«Мин биисинэһим» киин — урбаанньыттарга анаан

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Муус устар 22 күнүгэр, сэрэдэҕэ, урбаанньыттары өйүүргэ туһуламмыт  «Мин биисинэһим»  киин «Быһа сибээһи» тэрийэр.

edersaas.ru

«Сбербаан»ПАУо исписэлииһэ урбаанньыттарга сыстыганнаах дьаҥ усулуобуйатыгар биисинэһи өйөөһүн миэрэлэрин туһунан кэпсиэҕэ.  Сибээскэ аччыгый уонна дьоҕус биисинэс килийиэннэрин кирэдьииттээһин отделын исписэлииһэ Светлана Романова тахсыаҕа.

«Быһа сибээс» 14 чаастан 16 чааска диэри үлэлиэҕэ.

8 (924) 873-00-43 (батсааптаах); 8-800-100-58-80 нүөмэрдэргэ эрийэн, исписэлииһи кытта кэпсэтиэххэ сөп.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0