Бүгүн нуучча норуотун улуу поэта А.С.Пушкин төрөөбүт күнэ.
Тапталы туойбатах поэт диэн бука суоҕа буолуо. Оттон Пушкин курдук тапталы туойбут аҕыйаҕа буолуо.
Бу күҥҥэ тапталы туойбатахпытына хаһан туойуохпутуй?
«МИН БҮГҮН ТАПТАЛЫ ТУОЙАБЫН» Полина-Победа хоһооннорун ааҕыҥ, сэргээҥ!
АҺЫНАБЫН
Эйиигинэ суох син сатаан
Салгынынан тыынабын,
Эйиигинэ суох ол аата
Олорорго үөрэниэм.
Эйиигинэ суох син сатаан
Дьону кытта үөрэбин,
Эйиигинэ суох ол аата
Дьоллонору тобулуом.
Тобулуоҕум, сатыаҕым
Оҥостуоҕум олохпун,
Арай сүрэх өйдөөбөт,
Өйүөн отой баҕарбат.
Кини эйиигин, сэгэриэм,
Күндүкэтэр олуһун,
Арыт наһаа суохтуурун
Аһынабын сүрэхпин.
* * *
Аата суох тарбаххар
Биһилэх эн кэттиҥ,
Олоҕуҥ бу күнтэн
Атыннык салаллыа.
Үөрдэ дуо ол онтон
Сүрэҕиҥ эн түөскэр?
Үөрбэтин таайабын,
Ол эрэн уоскуйуоҥ.
Уоскуйуо туругуҥ
Күннээҕи түбүктэн,
Субуллуо сылларыҥ,
Сыыйа эн үөрэниэҥ.
Оттон мин сүрэхпин
Аптаах да биһилэх
Абылыыр кыаҕа суох,
Абырыыр да кыаҕа суох.
Бу кыра биһилэх
Быһаарда барытын,
Бу кыра биһилэх
Солбуйуо дуо миигин?
Мин курдук таптыыры
Аны эн булбаккын,
Мин курдук таптааччы
Бу сиргэ аҕыйах.
ИККИ БЭЛИЭ КҮННЭРИМ
Харах уулаах үөрүүгэ
Улуу Кыайыы күнүгэр
Кыттыһаары бу күҥҥэ
Орто сиргэ кэлбиппин.
Биирдэ кэлбит олохпор
Биирдэ күүскэ таптаатым,
Биирдэ Ийэ мин буоллум,
Биирдэ буллум кыыс оҕо.
Айыыһытым үөһэттэн
Бэлэх биэрэн үөрпүтэ:
Улуу Пушкин күнүгэр
Уолу бэлэх ууммута!
Арай бука мээнэҕэ
Буолбатаҕа буолаарай
Икки бэлиэ күнүнэн
Бэлиэтэммит мин дьылҕам…
Полина-Победа,
Уус-Алдан
Хаартыска: ru.depositphotos.com