…
Дьиэҕэ баар араадьыйаттан туохтан да кэрэ куолас киэһэ-сарсыарда иэйиилээхтик ыллыыр. Ийэлээх аҕата: “Ити Амма ырыаһыта Ольга Иванова”, — дэһэллэр. Эчикийэ доҕуһуола даҕаны үчүгэйэ, ханнык да ырыаһыт киэнигэр маарыннаабат.
“Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар,
Долгуннуу эбиллэн үүнэллэр норуоттар…”
диэн тыллары Килиим соһуйа истэр уонна сөпсөһөр, кырдьык ээ, ким барыта ийэлээх. Оннооҕор кыыллар. Киһи оҕото араас эбит буоллаҕа, кимиэнэ эрэ герой, кимиэнэ эрэ гений, кимиэнэ эрэ… Килиим. Тыый, тугун дьиктитэй? Эллэй хоһоонун улууканнаах ырыаһыт Ольга Иванова ырыа матыыбыгар олордон аан дойдуга көтүппүтэ кырачаан Килиим төбөтүгэр соһуччу хатаммыта. Боп-боростуой ийэ барахсан төрөппүт кыра бэйэлээх оҕото хойут, улааттаҕына, герой буолан тахсар эбит дуу диэн аан бастаан толкуйга түспүтэ. Оччотугар бэйэтин норуокка кыттыгастаах курдук санаабыта. “Оттон мин…” диэхтии соһуйан иһиллээбит омунугар аны:
“Эн, кини уонна мин ийэттэн кэлбиппит,
Ийэбит эмиийин илгэтин испиппит..”
диэн, көрөн туран кэпсэтэр курдук салгыы, көнө-судургу тыллар көтөн испиттэрэ.
Чахчыта даҕаны! Мин ийэм бу Сир күнүн санатар, кини дьиҥнээх Күн! Ити ырыаттан иһийэ долгуйбут уолчаан сааһа букатын аҕыйах этэ. Баара эрэ сэттэлээҕэ дуу, аҕыстааҕа дуу. Ол эрээри ити күнтэн ыла ийэтин дьиҥнээх Күнүн курдук көрөр буолбута. Олоҕун тухары. Оннооҕор тиһэх ыарыытыгар сытар эрэйдээх хайа да оҕолоруттан Килиимэ бүөбэйдиирин ордороохтуура. “Оҕом илиитэ сымнаҕас, эһиги киһини мас курдук тутаҕыт” диэн үҥсэргээбиттээҕэ. Онон букатын барыар диэри Күн Ийэтин илиититтэн араарбакка көрбүт Килиим.
— Ийэм барахсаны, субу сотору кэминэн… суох буолуон сэрэйдэрбин даҕаны… араастаан аралдьыта, кэпсэтэ сатыыбын. Артыыс талаана итинниккэ табыллыбат, тахсыбат… Ийэм дьиҥ иһигэр мин саататарбар наадыйбата да буолуохтаах. Бу санаатахха, бэйэбин курдаттыы да көрөөхтүүрэ ини. Ол да буоллар оҕотун хомотумаары-хоргутумаары, хара күүһүн муҥунан өйүү сатыы сытаахтаабыта… Кини баара эрэ 58 саастааҕа. Куолубунан сүрэҕин иһиллии турбутум, “баран эрэр” киһи сүрэҕин тыаһын истибит аҕыйаҕа буолуо. Оттон мин тапталлаах Күн Ийэм сүрэҕэ, бигээн тутан турдахпына, 5 чааһы 11 мүнүүтэ ааһыыта… тэппэт буолан хаалбыта, үйэ тухары тохтообута. Ити мин олохпор саамай сүдү сүтүгүм…
Килиим ийэтин билигин да суохтуур, санаан кэллэҕинэ хараҕын уута ыйытыыта суох ыгыллар… Кэтириис барахсан оруобуна уон сыл быарынан ыалдьан бараахтаабыта. Ол төрүөтэ эмиэ дьиктитэ. Олорбут дьиэлэрин кэҥэттэ сырыттахтарына, ол көҥдөйүгэр сылгы киирбитин таһаараары гыммытын, түҥнэри көтөн ааспыт. Итинтэн сыыстаран наар балыыһалары кэрийэн, ыйы ыйдаан, ардыгар сылы супту эмтэнэр аакка барбыт. Онно да быраастара тута эппиттэр, уһаатаҕына уон сыл барыа дуу диэн.
Дьиэтигэр кыра уола Килиим сырыы ахсын балыыһаттан кэлэригэр ахтан аҥаара буолан тоһуйар. Ийэ бэйэтэ да уолун ахтаахтыыр, оҕото кинитэ суох олус туоххаһыйар. Оччолорго төлөпүөн ыалга барытыгар баар буолбатах, кэпсэтэр сириҥ биир, почтаҕа баран “переговор” сакаастыыгын. Бэһискэ сылдьан бу барахсан, ийэтин саҥатын истээри, почтаҕа атаһын кытта барар. Ол истэхтэринэ ытырыык ыт түбэһэн уол үрдүгэр түһэр. Айака-дьойоко буолбатах дуо? Доҕоро уол биир илиититтэн тардар, ыт анараа өттүттэн… ыһыы-хаһыы, сары-ору. Хата, доҕоро уол, аара уһаат үрдүгэр сытар ураҕаһы таба көрөн, онон ытырыыгы сабырҕаппытыгар анарааҥҥыта биирдэ куотар. Почтаҕа дьүһүн-бодо, хаан-сиин буолан киирбэттэр дуо? Соһуйуу-өмүттүү буолар:
-Иэдэ-эн, хайдах гынабытый…
-Хаһ-аай-ысты-банн-ай мыы-ла… ү-чүү-гэ-эй үһү, — ытыырын быыһыгар Килиимнэрэ ыйа сытар.
-Ону эн хантан биллиҥ?? Ким эппитэй?
-Бы-лыр-ыын бэт-эри-нээр- дэрр кэп-сэп-пит-тэр-ээ…
-Тыый, туох өйдөөх оҕотой, — дэһэ-дэһэлэр, хайыахтарай, хаанын чаккыраппытынан почта дьахталлара биэлсэргэ илдьэн абыраабыттар.
Килиим онно ытаабытын ытырыллыбыт ыарыыбыттан буолбатах, ийэбин кытта кэпсэппэккэ хаалбыппыттан диэн билиҥҥэ диэри ол ыкка абарар…
Дьэ ити. Оттон аҕата эмиэ көннөрү буолбатаҕын оҕолоро хойут өйдөөбүттэрэ. Биирдэ кыра кыыһыгар эппит:
-Эдьиийдэргин, убайдаргын барыларын мус. Улахан остуолла тэрийиҥ, – диэн.
Тук курдук мустан аһыы олордохторуна аҕалара Буутабыс:
-Чэ, тоойдоруом, аны аҕыйах хонугунан, иһэ үлүннэҕинэ икки-үс хонугунан, барыахтаах сирбэр аттанарым буолуо. Өллөхпүнэ ытаан-соҥоон эрэйдэнээйэҕит, ити байтаһын сылгыны туттаарыҥ, бырааһынньык курдук атаараарыҥ… Кэлбит дьону үчүгэйдик көрсөөрүҥ…
-Аҕаа, ону-маны тыллаһаҥҥын. Бачча этэҥҥэ сылдьаҥҥын, аньыы даҕаны! – дэспиттэр оҕолоро.
-Ээ, түүлүм-битим оннук, -диир оҕонньор.
Оруобуна эппитин курдук, үс хоноот, аҕалара “элэс” гыммыт. Наһаа соһуйбуттар, аһыйбыттар. Килиимҥэ, куоракка сырыттаҕына куһаҕан сонуну эдьиийэ эрийэн эппитигэр, дьиктитэ баар, соһуйбатах. Аһары астаран иһигэр санаабыт: “Алаатыгар, аҕам барахсан баран хаалбыта, аймалҕана да суох эбит дии”, — диэн итэҕэйбэтэх курдук буолар. Итинник дойдутугар уу чуумпутук тиийэн кэлэр. Дьиэлэрин таһыгар убайа хоруоп оҥоро турарын көрөн баран, дьэ, ытаан уйа-хайа суох барар. Онтон иһирдьэ киирэн чуо аҕатыгар чугаһыыр, илиититтэн тутар уонна эмиэ дьикти, сонно тута, уоскуйан, хараҕын уута кууран хаалар. Килиим гостуруолга сылдьыбыт видеоларын илдьибитин истэн, аҕалара соруйбутун курдук, тэлэбиисэргэ холбоон көрөллөр, бохуруонаҕа кэлбит ыаллара бары көрөн, онно аралдьыйан, ким да ытаабат-соҥообот. Көмөр күннэригэр ып-ыраас чаҕылыйар күннээх күн үүнэр. Буутабыс кырдьаҕастарын субу таһаарыахтарын аҕай иннинэ чуо кинилэр дьиэлэрин үрдүнэн ардах курулаччы кутар уонна оннук омуннаахтык тохтоон хаалар. Онуоха дьэ, аҕаларын сир-дойду иччитэ итинник атаарар эбит, “суолун сабынна” диэн дьэ өйдүүллэр, саҥата суох, эппитин курдук ийэлэрин таһыгар таһааран уҥуох тутан кэбиһэллэр. Улахан айылҕалаах аҕалара бэйэтэ дьаһайан барбытын курдук барыта уурбут-туппут курдук табыллан хаалар.
Икки хонуктарыгар кыра балтылара түүн ортото утуйа сытар дьонугар сүүрэн кэлэн ааннарын тоҥсуйар. Куттаммыт аҕай:
-Наһаа ынырык… Паапа түүлбэр илэ киирдэ, субу, тыыннаах курдук уонна эттэ: “Бар, убайдаргар эт, ити дьиэттэн хайдах да барымаары гынным. Өрөмүөннэнэ турар салҕааһын дьиэ түннүктэрин туруордуннар уонна аанын таҥаһынан сабан кэбистиннэр. Чэ, итиэннэ үчүгэй баҕайытык олорооруҥ”, — диэтэ уонна ааны наһаа күүскэ сабан тахсан барда, -диир.
Итини истэн баран уолаттар утуйа сытыахтара дуо. Ойон тураннар кырдьаҕас аҕалара эппитин курдук барытын дьаһайан кэбиһэллэр.
Итинник, ийэлээх аҕа диэн сүүнэ айылҕалар. Ону ытыктыыр, билинэр уонна сүгүрүйэр саха киһитигэр бэйэтигэр наада. Кинилэр кынаттаах тылларын хааныгар иҥэриммит, ол күүһүнэн сүрэҕин угуттаммыт, хас биирдии дэгэтин мэйиитигэр хам хатаабыт уратылаах, саха аныгы киһитэ кэнэҕэскитэ күүстээх буола туруоҕа…
Сэһэн салгыытын Огдо “КИЛИИМ” кинигэтигэр (“Айар”, 2021)
Уруһуйдар, хаартыскалар: krasotulya.ru, vtemu.by, habr.com, ipadstory.ru