Миниистир Антон Сафронов суруналыыстары кытта көрүстэ

Ааптар: 
27.06.2017
Бөлөххө киир:

Өлүөнэни туоруур муостаны тутуу бырайыагын бу күһүн балаҕан ыйыгар Владивосток куоракка ыытыллар Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа өссө төгүл билиһиннэриэхтэрэ. edersaas.ru

Бу туһунан бүгүн инвестиция сайдыытын уонна предпринимательство миниистирэ Антон Сафронов суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр билиһиннэрдэ.

Дойду бырабыыталыстыбата үс инфраструктура бырайыагар болҕомтотун туһаайыах курдук. Ол иһин биһиги бу боппуруоһу туруорсар тэтиммитин күүһүрдэн биэрэн, тылбытын ылыннарыахпытын наада. Арассыыйа уонна Кытай ЭКСПО тэрээһинигэр Sinohydro Corporation Limited хампаанньа салалтатын кытта сирэй көрсөн, кэккэ техническэй уонна коммерческай боппуруостары быһаарыстыбыт. Онон бииргэ үлэлэһээччилэрбит Владивостокка буолар тэрээһиҥҥэ олохтоохтук бэлэмнэнэн кэлиэхтэрэ, — диэн Антон Сафронов тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Саха сириттэн форумҥа кыттыыга 18 бырайыак үөрэтиллэ сылдьар эбит.

“Якутск вечерний” хаһыат суруналыыһа Виталий Обедин: “Национальнай рейтиҥҥэ эһиги министиэристибэҕит 58-с миэстэҕэ сылдьар. Инники күөҥҥэ тахсар кэскиллээх былааннааххыт дуо?” – диэн ыйытыытыгар миниистир: “Былырыын 58-с миэстэҕэ баар этибит. Сүрүн сорук – 40-с ахсааҥҥа киирсии. Ити ситиһиллэр дьыала. Холобура, Хабаровскай кыраай 73-с миэстэҕэ сылдьан, 40-с буолта. Челябинскай уобалас 32-тэн 22-с буолта. 44 көрүҥү ситиһиилээхтик ааһыахха наада. Ол соругу ситиһэр инниттэн хас биирдии көрүҥҥэ эппиэттээх киһини аныахпыт. Үлэ түмүгүн ол эппиэттээх үлэһиттэн ыйытарга да судургу”, — диэн хоруйдаата.

ССТА суруналыыһа Сусанна Рожина: “Олохтоох оҥорон таһаарааччылары кытта билсэн баран, ордук туох салааҕа болҕомтоҕун туһаайдыҥ?” – диэн ыйытта.

Миниистиринэн ананыахпыттан, уопсайа, 15 улууска сылдьан предпринимателлэр үлэлэрин-хамнастарын билистим. Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи тууһун оҥорон таһаарааччылар үлэлэрин сэргээтим. Маны батарыыга үлэлэһиэххэ сөп эбит. “Липснеле” оһох хочуолларынан дьиэлэри толору хааччыллыылаах оҥорор урбаанньыттары бэлиэтии көрдүм. Олус элбэх бириэмэни үлэни-хамнаһы билсиһиигэ ыытан сүтэрдим. Онон үлэм түмүгүн көрүөм өссө да ыраах курдук. Ол эрээри сыл түмүктэниэр диэри туруоруммут сорукпун толорор санаалаахпын, — диэн миниистир санаатын үллэһиннэ .

Мин миниистиртэн: “Эн туризм хайысхатыгар өрөспүүбүлүкэ үс  улууһугар анал хайысханы тобулан, онно болҕомтобун ууруом диэбитиҥ. Ол ханнык улуустарый?” – диэн ыйыттым. Онуоха Антон Сафронов:

Өймөкөөн улууһун Томторугар туризмы сайыннарыыга толору хааччыллыылаах гостиница тутуута, Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр айан суолун сервиһин сайыннарыы уонна Хаҥалас улууһуттан бэйэ оҥоһугун оҥорооччу хайысхатын үөрэтэ сылдьабыт, — диэн хоруйдаата.

Суруналыыстар миниистири кытта аһаҕастык кэпсэтэн, астынан тарҕастыбыт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0