—Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев:
«Тыйыс килиимэттээх Саха сирин норуоттарыгар Ийэ мэлдьи сылааһынан угуттааччынан уонна нус-хас олоҕу түстээччинэн буолара. Кини, дьиэ кэргэн туллар тутааҕа буолан, дьиэ кэргэнин тапталынан угуттуура», -– диэн этэн туран, Саха сиригэр быйылгы 2022 сылы Ийэ сылын биллэрбитэ.
Кырдьыга да, Сахабыт сирин ийэлэрэ, кэрэ аҥаардара оҕолоругар уонна дьиэ кэргэттэригэр бэйэлэрэ ийэ иһиттэн иҥэринэн улааппыт истиҥ иэйиилэрин, бараммат тапталларын, уҕараабат кыһамньыларын уураллар.
Ийэ туһунан төһөлөөх хомоҕой хоһоон суруллубута, ылбаҕай ырыа ылламмыта буолуой? Бүгүн эмиэ ийэ туһунан аныгы кэм бэйиэттэрин хоһооннорун билсиэҕиҥ.
edersaas.ru
ҮРДҮК ДЬОЛ
Оҕобун эмиийдии олорон,
Дьоллоохпун дьэҥкэтик өйдүүбүн,
Бу орто дойдуга мээнэҕэ
Кэлбэтэх эбиппин дэнэбин.
Күн күбэй ийэкэ буолартан
Ама баар үһү бу сиргэ үрдүк дьол,
Олоҕу бэлэхтиир аналтан
Ама баар үһү бу сиргэ дьоһун дьол?
Кэрэтиэн кып-кыра киһичээн
Миэхэҕэ туһаайар мичээрэ,
Иҥсэлээх олоххо дьулуура,
Күн аайы «туһата» элбиирэ.
Олоххо үөрэрим, сөҕөрүм
Бэрт үгүс буолааччы ол эрэн,
Бу курдук ып-ыраас, үтүмэн
Үөрүүнү билбэтэх эбиппин.
* * *
Ытысчаанын
Ытыспар ууран утуйар.
Оҕом, быһыыта,
Ахтылҕанын оннук таһаарар.
Оттон мин, оҕом ытыһын сылааһыгар
Угуттанан, налыйбыт ийэ,
Бу дьоллоох түгэни
Иҥсэлээхтик иҥэринэ,
Өйбөр хатыы сатыыбын.
Сотору кыысчааным улаатыа,
Түбүгэ-садьыга да үксүө,
Дьүөгэтэ, доҕоро дьэ элбиэ,
Кэлэрэ-барара түргэтиэ,
Сырыыта, ыырдара да кэҥиэ.
Оччоҕо ууруо дуо кини
Ытыһын ытыспар бу курдук,
Тапталы, сылааһы эрэйэ,
Эрэнэ, түүллэрин
Миигинниин үллэстэ,
Бу сылаас, эйэлээх
Эйгэттэн дуоһуйа?
Эбэтэр оҕобун сиккиэрдээх,
Ол эрэн эриэккэс күннэрдээх,
Эгэлгэ, дьэрэкээн ыралаах
Эдэр саас сааскыта угуйуо,
Миигиттэн, нууралтан тэйитиэ?
Хайдаҕын да иһин, оҕобун
Олоҕу, көҥүлү таптыырга,
Сөбүлүүр ырыатын ыллыырга,
Чаҕыйан турбакка,
Ыратын сырсарга,
Кыаллыа суох курдугу кыайарга-хоторго
Үөрэтиэм, өйдөтүөм, уһуйуом.
Көттүн ээ, мин оҕом,
Хотойдуу хорсуннук,
Талаһар үрдүгэр,
Баҕарар ырааҕар.
Хараҥа сырдыктыын
Куруутун солбуйсар.
Ол тэҥэ син эмиэ
Кыра да улаатар.
Кэм-кэрдиис эргиирэ сирдьити ирдээбэт,
Бэйэтин киэбинэн устарын тохтоппот,
Ол курдук олоҕум оҕобор салҕаныа,
Кыысчааным ытыһа ол ону туоһулуо.
(Яна БАЙГОЖАЕВА)
ИЙЭМ МИЧЭЭРЭ
Орох тэппит оҕо сааһым
Ооннньообут күннээх алааһым,
Сүүрбүт-көппүт ыллыктарым
Самаан сайын, ахтылҕаным.
Санаатым күндү ийэбин
Суохтаатым, олус аҕынным,
Сүөгэй үүттээх ийэм чэйин
Сайаҕас истиҥ мичээрин.
Доҕуур иитэлиир далларбын
Дьоҕус бэргэнчэй чаачарбын,
Доҕор-билэ атастарбын
Дорҕоонноох ой дуорааннарбын.
Сайыһа көрдүм мин бүгүн
Сайылыгым сарсыардатын,
Сибэккилээх сыһыыларын
Сиэдэрэй симэх лыахтарын.
Санаатым күндү ийэбин
Суохтаатым, олус аҕынным,
Сүөгэй үүттээх ийэм чэйин
Сайаҕас истиҥ мичээрин.
(Василий ГОГОЛЕВ-УЙУЛҔАН)
МИН ИЙЭБИН!
Оҕолорбор – тыыннаах сибэккилэрбэр
Олоҕу биэрбитим,
Сүрэҕим сылааһын,
Өйүм-санаам ырааһын,
Кэрэнэн иэйиибин,
Өрөгөй үөрүүбүн –
Үрүҥ илгэбин
Эмсэхтээбитим.
Мин ийэбин!
Санаам уйаҕас,
Хараҕым эйэҕэс,
Дьиэм иһэ ип-ичигэс.
—
Илгэ илдьиттэрэ,
Чэчик сирдьиттэрэ,
Күүппүт сырдыктарым –
Кыргыттарым!
Уолум – сур соноҕоһум,
Дьолго ыыппыт оноҕоһум!
…Оҕобор
Кэхтибэт кэскили
Биэрэбин,
Төннүбэт төлкөнү
Түһэрэбин.
Дом!
(Александра ГРИГОРЬЕВА-САНДААРЫЙА)
ИЙЭМ КУППУТ ЧЭЙЭ
Ыраатан, тэлэһийэн сылдьаммын,
Тэһииргиир, дьэгдьийэр күннэрбэр,
Ийэм куппут чэйин ахтан,
Иэйэн-куойан ылабын.
Истиҥ таптал иэйиитинэн,
Кутуллубут ол чэйгэ,
Сахам тыла, тыына,
Санааларбын сааһылыыра.
Ийэм куппут чэйиттэн,
Минньигэсчэй утаҕы,
Атын араас дойдуларга,
Амсайбатах эбиппин.
Бүлүүһэлээх таас чааскыттан,
Хойуу, үүттээх чэйи,
Сыпсырыйан иһэн,
Сэһэн-тэптэл тардара.
Киһи киирдин чаанньыгын,
Оһох үөһэ ууран,
Остуол тардан барара,
Сылаас, истиҥ мичээринэн.
Ийэ, Эбэ дэтэммин,
Ийэм куппут чэйин саныы,
Үүттээх, хойуу чэйбин куттум,
Үчүгэйи ыралыы
(Ульяна БУРНАШЕВА-УЙАНА)
ЫТЫК ИЭС УОННА ДЬОЛ
Ийэни, аҕаны бүөбэйдиир,
Көрөр-истэр, харайар -–
Оҕо ытык иэһэ эрэ буолбатах,
Оҕо -– дьоло!
Эһиги -– төрөппүт, ииппит оҕолоро
Үөрэхтээҕимсийэн, үтүөлэнэн -–
Сатамньыта суох сылтахтанан,
Туспа сиргэ силис тардан
Симэлийэн сүтүмэҥ!..
«Дьылҕабыт, оҥоһуубут оннук…», -– дии-диигит
Төрүт тутах санааттан
Усках баран уччуйан улдьаарымаҥ отойун!
Куруук, өрүү бииргэ буолуҥ -–
Ийэни, аҕаны кытары…
Оччоҕуна эрэтин
Кырдьар, кыаммат сааскытыгар
Эһигини өйдүөхтэрэ -–
Эһигини төрөппүт, ииппит оҕолоргут,
Чугас аймах дьонноргут.
(Семен МАИСОВ)
ИЙЭ ТУҺУНАН СУРУЙААЧЧЫЛАР БЭРГЭН ЭТИИЛЭРЭ
«Оҕоҕо төрөппүт ийэ эмнэрбит үүтүн, биэбэйдээбит биэбэйин, таптаабыт тапталын киһи кыайан сыаналыар сатаммат».
(Суорун Омоллоон).
«Оҕоломмотох ыал дьиэтэ
Тыла суох чороон кэриэтэ:
Ким да кинини чугдаарпат,
Үөрдүбэт-көтүппэт, чаҕаарпат».
(Семен Данилов)
«Ийэ -– сир уобараһа. Ийэ куолаһа -– бу бүгүҥҥү саһарҕа уһуктар ырыата. Аан дойду иилээх-саҕалаах. Ол тэҥэ ким барыта төрөппүт ийэлээх. Ийэлэр үйэ саас тухары салҕанан бара турар дьиктилээхтэр. Аан дойду бары чиэһинэй, үлэнэн иитиллэр ийэлэрэ бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр «Ийэ» диэн улахан талааннаахтар».
(Сэмэн Тумат)
«Билбэппин -–
Ийэттэн ураты истиҥи,
Кини баар олохпут тутааҕа,
Кэхтибэт кэскилбит дьылҕата».
(Иван Федосеев-Доосо).
«Ыарахантан ыарахан
Таас хайаны дабайыы,
Ыарахантан ыарахан
Ийэ хараҕын уута».
(Николай Герасимов-Айталын)
«Дьахтарга ийэ буолуу дьиҥнээх иэйиитэ, айылҕаттан бэриллиитэ кини киһи буолуоҕуттан олохсуйар».
(Николай Босиков).
«Ийэ -– биһиги олохпут тирэҕэ, тыаллаах күҥҥэ — дурдабыт, ардахтаах күҥҥэ -– хаххабыт, тымныы күҥҥэ -– сылааспыт».
(Михаил Алексеев).
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru