Арктическай судаарыстыбаннай институт тыйаатыр искусствотын хаапыдыратын устудьуоннара диплом иннинээҕи үлэлэрин испэктээккэ оонньоон туттурдылар.
Ол курдук, институт камернай саалатыгар «Алампаҕа сүгүрүйэн” диэн Алампа үс айымньытынан – “Дьадаҥы Дьаакып”, “Уйбааныс”, “Олох дьэбэрэтэ” драмалары кылгатан устудьуоннар бэйэлэрэ оонньоон көрдөрдүлэр. Манна оҕолору уһуйааччы РФ үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа, профессор Ефим Степанов режиссердаан, үөрэтэр оҕолорун кытта биир сүбэнэн туруорбут испэктээгэ буолар. Сүрүн оруолга артыыс Никита Григорьев Алампаны, онтон кэргэнин Евдокияны — Валерия Протодьяконова оонньоото. Ону сэргэ, бэс ыйыгар бу оҕолор дипломнай үлэлэригэр эмиэ испэктээкил туруоран көрдөрүөхтэрэ.
Никита Григорьев, Арктическай институт 4-с кууруһун устудьуона, артыыс:
— Биһиги бу испэктээккэ оонньуохпут иннинэ Алампа айымньыларын аахпыппыт. Режиссербут Ефим Николаевич Степанов дьиҥэ, былырыын сорудахтаабыта. Онуоха дьиэттэн олорон үөрэммит буоламмыт, уһуннук бэлэмнэммиппит. Бары биир куурус оҕолоро оонньоотубут. Кууруспутугар 11-бит, биир нуучча устудьуоннаахпыт. Кини сахалыы өйдүүр. Айымньы нууччалыы тылбааһын аахпыта. Кини «Дьадаҥы Дьаакыпка” бэһиэччик нууччаны оонньоото. Испэктээк декорациятын, уотун-күөһүн барытын бэйэбит оҥорбуппут. Мин тыйаатырга сыһыаным наһаа истиҥ. Бу эйгэҕэ үлэлиэхпин баҕарабын. Тыйаатыр сыанатыгар тахсан оруол ылан оонньуур саҕа дьол артыыска суоҕа буолуо дии саныыбын. Тыйаатыры ис сүрэхпиттэн таптаатым да диэтэхпинэ, омуна суох буолуо. Киһи таптыыр идэтигэр үөрэниэхтээх, оннук киһиттэн үлэтин, идэтин таптыыр ыччат үүнэн тахсар.
Ульяна ЗАХАРОВА.
Хаартыскаҕа Никита Григорьев