Миниистир Алексеев уонна Амма баһылыктара

25.12.2017
Бөлөххө киир:

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Петр Алексеев соторутааҕыта Аммаҕа кэлэ сырытта.

edersaas.ru

Хаҥастан уҥа: урбаанньыт Руслоан Федотов, миниистр ПЕтр Алексеев, улуус баһылыга Николай Архипов.

Миниистир амматааҕы мунньаҕар тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар, исписэлиистэр, тэрилтэлэр салайааччылара кытыннылар. Маҥнай, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы И.С. Кононов сыллааҕы үлэ түмүгүн таһааран отчуоттаата. Былаан быһыытынан, улууска бэриллибит 25 көрдөрүүттэн бурдук хомуурун уонна сибиинньэ ахсаанын былааныттан ураты туолар кыахтааҕын туһунан Ион Семенович иһитиннэрдэ:

— Сайын кураан түһэннэр, онтон күһүнүн ардахтар мэһэйдээннэр бурдук хомууругар ыарахаттары көрүстүбүт. Онон, бурдук былаана туолбата. Итиэннэ улахан базавой хаһаайыстыбабыт эстэн, сибиинньэ ахсааныгар былаан эмиэ туолбат туруктаах. Уоннааҕы көрдөрүүлэр бу ый иһинэн туолуохтара.

«Кировец» наада

Ион Кононов Абаҕа уонна Болугур хаһаайыстыбатыгар «Кировец» тыраахтырдары туруоруста: «Бу икки тиэхэньикэни ылларбыт эрэ улуус ыһыыга үлэлиир тиэхэньикэнэн толору хааччыллыбытынан ааҕыахпытын сөп». Маны сэргэ салайааччы «Кэскил» уонна «Болугур» хаһаайыстыбаҕа саҥа хотоннору тутары туруоруста. Петр Алексеев «Кировецтары» атыылаһыы хаһаайыстыбалар ыһыыларын иэнин улаатыннардахтарына  эрэ кыалларын хоруйдаата. Онтон хотон тутуутун боппуруоһугар үбүлээһин улахан оруолу оонньуурун Петр Николаевич тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: «Саҥа хотон тутуутугар биир сүрүн ирдэбилбитинэн – нэһилиэктэр бэйэлэрин өттүлэриттэн балтараа мөлүйүөн солкуобайы хотон тутуутугар кыттыһыахтаахтар». Маны сэргэ Петр Николаевич Болугур нэһилиэгэр хотон тутуутун боппуруоһун саарбахтыах курдук саҥарда:

— Болугурга аҕыйах сыллааҕыта тутуллубут хотон баар. Арай, фундамена хамсаабыт. Онно дьиҥинэн улахан капитальнай өрөмүөнү ыытар кыаллыбат дуо? Хотоннору тута-тута быраҕан баран саҥаны тутарбыт табыллыбат.

“Кэскил” хаһаайыстыба

Бу хаһаайыстыбаны өрө тардарга улахан үлэни былаанныырын туһунан Чакыр нэһилиэгин баһылыга Прокопий Прокопьев  биллэрдэ:

— «Кэскил» нэһилиэкпит сүөһүтүн ахсааныттан улахан аҥарын көрөр-истэр хаһаайыстыбабыт. 656 сүөһүлээҕин түөрт хотонунан кыстатан турар. Материальнай-техническэй базата мөлтөх. Бэйэтин кыаҕынан сыл аайы өрөмүөннэнэ сатыыр. Сыл ахсын тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бүддьүөппүтүттэн харчы тыырабыт. Эһиил «Кэскил» хаһаайыстыбаны атаҕар туруорарга күүспүтүн түмэр санаалаахпыт. Петр Николаевич эһигиттэн сүрүн туруорсуубут хотон эрэ. Куһаҕан усулуобуйаҕа үлэлээн үчүгэй көрдөрүү ситиһиллибэт. Саҥа хотон тутуутун кытары саҥа үлэ миэстэтэ да тахсар.  

Чакырга уонна Болугурга хотон тутуутугар күүс-көмө буоларга бэлэмин урбаанньыт Руслан Федотов биллэрдэ. Кини «Болугур» ТХПК уонна «Кэскил» ХЭТ животноводческай комплекстары  тутуу бырагыраамматыгар  хапсалларын туһугар харчынан көмөлөһөр кыахтааҕын эттэ:

— Кэлэр сылга үчүгэйдик тэриммит хаһаайыстыбаҕа, холобур, Болугурга уонна Чакырга хотон тутуутугар көмөлөһүөм. Быһа холоон, 2 мөлүйүөн солкуобайы үбүлүөхпүн сөп.

Бөтүҥ боппуруостара

Петр Николаевич Бөтүҥ баһылыга Саргылаана Борисова туруорсууларын үөрэтэн көрүөх буолла. Ол курдук, водопровод ситимин «Бөтүҥ» хаһаайыстыба хотонугар диэри тарда таарыйа аара олорор ыаллары эмиэ холбооһуну. Маны сэргэ  «Чараҥ» ыччат кыбаарталын «Тыа территорияларын туруктаах сайдыыта» диэн федеральнай бырагырааммаҕа киллэрэри. Саргылаана Васильевна, түгэнинэн туһанан, Бөтүҥ нэһилиэгэр элбэх көмөтүн иһин махтанан туран,  Петр Николаевичка «Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» ааты иҥэрдэ.

Түмүк

Петр Николаевич баһылыктар, испэсэлиистэр санааларын истэн баран чуолаан бэриллибит былааннары толорууга кыһаналларыгар ыҥырда:

— Былааннаргытын хаалбыт күннэргэ толорор туһугар үлэлээтэххитинэ табыллар. Көрдөрүүлэр туолуулара олус наадалаах. Экэниэмикэ, үп министиэристибэтин кытта үлэлиирбитигэр сыл ахсын этэллэрэ биир «Тыа хаһаайыстыбатын бүдьүөтүн улаатыннарар курдукпут да, көрдөрүлэргит таҥнары түһэллэр». Онон, харчы кэлиитигэр, улаатарыгар көрдөрүүлэр, былааннар туолуулара улахан оруолу ылаллар.

Түмүккэ Петр Николаевич кэнники кэмҥэ баһылыктар тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомтолоро күүһүрбүтүн хайҕаата:

— Биһиги министиэристибэбитин кытары өрүү ыкса, ситимнээхтик үлэлиир баһылыктар бааллар. Биллэн турар, бары буолбатах. Куруук үлэлэһээччилэртэн Бөтүҥ баһылыгын Саргылаана Васильевнаны, Сатаҕайтан Семен Даниловиһы, Покровкаттан Олег Черкашин чорботон ааттыыбын. Маннык үлэ салҕаныах тустаах.

Олег ЕГОРОВ, “Амма олоҕо” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0