Мин титиригим

Ааптар: 
09.12.2021
Бөлөххө киир:

Ол кэмтэн ыла 62 сыл ааста да, быраатым суоҕун курдук суох. Көстүбэтэ. Араас бэйэлээх көрбүөччүлэр:» Оҕо баар, тыыннаах, ханна эрэ ыал буолан, оҕо төрөтөн олорор», — дииллэрэ. Мин ону итэҕэйэн, араас улуустарга сурук бөҕөтүн суруйдум ини, суруйбатым ини. Бэл, оннооҕор «Жди меня» биэриигэ кытта суруйа сылдьыбытым.   

Мин саныырбынан, ханнык баҕарар киһи оҕо эрдэҕиттэн доҕор туттубут мастаах буолуохтаах. Саха буоларбынан, хайдах эрэ тиит маһы ордоробун. Тоҕо диэтэххэ, тиит мас бөҕө-таҕа, чиргэл, өксүөнү-силлиэни, бытарҕан тымныыны тулуйумтуо.

Миэхэ аан бастаан анал мастанар санаа Суорун Омоллоон «Чүөчээски» диэн сэһэнин аахпытым кэннэ киирбитэ. Өйдүүргүт буолуо дии, Чүөчээски титиригин доҕор оҥосторун, кинини кытта кэпсэтэрин кистэлэҥин үллэстэрин?

Оччолорго биһиги «Хахсыҥа» пиэрмэтигэр олорорбут. Ийэбит ыанньыксыттыыра, аҕабыт тутууга үлэлиирэ. Убайдарым, эмдэй — сэмдэй уолаттар, күн солото суохтара: оскуолаттан кэлээт, сүөһү уулаталлара, мас мастыыллара, муус киллэрэллэрэ, туһах, сохсо көрөллөрө. Мин үлэм — иһит, дьиэ сууйуута, оҕо көрүүтэ, киэһээҥи аһылык бэлэмэ.

Уруокпутун киэһэ кыраһыын лаампатын сырдыгар ааҕарбыт. Ол быыһыгар дуобат саахымат, хабылык оонньуурбут. Дьоммут кинигэ аахтаран истэллэрэ.

Ол курдук олордохпутуна, саас, уу-хаар үгэннээн турдаҕына, түөрт аҥардаах уолбут сүтэн хаалбыта. Дьиэҕэ ийэбит сэттэ ыйдаах игирэ уолаттарынаан баара. Биһиги, үс оҕо, оскуолаҕа үөрэнэ олорбуппут…

Ама да ааспытын иһин, ыарахан кэм этэ: аһыыр аспыт ас буолбат, утуйар уубут уу буолбат буолбута. Ийэлээх аҕабын аһынарым, кинилэр харахтарын уутун тулуйан көрбөккө, таһырдьа ыстанарым! Тыа саҕатыгар тахсан, саҥардыы бытыгыраан эрэр сэбирдэхтэри көрөн, өр да өр олорорум…

Онтон арай биирдэ көрбүтүм — иннибэр үчүгэйкээн бэйэлээх титирик турар эбит: бэйэм саҕа үрдүктээх ( мин тоҕуспун туолан уоммар сылдьар оҕо этим), лары-лаглаҕар быһыылаах, хоп-хойуу лабаалаах.

Чүөчээскини саныы биэрдим уонна:»Бу мин титиригим!» — диэтим. Ол күнтэн ыла быыс булан, титирикпэр кэлэбин, киһилии кэпсэтэбин. Үксүгэр сүппүт быраатым туһунан кэпсиибин, кинини наһаа таптыырбын, ахтарбын, суохтуурбун. Бэйэм, кыайбат буола-буола, сүгэн-көтөҕөн, бодьуустаспыт аҕай оҕом буоллаҕа! Титирикпин кытта кэпсэттэхпинэ, уоскуйарым, быраатым, баҕар, хаһан эрэ көстүө дии саныырым…

Ити 1959 сыллаахха ыам ыйыгар этэ. Ол кэмтэн ыла 62 сыл ааста да, быраатым суоҕун курдук суох. Көстүбэтэ. Араас бэйэлээх көрбүөччүлэр: «Оҕо баар, тыыннаах, ханна эрэ ыал буолан, оҕо төрөтөн олорор», — дииллэрэ. Мин ону итэҕэйэн, араас улуустарга сурук бөҕөтүн суруйдум ини, суруйбатым ини. Бэл оннооҕор «Жди меня» биэриигэ кытта суруйа сылдьыбытым.

Оттон били титиригим билигин сүүнэ улахан тиит буолан, силигилээн аҕай турар! Хас да сыллааҕыта дойдубар бара сылдьан, көрөммүн үөрбүтүм! Баараҕай мас буола улааппыт титирикпин кууһан, күүспэр күүс, сэниэбэр сэниэ эбиммитим!

Елена Прокопьева, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

Хаартыска: fedpress.ru саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0