«Мин биисинэһим» Горнай ыччатын түмэр

Ааптар: 
14.10.2021
Бөлөххө киир:

СӨ Урбааҥҥа уонна туризмҥа министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Мин биисинэһим” ГАУ Горнайдааҕы салаатын салайааччыта Марианна Семеновна Поповалыын кэпсэттим.

— Мин 2010 сыллаахтан, тэрилтэбит урбааны өйүүр киин диэн ааттаах эрдэҕиттэн үлэлиибин. Улуус ахсын маннык соҕотохтуу үлэлиибит, холобур, биһиги улууспутугар Бэрдьигэстээххэ «Мин биисинэһим” диэн Урбаан министиэристибэтин иһинэн үлэлиир салаа үлэһитэ соҕотохпун. Ол эбэтэр, Горнай улууһун бары нэһилиэктэрин кытта биир ситимнээхтик үлэлиибит. Онтон 2019 сылтан Горнайга өҥөнү оҥорор киин диэн буолбуппут. Үлэбит сүрүн сүнньэ – “биир түннүккэ” хас да кыһалҕаны быһаарар соруктаах. Урбаанньыт эбэтэр бэйэтин дьыалатын аһыан баҕарар киһи, эбэтэр интэриэстээх киһи бары өҥөнү барытын босхо ылар кыахтанар. Ол курдук сүбэ-ама эрэ буолбакка, үп-харчы өттүнэн эмиэ өйөбүл ылыахтарын сөп. Маны таһынан, эбии үөрэхтэр, сэминээрдэр, вебинардар, төгүрүк остуоллар барыта биһиги нөҥүө ыытыллаллар. Оттон үп өттүнэн өйөбүлгэ, биһиги нөҥүө министиэристибэ өттүттэн көрүллэр субсидиялар, араас бырагыраамалар бааллар. Ону таһынан, Урбаан министиэристибэтэ ыытар куонкурустарыгар кыттан бэйэлэрин ороскуоттарын төнүннэриэхтэрин сөп. Маны сэргэ СӨ Дьоҕус урбааны сайыннарыы пуондата диэнтэн бэйэлэригэр сөптөөх, уһун болдьохтоох, кыра бырыһыаннаах иэс харчы ылыытын өҥөтө баар. Биһиги кииммитигэр биисинэс-инкубатордаахпыт, онно саҥа тэриллибит урбанньыттар атахтарыгар туруохтарыгар диэри чэпчэтиилээх сыанаҕа бэйэ дьыалатын сайыннарарга анаан хостору эбэтэр үлэ­лииллэригэр сөптөөх оҥорон таһаарар миэстэлэрин куортамныахтарын сөп. Биһиги 28 арааһынай тэрилтэҕэ 86 судаарыстыбаннай-муниципальнай өҥөнү оҥоробут. Урбаанньыт регистрацияны ааһарыттан саҕалаан араас дьарыктанар көрүҥнэрин уларыйыыларыгар тиийэ, холобур, бааһынай хаһаайыстыбалар тимир көлөлөрүн учуокка туруоралларыгар, дьону тиэйэр такси өҥөтүн оҥоруон баҕалаах суоппардар дьону тиэйэр көҥүллэрин ылааһыннарыгар тиийэ оҥоробут. Урбаан эйгэтигэр интэриэстээх, үлэлээх, үлэтэ суох барыта кэлэн тустаах көмөнү ылар кыахтанар.

УЛУУСПУТУГАР ХАННЫК КӨРҮҤ САЙДАРЫН КӨРӨБҮТ

“Мин биисинэһим” иһинэн көмөнү ылыы барыта босхо. Үп-харчы өттүнэн көмөҕө наадыйар киһи сөптөөх докумуоннары хомуйсан араас быраагыраамаҕа кыттар. Бу түгэҥҥэ биһиги өттүбүтүттэн урбаанньыкка сөптөөх информация тиийэрин ситиһиэхтээхпит. Ол курдук, туох куонкурус саҕаламмытын, болдьоҕун, усулуобуйатын, туох ирдэнэрин барытын тиэрдэбит. Хомуйсубут докумуоннарын биһиэхэ бэрэбиэркэлэтэллэр, ону биһиги барыта баар буоллаҕына, Дьокуускайга ыытабыт. Улууспутугар ханнык көрүҥ сайдара ордугун көрөммүт, ол хайысханы күүскэ өйүүбүт. Улахан тэрилтэни тэринэн элбэх үлэ миэстэтин таһааран үлэлэтэ сылдьар, билигин сайдыылаахтык үлэлиир урбаанньыттар элбэхтэр. Кэнники 2020-2021 сылларга регистрацияны ааспыт Сергей Васильевич Кондакову ааттыам этэ. Биһиэхэ мээнэ тэнийбэтэх, тимир (кованай) оҥоһуктары оҥорор урбаанньыт буолар. Иккиһинэн, өр сылларга олох кыайтарбакка турбут өлбүттээххэ оҥоһуллар өҥө (ритуальнай) эйгэтигэр ылсан үлэлэһэн эрэр Яков Альбертович Трофимовы уонна «Горныйпласт” былаастыктан араас наадалаах малы-салы оҥорон нэһилиэнньэҕэ атыылыыр тэрилтэни бэлиэтиэм этэ, бу сайыҥҥыттан ити тэрилтэ былаастык түннүктэри оҥорон саҕалаабыта кэрэхсэнэр. Ону таһынан, былырыыҥҥыттан ыраас ууну оҥорон таһаарар Надежда Заровняеваны эмиэ ааттыахпын сөп. Павел Семенов диэн оскуола оҕото ийэтин көҥүлүнэн урбаанньыт буолан, аһылык астаан дьоҥҥо тиэрдэн биэрии өҥөтүн оҥорор.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0