Миниистир Антон Сафронов интервьюта. Суруналыыс алгыһа туолла.
«Тыый, Гарварды бүтэрбит саха!» диэтэ биир, «Кэргэнэ филиппинка үһү» диэтэ иккис, «Папуа-Новай Гвинея эчи ырааҕын», «Спортсмен тойон элбээтэ»… Маннык кэпсэтиилэр норуокка Инвестиция уонна предпринимательство саҥа миниистирин тула буоллулар. Антон Сафронов 2006 сыллаахтан «Эдэр саас» хаһыат геройа. Дөрүн-дөрүн биһиги суруналыыстарбыт саха чаҕылхай ыччатын кытта сэһэргэһэллэр. Онон саҥа миниистир 2013, 2014 сс. биэрбит интервьюларыттан интэриэһинэйин сүһэн ылан edersaas.ru сайтка таһаарабыт.
– Төрөөбүт дойдугар кэлэн үлэлиир санаалааххын дуо? Сайдарын туһугар туох саҥаны оҥоруоҥ, киллэриэҥ этэй?
– Баар. Республикаҕа омук дойдуларыттан инвестицияны киллэриигэ уонна кэскиллээх, баҕалаах ыччаты арҕаа дойдулар биллэр, улахан үрдүк кыһаларыгар үөрэттэриигэ үлэлиэм этэ. (Түөрт сыл анараа өттүгэр Саха сиригэр инвестицияҕа сүрүн киһи буолуоҕун өтө көрбүт курдук — эрэдээксийэттэн)
– Антон, хантан хааннааххыный, кимтэн кииннээххиний?
– Мин Новосибирскай куоракка төрөөбүтүм. Амма орто оскуолатыгар бастакы кылааска киирбитим уонна ахсыс кылааска диэри үөрэммитим. Тустуунан дьарыктанар буолан, салгыы Чурапчытааҕы оскуола-интернакка үөрэммитим. Аҕам Чурапчыттан, ийэм Амматтан төрүттээхтэр.
– Америка биллэр үөрэҕин кыһатыгар хайдах киирбиккиттэн саҕалаан, ханнык идэни баһылаабыккын кэпсээ эрэ.
– Оскуолаҕа сылдьан, Америкаҕа үөрэниэм диэн баҕа санаалаах этим. 1997 сыллаахха Калифорния Бреа Олинда диэн орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Ити кэнниттэн дойдубар кэлэн, Москваҕа үрдүк үөрэҕи 2005 сыллаахха бүтэрбитим.
Салгыы Гарвардааҕы университеты сэргэ Массачусетскайдааҕы технологическай (индустриальнай) институту (МИТ) 2011 сыллаахха бүтэрбитим. Гарвардка аан дойду экономикатын сайдыытыгар, оттон МИТ-ка бизнес уонна неби батарыыга магистр буолары ситиспитим.
– Омук дойдутугар үөрэнэргэ туох ыарахаттары көрсүбүккүнүй?
– Аан бастаан Америкаҕа оскуолаҕа үөрэнэрбэр, биллэн турар, ыарахаттары көрсүбүтүм. Ол курдук, төрөппүттэрбин, дойдубун олус ахтар, суохтуур этим. Бастаан утаа дьону кытта уопсай тылы булууга ыарахаттары көрсүбүтүм. Ол иһин омук тылын билиигэ күүскэ дьаныһан туран үөрэммитим. Мексикаттан төрүттээх уолаттары кытта тэҥҥэ туруулаһарбар, тэҥҥэ кэпсэтэрбэр Чурапчытааҕы оскуола-интернакка тустуунан дьарыктаммытым улаханнык туһалаабыта. Онон эт-хаан өттүнэн эрчиллиилээх буоллаххына эрэ сэнэппэккэ, атаҕастаппакка сылдьылларын өйдүөххэ наада диэн эдэр ыччакка туһаайан этэбин.
– Америка биллиилээх дьонуттан кимнээҕи кытары билсибиккиний?
— Гарвардка уонна МИТ-ка аан дойдуга биллэр-көстөр дьон билиилэрин-көрүүлэрин хаҥата кэлэллэриттэн олус сөхпүтүм. Аан дойду биллиилээх дьонуттан Генри Форд сиэнин кытта биир паартаҕа олорон үөрэммитим. Кини билигин аан дойдуга биллэр «Форд» компания салайааччыларыттан биирдэстэрэ буолар. Итини тэҥэ, Ирак премьер-министрин бииргэ төрөөбүт быраата Мухамед Алмаликины уонна Сингапур, Колумбия, Кытай салайааччыларын кытта ыкса билсибитим. Бу билсэр дьонум билиҥҥи үлэбэр туһалыы сылдьалларын курдук дойдум сайдарын туһугар үлэлиирбэр көмө буолуохтара диэн эрэнэбин.
2010 сыллаахха Гарвард уонна МИТ студеннарыттан анал бөлөх тэрийэммин, Россияҕа политика уонна нефть эйгэлэрин лидердэрэ Анатолий Чубайсы, Юрий Трутневы, Александр Медведеви уонна Вагит Аликперовы кытта көрсүһүү тэрийбитим. Итини тэҥэ «Эхо Москвы» радиокомпания салайааччытын Алексей Венедиктовы кытта атах тэпсэн олорон кэпсэппиппит.
– 2006 — 2008 сылларга Африкаҕа уонна Ближнэй Востокка неби уонна гаһы хостооһуҥҥа аналлаах бырайыактары оҥорууга кыттыбыккын. Улахан эппиэтинэс буолуо ээ.
– Хотугу Америка уонна Англия саамай улахан кыһаларыгар магистратураҕа салгыы үөрэнэр буоллаххына, бакалавр кэнниттэн ылбыт идэҕинэн төһө таһаарыылаахтык дьарыктаммыккынан, үлэлээбиккинэн сыаналыыллар. Ол туһунан эрдэ билэммин хайаан даҕаны үлэлиэхтээхпин диэн сыал-сорук туруоруммутум. Москваҕа үөрэнэ сырыттахпына, аччыгый бизнес тэринэр усулуобуйа үөскээбитэ. Ол курдук, Канада Манитоба провинциятыгар ыччат дьоҥҥо аналлаах бизнес-былаан суруйуу куонкуруһугар кыттан, грант ылары ситиспитим. Салгыы неби уонна гаһы хостооһун, переработкалааһын хайысхатынан Иракка, Кувейтка, Джибутига уонна Канадаҕа баар «Халлибертон» уонна «Шелл» компанияларга икки сылтан ордук үлэлээбитим. Бу сылдьан, профессиональнай идэбин үрдэтэр, сайыннарар сыалтан сыл устата киэһэ үлэм кэнниттэн Америкаҕа баар үрдүк кыһаларын магистратураҕа тестированиетыгар күүскэ бэлэмнэммитим. Тестированиены этэҥҥэ туттаран, 2008 сыл атырдьах ыйыттан Гарвард университетыгар үөрэхпин салгыыр буолбутум.
– Төрөөбүт тылгын адьас умнубат эбиккин.
– Тоҕо умнуохтаахпыный? Саха буоллаҕым дии. Төһө даҕаны ыраах олордорбун дойдубар баар табаарыстарбын, Москваҕа олорор ийэбин, аҕабын кытта сахалыы күн аайы кэпсэтэбин. Онон умнуом суоҕа дии саныыбын.
– Кэпсээниҥ иһин махтал. Баарыын бэйэҥ этэн аһарбытыҥ курдук, омук дойдутугар өссө таһаарыылаахтык үлэлээн, уопутуран баран бэрт сотору кэминэн төрөөбүт дойдугар кэлэргэр баҕарабын! Дойдуҥ эйигин күүтэр.
Суруналыыс алгыһа түөрт сыл буолан баран туолла. Антон Сафронов омук сиригэр уопутуран, уһаарыллан-хатарыллан төрөөбүт дойдутугар кэллэ.
Александр ТАРАСОВ кэпсэтиитэ, edersaas.ru