Киһини өйдүүр буолуохпуттан тыы тумсугар олоро сылдьыбыт курдукпун. Иннибэр улахан да улахан илиилэр илими бэрийэллэр, уу үрдэ күн уотугар дьирибинээн, көрүөхтэн кэрэ!
Күн кыырпахтарын диэки тардыһабын, кып-кылабачыгас алмаас таастары ытыстан ытыска кутан оонньуур курдукпун. Үөрүүм-көтүүм муҥура суох: “Тээтээ, ити алмаастары мин ытыспар кутан ис, кутан ис”, — хаһыытыыбын! Аҕам, улахан баҕайы киһи, күлэн тиистэрэ кэчигириир.
“Тут, тут, алмаастаргын ыһыктыма!”, — диир. Мин түөртээх-биэстээх, кыра, мытырыллыбыт кыысчааммын, куруук аҕабын кытта сылдьарбын өйдүүбүн. Ити ийэбит Өлөөнө өлбүтүн кэннэ эбит. Убайым Дьөгүөссэ, алталаах уол, сороҕор эмиэ тыыга баар буолааччы.
Аҕабыт илим үтэн баран, өссө туулуур. Тууну оҥорорун өр да өр көрөн олорооччубун, сороҕор тырыыҥкайдарын сааһылаабыта буолабын. Оччоҕо аҕам үөрэр: “Оо, оҕом сыыһа, көмөлөһөр ээ!” Аҕам хайҕаатаҕына, эгди буолабын, өссө күүскэ көмөлөһүөхпүн баҕарабын!
Мин балык оҕотобун!
Сайын сайылыкка көһөбүт, алааспыт ыраатан хаалар. Аҕам туутун көрө алааһыгар сылдьар. Миигин ыран хаалыаҥ диэн ылбат. Аҕабын сайыһабын, барсыахпын баҕарабын…
Титииккэ киирэммин, долборукка утуйан хаалабын. “Оо, аҕам хаһан кэлэр, төһө эрэ элбэх балыгы аҕалар”, — дии саныыбын, кэтэһэбин аҕай. Санаабар, бу күн сиригэр мин уонна аҕам эрэ баар курдукпут…
Хантан эрэ алаадьы сыта кэлэр. Муннум кычыгаланар. Аата үчүгэйин! Алаадьы сыта! Долбруктан тахсабын, муннубунан сытыргыыбын. Ээ, ол ортоку дьиэттэн минньигэс сыт кэлэр эбит! Ол диэки барабын. Баҕар, миэхэ алаадьы биэриэхтэрээ!..
Дьиэ аана аһаҕас. Манна ийэлээх оҕолор олороллор. Мин ону билэбин. Ийэлэрэ Дьэбдьиэй диэн ааттаах. Дьэбдьиэй миигин көрбөт, халты көрөр…
Сап-саһархай алаадьылар… Эчи сыта минньигэһин! Дьэбдьиэй миигин көрбөт, халты көрөр… Оо, саатар биир алаадьыта биэриий! Мин алаадьы сиэхпин баҕарарбын кини тоҕо таайбатый? Суох! Дьэбдиэй миигин көрбөт, халты көрөр. Мин титиикпэр төттөрү сүүрэбин. Долборукка сытан эрэ ытыыбын…
Мин балык оҕотобун.
Аҕам алааһыттан тымтай муҥунан балыктаах кэлэр. Сыыҥкабай тааска сүөкүүр. “Ыалгар таһааран биэр”, — диэн иһиккэ собо кутар. Ону мин илдьэбин. Дьоҥҥо собо биэрэрбиттэн наһаа үөрэбин!
Аҕам барахсан ол курдук дэлэгэй дууһалаах киһи этэ. Сааһын тухары төһөлөөх аҥардас ыалга, тулаайах эмээхситтэргэ Күөх Боллох күндү бэлэҕиттэн – Көмүс Хатырыктааҕыттан бэрсибитэ буолуой?!
Мин балык оҕотобун…
Аҕам: “Эн балык оҕотоҕун”, диирэ өйбөр дириҥник иҥэн хаалбыт.
Елена Петровна Прокопьева,
1949 сылаах төрүөх, Мэҥэ Хаҥалас, Хочо,
«Таммахтар» литературнай түмсүү.