Армияттан саҥа кэлбит Коля уолаттарынаан көрсүhэ сылдьан кулуупка үңкүү-битии буола турарыгар түбэhэ түhэн киирдилэр. Бытаан музыка доҕоhуолугар уолаттара бары кыргыттарынаан тарҕаhан хааллылар, Коля эмиэ уолаттары батыhан «тоҕо мин маңан тураах курдук ордон хаалыахтаахпыный, мин эмиэ эр киhибин» диэн бастакы сөбүлүү көрбүт кыыhын үңкүүгэ ыцырда, кыыhа сөбүлэстэ.
Коля кыыс синньигэс биилиттэн кууhан, нарын илиитин сиэтэн үңкүүлүү сылдьан билсиэххэ диэбитигэр «Маринабын, маннааҕыбын» диэн эппиэттээбитин минньигэстик иhиттэ. Музыка бүппүтүн кэннэ кыыстан араҕыан баҕарбата да табаарыстара хаhыытаан уолларын ыңыран «бардыбыт» диэн буолла. Уол кэннин хайыhан Маринатын кытта илиитин өрө уунан «өссө да көрсүhүөхпүт-билсиhиэхпит турдаҕа» диэн тахсан баран истэҕинэ кыыс сайыспыттыы көрөн хаалла.
Нэдиэлэ устата Коля Маринатын ханна да түбэhэ көрсүбэтэҕэ. Сотору кэминэн хоту дойдуга биир сылга кэпсэтиинэн үлэлии барбыта. Ол сылдьан дьонун-сэргэтин, дойдутун ахтыаҕынааҕар, тоҕо эрэ Марина диэн билбэт кыыhын өйүттэн-санаатыттан түhэрбэтэҕэ. Биир ый курдук буолан баран быhаарыныы ылынан балтыгар сурук ыыппыта «Мин итиннэ Марина диэн кыыстыын билсибитим, кинилиин билсиэхпин баҕарабын» диэн ойуулаан-дьүhүннээн бу суругу тиэрт диэн иккис сурук ыыппыт этэ. Балта Шура кини ойуулааһыныгар сөп түбэhэр биир эрэ Марина баарын өйдүү биэрэн оскуолаҕа тиийэн cаңа үлэлээн эрэр нуучча тылын учууталыгар Марина Николаевнаҕа суругу тиксэрбитэ. Кыыс бастаан өйдөөбөтөҕө оттон саныы биэрбитэ, ол биэчэргэ армеец кырасыабай уолу сөбүлүү көрбүтүн уонна олуhун долгуйбутун…
Мантан сиэттэрэн аадырыстарын бэрсэн суруйсан барбыттара. Коля сурук аайы Маринаны чугастык билэн-көрөн күүскэ таптаан барбыта, киниэхэ анаммыт хоhооннор тыларыттан таалан өр утуйбакка сытар түгэннэрэ эмиэ бааллара. Оттон Марина уоллуун билсэ илик кыыс Колятын кимиэхэ да тэңниэн билбэтэ, хаhан бүтэн кэлэрин кэтэспитэ. Уол суругар Дьылҕа Хаан кинилэри ол күн кулуупка билиhиннэрбитин, кинини эрэ бу олоххо көрдөөбүтүн, тиийдэҕинэ хайдах көрсөллөрүн барытын ойуулан бүтэhик суругар кэргэн ыларын туhунан суруйбутугар кыыс үөрүүтүттэн халлааңңа көтүөх курдуга.
Сайын саҕаланыыта уол дойдутугар кэлбитэ, дьонун-сэргэтин көрсөн, үөрэн-көтөн «ыал буолан эрэбин» диэбитигэр төрөппүттэрэ олуhун соhуйбуттара, арай барытын билэ сылдьар балта Шура улаханнык сөхпөтөҕө. Сарсыныгар балтынан Маринатыгар сурук ыыппыта «Билсибит кулууппут аттыгар киэhэ 7 чааска, кэтэhэбин, сыллыыбын» диэн тылларын кыыс ааҕан, ол күн долгуйан аhаабатаҕа, таңас-сап бөҕөнү мээрэйдээн көрөн ийэтэ тыыннааҕына «көмүс түгэңңэр кэтээр, көмөлөhүө» диэн алҕаан бэлэхтээбит күндүтүк саныыр ырбаахытын кэтэргэ санаммыта.
Киэhэ 6.30 чааска Коля хонууттан сибэкки тутуурдаах анаммыт сиригэр туран Маринатын кэтэспитэ. Өр кэтэhиннэрбэккэ кини анала ыраахтан намыыннык хааман иhэрин бэлиэтии көрөн сүрэҕэ күүскэ тэппитэ… Кыыс оргууй чугаhаан истэҕин аайы Марината атын кыыска кубулуйдар кубулуйан, олох билбэт кыыhа утары кэлэн «Хайа өр кэтэстиң дуо?» диэн хаhан да көрбөтөх кыыhа саңарбытыгар, ах бэрдэрэн «Мин Марыынам… ханна баарый?» диэбитигэр кыыс оңостубуппун көрөн оонньоhор быhылаах диэн «Бу баарбын…» диэн мичик гыммытыгар Коля биирдэ өйдөөбүтэ. Балта кини Маринатыгар буолбакка, атын Маринаҕа суругун тиксэрэн биир сыл устата истиң иэйиитин атын кыыска анаабытын, кэргэн ылыам диэн бигэ тылы туора киhиэхэ биэрбитин… Көрсүhүүлэрэ түүл-бит курдук ааспыта, кыыhы хомоппот сыалтан барытыгар сөбүлэhэргэ сылдьыбыта, кыыс «сарсын көрсүөхпүт» диэн дьиэтигэр элэстэммитин кэннэ улаханнык санааҕа ылларан сүгүн утуйбакка түмүк санаа ылыммыта. «Биирдэ эрэ көрсөн ааспыт кыыспын мин билбэппин, оттон сылы быhа суруйсубут кыыhым миэхэ ордук чугас, онон мин Маринам кини буолар, онон мин кинилиин буолуох тустаахпын» диэн сарсыныгар, өйүүнүгэр, ыал буолуохтарыгар дылы көрсөн бииргэ буолбуттара.
Ыал буолар үтүө күннэригэр ыраахтан-чугастаан уруулар-аймахтар, доҕоттор-атастар бары кэлбиттэрэ, ол быыhыгар хараҕынан хайгыы көрбүт Марината эмиэ баара… Бу баар этэ кыhыыта, ол Марината көрдө көрөөт билбитэ. Били бүтэhигин сайыhа көрбүт хараҕынан соhуйа көрөн «Күндү эдьиийим уонна күтүөтүм дьоллоох буолуң» диэн алгыс анаабыт тылларынан кыыс барахсан бытаан үңкүүгэ үңкүүлээбит сүрэҕэр баччааҥҥа диэри хатаабыт уола Коля «билсиэхпит-көрсүөхпүт» диэбит тылларын суолталаан эмиэ соhуччу кэлэн илдьэ барыа диэн ыра санаата аны хаhан да туолбатын билиммитэ… Сотору кэминэн кини да киhилэнэ охсон оҕоломмута, ол эрэн ыал буолбатаҕа. Оттон эдьиийэ Мариналаах Коля билигин 3 оҕолонон 5 сиэннээхтэр.
Коля кырдьар эрэ сааhыгар Маринатыгар билиммитигэр, ол иhин даҕаны балтым барахсан эйигин таптаан эрэйдэнээхтии сылдьыбыт эбит буолбат дуо? диэн тыллар олох оңоhуллан эрэ бүппүтүн кэннэ дьиң тахсан кэлбитэ…