«Мин – инженербын!” – 10 сыла

23.03.2022
Бөлөххө киир:

«Мин – инженербын!” Уһук Илиннээҕи куонкурус икки сыл кэнниттэн дьэ ыытыллар  буолла.

Бэлиэтээн эттэххэ, 2012 сыллаахха Инженердэр Саха сиринээҕи Сэбиэттэрэ тэриллибитэ. Ити сыл инженер идэлээхтэр бастакы сийиэстэрэ ыытыллыбыта. Онно быһа холоон 400 инженер кыттыбыта. Сийиэс сүрүн соругунан — наука, инженерия салаатыгар эдэр каадырдары бэлэмнээһин, бииргэ үлэлэһии уонна саҥалыы толкуйу тобулуу этэ. Ити Сэбиэт хайысхатынан Уһук Илиҥҥи “Мин – инженербын” куонкурус 2014 сыллаахха тэриллибитэ. Бу куонкуруска инженер идэтинэн үлэлии сылдьар ыччат бэйэтин тургутан көрөр кыахтааҕа. Араас бырамыысыланнай тэрилтэлэртэн ыччат дьон кыттан бэйэлэрин тургуппуттара, бырайыактарын көмүскээбиттэрэ.
Быйыл бу куонкурус ахсыс төгүлүн ыытыллар. Үгэс быһыытынан үс номинациялаах. “Будущий инженер” диэн 5-11 кылаас оҕолоругар, “Молодой инженер” – орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарыгар уонна “Профессиональный инженер” диэн номнуо үлэлии сылдьар 35 сааһыгар диэри ыччат дьон кыттар. Пандемия турбут икки сылын устата оҕолорго эрэ аналлаах “Будущий инженер” куонкурус ыытыллыбыта.
Куонкурус сүрүн соруга – Арассыыйа Федерациятын сайыннарарга тоҕоостоох идэни баһылыырга, эдэр каадырдары бэлэмнииргэ туһуланар. Аныгылыы инновационнай технологияны баһылыырга уонна санкцияны утары, импорты солбуйар хайысханы тобулар толкуйу сайыннарар кыахтаах диэн саҥа сорук үөскээтэ. Ону таһынан түмүктүүр түһүмэхтэргэ кыайыылаахтары сүүмэрдээн РФ иһинэн ыытыллар улахан аныгылыы инновационнай, технологическай, научнай куонкурустарга кыттары өйүүр туһунан этиллэр.

Куонкурус балаһыанньатын сиһилии Ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникация министиэристибэтин уонна ХИФУ сайтыгар киирэн көрүөххэ сөп.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0