Бэс Чагда” таас дьиэлэригэр көһүү боппуруоһа быһаарылла илик.
Елена Борисова министиэристибэ сүрүн үлэлэриттэн биирдэстэринэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар эмтээһин өҥөтүн хаачыстыбатын уонна табыгастаах буолуутун үрдэтиигэ (ол иһигэр, телеконсультациялар көмөлөрүнэн) күүстээх үлэ ыытыллыаҕар эрэннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Дьокуускайга, Арктика оройуоннарыгар эбэтэр киин улуустарга олороллоруттан тутулуга суох, тэҥ көмөнү ылыахтаахтар. Ол иһин, 2019 сылга министиэристибэ салалтата оройуоннарга баар эмтиир-сэрэтэр тэрилтэлэргэ көһө сылдьар бэрэбиэркэлэри тиһигин быспакка ыытарга былааннанар. Оччотугар оройуон балыыһаларын “ыарыылаах” боппуруостара быһаарыллыахтар этэ.
Е. Борисова бу кэнниттэн тохсунньу 5 күнүгэр киин куоракка спорт медицинатын эбийиэктэрин: эмтиир физкультура уонна спорт медицинатын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин, “Триумф”, “Эллэй Боотур” уонна “Долгун” спорт кииннэрин көрдө.

Тохсунньу 8 күнүгэр миниистири кытары Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа салалтата уонна үлэһиттэрэ көрүстүлэр.
Доруобуйа харыстабылын миниистирэ бэлиэтээбитинэн, маннык көһө сылдьар бэрэбиэркэлэр ыарыһахтар сытар, эмтэнэр усулуобуйаларын миэстэтигэр тиийэн уу хараҕынан көрөллөрө-истэллэрө  балыыһа салалтатын кытары кыһалҕалаах боппуруостары дьүүллэһэллэригэр кыаҕы биэрэр.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0