Милена Борисова аата саха эстрадатыгар 2000 сыллар ортолоругар иһиллэн барбыта. “Ийэбэр”, “Ситиһиилэрим иннибэр”, “Умнума” уо.д.а. ырыалара ыччакка киэҥник биллибиттэрэ. Кини айбыт ырыаларын үгүс ырыаһыттар ыллыы сылдьаллар. Билигин Милена ырыа айыынан дьарыктанар, оҕолору ырыаҕа үөрэтэр.
— Мин Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, 2009 сыллаахха Арктикатааҕы искусство уонна култуура институтун туризм менеджерэ идэлээх бүтэрбитим. Устудьуоннуур сылларбар Эстрада тыйаатырыгар дуогабарынан ырыаһыт быһыытынан үлэлээн саҕалаабытым. Артыыстары кытта алтыһан, гостуруолларга айаннаан, умнуллубат кэмнэр ааспыттара. Онно ырыаһыт быһыытынан уопутурбутум.
— Оҕолору ырыаҕа хаһааҥҥыттан дьарыктыыгын?
— 2010 сыллаахха ийэ буолан бараммын, Амма Мээндигитигэр кулуупка дириэктэринэн үлэлии сылдьыбытым. Онтон дойдубар Сатаҕайга кэлэн, оҕолорго муусуканы үөрэппитим. Бастаан оскуолаҕа тиийэн бараммын, олус элбэх оҕону көрөн куттаммытым. “Хайдах үөрэтиэхпиний?” диэн санаабыттааҕым. Сыыйа үөрэнэн, оҕолору кытта биир тыл булан, үлэм табыллан испитэ. Биирдэ оҕолорбун куонкуруска кытыннараары гыммытым, күрэхтэһиигэ тиийбиппит бары биир ырыаны ыллыыллар эбит. Тоҕо бэйэм ырыа суруйбаппыный диэммин, “Күөрэгэй” диэн ырыабын айбытым. Фонограммалаан, килиип устан, кэнсиэр тэрийэн, дойдум оҕолорун кытта таһаарыылаахтык үлэлээбиппит. Билигин Дьокуускайга Оҕо Дыбарыаһыгар оҕолору ырыаҕа үөрэтэбин. Баҕалааҕы барыларын ыллатабыт, сүүстэн тахса оҕону дьарыктыыбын. Улуустары кытта үлэлэһэбин — Горнайтан, Үөһээ Бүлүүтэн, Ленскэйтэн, Хаҥаластан, Чурапчыттан, Амматан, Мэҥэ Хаҥаластан оҕолор кэлэннэр ырыаҕа үөрэнэллэр. Былырыын педагог үөрэҕин бүтэрбитим, онон талбыт идэбинэн дуоһуйа үлэлии сылдьабын.
— Оҕолорго аналлаах ырыаны хайдах айаҕын? Тугу учуоттуугунуй?
— Билбэт оҕолорбун кытта үлэлиир буоламмын, хас биирдиилэрин кытта сирэй-сирэйгэ кэпсэтэбин. Кэпсэтэ олорон оҕо дьиэ кэргэнин, хайдах үөрэнэрин, майгытын таайа сатыыбын. Оччоҕуна ырыа тыла, матыыба табылларга, оҕоҕо бэйэтигэр сөп түбэһэргэ дылы буолар. Оҕолорго ырыа тылларын бэйэлэригэр суруйтара сатыыбын, матыыбын эрэ чочуйан биэрэбин. Билиҥҥи оҕолор үксүгэр доҕоттор, таптал туһунан ыллыахтарын баҕараллар.
— “Ис сүрэхтэн бэлэх” диэн альбом сүрэхтээри сылдьар эбиккин.
— Бастакы айбыт ырыабыттан сиэттэрэн ырыа бөҕөтө айбытым, ол кэнниттэн балтараа сылынан “Ис сүрэхтэн бэлэх” диэн бастакы альбомум тахсыбыта. Манна бэйэм айбыт ырыаларбын кытта фонограммаларын эмиэ устубуппут. Сорох ырыаһыттар фонограммаларын харчыга атыылыыллар, кэнсиэртэн ыллаан бүтээт, тарҕамматын диэн, көмпүүтэртэн тута соттороллор. Урут Ангелина Файрушиналыын гостуруолларга сылдьар этибит. Онно кэнсиэр бүтүүтэ, дьон Ангелинаттан ырыаларын фонограммаларын көрдүүрэ. Онуоха кини биир-биэс тыла суох биэрэн кэбиһэрэ, мин: “Тоҕо фонограммаҕын итинник мээнэ тарҕатаҕын?” — диэн соһуйан ыйыппытым. Ангелина: “Милена, биһиги ырыаларбытынан олоробут, ыллаатыннар ээ”, — диэбитэ өйбөр киирэн хаалбыт. Онон, ол санаанан, альбоммар фонограммаларбын барытын уган иһэбин. Альбомнарым тахсыбыттарын кэнниттэн “Хотугу сулус”, “Эн – сулускун!” куонкурустарга оҕолор муусукабын туттар, ырыабын ыллыыр буолбуттарын истэн олус үөрбүтүм. Кулун тутар 29 күнүгэр Оҕо дыбарыаһыгар төрдүс альбоммун сүрэхтээри сылдьабын. Манна бэйэм уонна дьарыктыыр оҕолорум кыттыыны ылыахтара. Кинилэр эстрада ырыаһыттарын – Ирена Файрушиналыын, Майя Сергиналыын, Умсууралыын, Ванстыын ыллыахтара. Уолум Айтал Окоемов ыллыаҕа.
— Соторутааҕыта уолгунуун “Ийэм уонна мин” диэн ырыа таһаарбыккыт, уолуҥ ырыаһыт буолар баҕалаах дуо?
— Уолум Айтал — “Айыы кыһатын” бастакы кылааһын үөрэнээччитэ. Үөрэҕин таһынан шорт-трегынан, дуобатынан дьарыктанар. Ыллыырын олус сөбүлүүр, өссө “миэхэ маннык ырыата суруй” диэн сакаастаһааччы. Мин бииргэ төрөөбүт быраатым Долун ыллыыр, гитаралыыр. Айтал киниттэн үөрэнэн, ыччакка биллибит ырыалары астына ыллыыр. Ардыгар “ити ырыаҕын маннык ыллаа ээ” диэн сүбэлээн биэрээччи.
— Кэлин ырыаһыт быһыытынан эстрадаҕа тахсар былааннааххын дуо?
— Кыралаан ыллыыбын, мин баҕардахпына эрэ ыллыыбын. Кырдьык, артыыс быһыытынан сайдар, эстрадаҕа тахсар кыах баар этэ. Хас эмит сылы быһа Эстрада тыйаатырыгар Аркадий Алексеев салайааччылаах ыллаабытым. Ырыаны үлэ курдук ылыннахпына, эбэһээт ыллыахтаахпын, кэнсиэргэ кыттыахтаахпын диэн бэйэбин эбээһинэстээтэхпинэ ыллыыр баҕам сүтэн хаалыа диэн куттанабын. Мин айбыт ырыабын бэйэм ыллыырбынааҕар атын дьон толорорун быдан сөбүлүүбүн.
Айтана Аммосова кэпсэттэ.
Хаартыскалар, видеолар: дьоруой архыыбыттан.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru