Үгэс курдук хас бэнидиэнньик аайы буолар былааннааһыммытыгар «үбүлүөйбүтүн көрсө эдэрдэр аҕа саастаах суруналыыстарбытыттан интервью ылан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэххэ» диэн кэпсэтии буолла. Ол олоххо киирэн, саха суруналыыстыкатыгар күөн туттар киһибит, тырааныспар, сибээс отделын эрэдээктэрэ Милан Афанасьевтан интервью ылар буоллум.
Көмүс күһүн туорааҕа
Кэпсэтиибитин кини оскуолатааҕы сылларыттан саҕалаатыбыт. Милан Матвеевич сүрдээх үчүгэй сэһэргээччи. Хааһахтан хостоон эрэрдии, куруутун бэйэтэ туттар тылыныы эттэххэ, «туох да ааттаах үчүгэйдик, дьиктитик» кэпсиирин киһи эрэ иһиттэр-истэ олоруох курдук. Онон оҕо саас хаппахчытыгар саһыарбыт санааларын сиһилии суруйабын.
— Суруналыыс буолар баҕа санаам оскуола саҕаттан иитийэхтэммитэ диэтэхпинэ, сыыспаппын. Аан бастакыбын хаһыакка Сунтаар оройуонун Кутана аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан суруйбутум. Онтубун бу баар курдук өйдүүбүн. «Көмүс күһүн түмүктэрэ» диэн оскуолабытыгар биэчэр ыытар этибит. Онно сайын устата тугу үлэлээбиппитин, тугунан дьарыктаммыппытын билиһиннэрэрбит, кэпсиирбит. Үчүгэйдик үлэлээбит оҕолорго махтал сурук, грамота туттараллара. Өссө харчынан бириэмийэ биэрэллэрэ. Мин эмиэ онно тиксибитим. Окко үчүгэйдик үлэлэспитим иһин отделение управляющайа Алексей Федоров 15 солкуобайынан бириэмийэлээбитэ. Оччолорго 15 солкуобай улахан харчы этэ эбээт.
Биэчэрбит да табыллыбыта, кыттааччылар бары да астыммыппыт. Ол үөрүүбүттэн бу туһунан хаһыакка суруйуохха баар эбит диэн санаа көтөн түспүтэ. Оннук дии санаатым да бииргэ үөрэнэр уолбар Май Степановка сүүрдүм. Оччолорго кини хаһыакка суруйара, онон хайдах суруйары, ыытары билэрэ. Көрдөһүүбүн киһим ылынна. Суруйан аҕалбыппын бэрэбиэркэлээн, көннөрөн биэрдэ. Сурукпутун бүтэрэн-оһорон, иккиэммит аатын туруоран баран хаһыакка ыыттыбыт. Оччолорго оройуоннааҕы хаһыаппыт Ньурбаҕа тахсар этэ, «Коммунизм суола» диэн ааттааҕа. Хаһыакка хаһан да сурук ыыппатах киһи матырыйааллаахпын умнан кэбистим. Биир үтүө күн Май, миигиттэн уҥуоҕунан уһун, адарҕастаан кэлэн саҕабыттан тутан ылла уонна «ноо, тохтоо эрэ, ыстатыйабыт тахсыбыт» диэтэ. Сиэбигэр укта сылдьар хаһыатын таһааран көрдөрдө. Көрбүтүм, «Бэйэбит үлэбитинэн коммунизмы чугаһатабыт» диэн төбөлөөх суруйуу. Хаһыакка ааппын көрөн, үөрүү бөҕөнү үөрдүм. Суруйдахха хаһыакка тахсар эбит диэн санаа ити түгэҥҥэ киирбит быһыылааҕа.
Онтон салгыы бэйэм тугу санаабыппын, сөбүлээбиппин, үчүгэй диэбиппин тиһигин быспакка оройуоннааҕы хаһыакка суруйан испитим. Суруйдаҕым аайы тахса турар. Онтон эр ылан «Бэлэм буол» хаһыакка ыыттым. Арай суруйууларым тахсыбаттар. Ол оннугар сурук отделын сэбиэдиссэйэ И.Веревкин илии баттааһыннаах сурук кэлэр. «Корреспонденцияҥ арыый сиикэй, табыллыбатах, онто сатамматах» диэн ис хоһоонноох. Онтон санаам түһэн хаалла, «Бэлэм буолга» аны ыыппат буоллум. Билигин санаатахпына, информацияны эрэ суруйар эбиппин. Манна эмиэ биир үөрэҕи ылан турардаахпын. Поэт Альберт Бүлүүйүскэй биһиги оскуолабытыгар үөрэммитэ. Миигиттэн улахан. Биирдэ тутан ылан: «Милан, ити суруйарыҥ үчүгэй. Ол гынан баран ким да үөрэппэт буолан, буолбуту кэллэ-барда эрэ диэн суруйаҕын. Итинтикэҕин кэҥэтэн суруй. Суруйар киһигин кытта кэпсэт. Иҥэн-тоҥон ыйыт уонна эппитин суруйуугар кыбытан биэр», — диэн сүбэлээбитэ. Сүбэлээбитин курдук аныгыскы суруйуубун кэҥэтэн, ойуулаан, кырааскалаан биэрдим. Онтум олох атыннык таҕыста. Оччолорго оройуон хаһыатыгар Артем Михайлович Ермолаев эрэдээктэрдиирэ. Кини селькордар мунньахтара буолла да миигин ыҥырар этэ. Онно хайгыыра, холобур оҥосторо, — диэн кэпсиир уонна ааспыты ахтан хараҕа уоттана түстэ.
Ити кэмтэн ыла Милан Матвеевич суруналыыс буолар баҕа санаатыттан харыс да халбарыйбатаҕа. Онон оскуоланы бүтэрээт, хаһыакка үлэлии киирэргэ дьулуспута. Ол эрээри көмүс күһүн туорааҕа эһиилигэр кэлэн бурдук буоларыныы, дьылҕата кинини олоххо үөрэтэн-такайан баран биирдэ хаһыакка аҕалбыта.
Литературнай үлэһиттэн эрэдээктэргэ тиийэ
Кини оскуола кэнниттэн тута хаһыакка киирбэккэ, «Элгээйи» сопхуоска оробуочайдаабыта, комсомол кэмитиэтин сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Кутана олохтоох сэбиэтин исполкомугар бэрэссэдээтэллээбитэ. Ол быыһыгар Үөһээ Бүлүү оройуонугар үлэлии сылдьыбыта. Ол эрэ кэннэ баҕалаах хаһыатыгар кэлбитэ.
Милан Матвеевич Үөһээ Бүлүүтээҕи «Коммунизм сардаҥата» хаһыакка партийнай отдел кэрэспэдьиэнинэн үлэтин саҕалаабыта. Манна үлэлии сылдьан Хабаровскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуолаҕа бэчээт үлэһиттэрин отделениетыгар үөрэммитэ. Хаһыакка үөрэммит, үлэлээбит сылларын маннык кэпсиир.
— Киирии эксээмэҥҥэ нуучча тылыгар икки төгүл диктант суруйбуппун өйдүүбүн. Итинник эриһэн туран түөрт сыл үөрэнэн, суруналыыс идэтин ылбытым. Үөрэхпин бүтэрэн кэлиибэр Уус Алдан хаһыатыгар эрэдээктэринэн анаабыттара. Эрэдээктэрдээн көрбөтөх киһи сырыттаҕым. Салларым диэн сүр. Онуоха эбии Уус Алдан олох билбэт сирим, дойдум. Ол эрэн ыыттылар да үлэлиэхтээхпин, ол аата эрэнэллэр эбит диэн санаа баһыйара.
Билигин үлэлээбит кэлэктииппэр махтанабын. Уопута суох, сатаабат диэннэр киҥир-хаҥыр саҥарбаттар этэ, хата, төттөрүтүн үөрэтэ-такайа сатыыллара. Кэлэн үлэлии олордохпуна, сурук отделын сэбиэдиссэйэ Агафья Ивановна Охлопкова киирэн куруутун «бу суругу хайыыбыный?» диэн ыйытара. Билигин санаатахпына, дьонум итинник ыйытаннар, миигин үөрэппиттэр эбит. Ыйытыы эмиэ үөрэх ээ. Онтон киһи толкуйдуур, өй ылар. Оннук үөрэнэн, тутатына үлэм хайысхатын булан үлэлээн барбытым. Ити 1980 с. атырдьах ыйыгар этэ.
Милан Матвеевич «Ленинскэй тэрийээччи» хаһыакка буһан-хатан баран, ССКП обкомун бэчээтин секторын сэбиэдиссэйэ Ф.Охлопков ыҥырыытынан аны «Кыым» хаһыакка үлэлии киирэр.
«Кыым» кырдьаҕастарын кытта бииргэ
Онон, бэйэтэ этэринии, «Кыым» аатырбыт оҕонньотторун кытта бииргэ үлэлиир дьолго тиксэр. Ол курдук, кини Григорий Нынныровы, Василий Ойуурускайы, Николай Атласовы, Семен Окоемовы, Василий Кириллини, Еремей Порядины, Виктор Яковлевы кытта үлэлээбитин дьылҕатын бэлэҕинэн ааттыыр.
— Кинилэри кытта алтыһыы, санааларын истии — бэйэтэ оскуола. Киһи кинилэртэн истэн, көрөн үөрэнэр. Маннык гын, итинник гын диэн хаһан да сүбэлээбэттэр этэ. Кинилэрдиин биир бурҕалдьыны тардан үлэлээбиппиттэн астынабын. Оччолорго кинилэр биһиэхэ, эдэрдэргэ, наһаа итэҕэйэллэр, эрэнэллэр эбит. Үлэлээбит сылларбар элбэххэ үөрэммитим. «Кыым» олоҕу таба өйдүүргэ, сатаан суруйарга үөрэппитэ. Оччотооҕуга партийнай хаһыат буолан хонтуруола да кытаанах этэ. Тугу суруйарбытын барытын көрөн-истэн баран таһаараллара. Онно барытыгар киһи үөрэнэр. Летучкаҕа ырытыылара эмиэ күүстээҕэ. Суруйуубутун бүтүннүү ырытан, уутун-хаарын барытын ыган таһаараллара. Тылы имитэргэ, сатаан туттарга үөрэппиттэрэ. Ону таһынан кырдьаҕастарбытын кытта биир ыал оҕолорун курдук этибит. Кинилэр тустарыгар кыһалларбыт. Саас даачаларыгар баран көмөлөһөн, сирдэрин тиэрэн, хортуоппуйдарын олордон биэрэрбит. Күһүн оҕуруот аһын үллэстиитэ бэйэтэ бырааһынньык, — диэн оччотооҕу кэмин истиҥник ахтар.
Манна даҕатан эттэххэ, билигин да эрэдээксийэ «Кыым» кырдьаҕастарын кытта сибээһин быспат. Үөрүү буоллун, хомолто буоллун барытыгар көмөлөһөр. Онуоха Милан Матвеевич сүрүннээччи-тэһииннээччи буолар. Ол буолар — утуму салҕааһын, саха өс хоһоонунуу «кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы сылдьан» сүбэлэтии. Ити биһиэхэ, эдэрдэргэ, эмиэ үтүө холобур.
«Саха сирин» бухатыыра
90-с сыллар саҕаланыылара – уларыта тутуу кэмэ. Дойдуну бүтүннүү сабардаабыт хамсааһын аан бастаан тэлэбиидэнньэ, араадьый, хаһыат үрдүнэн кэлбитэ. 1991 с. тохсунньу ыйыгар «Саха сирэ» бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. Эрэдээктэринэн «Кыым»-ҥа үлэлээбит Василий Кириллин анаммыта. Милан Афанасьев Сурук уонна маассабай үлэ отделыгар киирэн, аны «Саха сиригэр» суруналыыстаабыта. Кини суруналыыс буолуоҕуттан үлэлээбэтэх отдела диэн суоҕун кэриэтэ. Бу туһунан бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ Тамара Корякина бу курдук суруйан турар: «Өрүү отдел салайааччыта, сэбиэдиссэйэ эбэтэр эрэдээктэрэ эрээри отдела уларыйбахтаан кэллэ. Тустаах салаа буоллун, идеологическай буоллун – талымастаммакка үлэлээн, кини «универсал» курдук барытын баһылаата, араас отдел «бурҕалдьытын» тардан кэллэ. Итиччэ элбэх отделга үлэлээн, үгүс сылларга төһөлөөҕү айбыта-суруйбута буолуой? Бэйэтин майгытыгар-сигилитигэр дьүөрэлээх, мындыр киһилии булан-талан, сиһилии хасыһан, итэҕэтиилээхтик, туспалаах стилинэн суруллубут матырыйаалларын ааҕааччылар сөбүлүүллэр, ытыктыыллар. Милан – кэлэктиипкэ тутаах киһи, кинитэ суох табыллыбаппыт».
Бу санааны салҕаан Милан Матвеевич доҕоро Иван Ксенофонтов: «Кыымҥа» үлэлии киириэхпититтэн доҕордоһобут. Табаарыс, доҕор быһыытынан да олус эрэллээх киһи. Суруналыыс быһыытынан бары жанры баһылаабыт киһи – кини. Ону таһынан кини – учуутал, наставник. Тус бэйэм киниттэн элбэххэ үөрэммитим. Барыны бары кыайарын, күүстээҕин иһин «Эрэдээксийэ бухатыыра» диэн ааттыыбыт», — диэн күлэ-үөрэ кэпсиир.
Бииргэ үлэлиир доҕотторо кини ымпыгар-чымпыгар тиийэ суруйарын, үөһэттэн айдарыылаах, кыраҕы харахтаах суруналыыһын бэлиэтииллэр. Талааннаах киһи эргиччи талааннаах дииллэр. Милан Матвеевич улахан түһүлгэни тэрийэр улахан оһуохайдьыт, ону ааһан тустуук уонна мас тардыһааччы. Аны кэлэктиипкэ кинитэ суох ханнык да дьаһал ыытыллыбат этэ. Кини барытыгар тэрийээччи, көҕүлээччи буолара.
Эдэр дьоҥҥо, биһиэхэ, Милан Матвеевич курдук аксакал суруналыыстары кытта үлэлиирбит дьолбут. Кинилэр тылларын-өстөрүн истэр, суруйууларыттан үөрэнэр инники үлэбитигэр да, тус олохпутугар да көмөтө хара баһаам буолара саарбаҕа суох.
Кини суруйууларыттан үөрэнэбит
Милан Матвеевич билигин экономика, тырааныспар отделын эрэдээктэринэн үлэлиир. Көтөр аалы үрдүнэн көтүппүт, тимир ыллык устатын-туоратын кээмэйдээбит суруналыыс диир буоллахха, саарбаҕа суох кини аатын ааттыахха сөп.
«Куоһурбут – бигэ туруктаах үлэ», «Муҥур уһукка тириэрдимиэххэ», «Ыараабыт кынаты ким кыайыай?», «Авиация – экономикабыт дьоһуннаах кыната», «Оройго оҕустаран, түөскэ тэптэрэн», «Ньимиликээн буолан туһа суох» диэн сытыы төбөлөөх матырыйааллар тутатына ааҕааччы хараҕар быраҕыллаллар. Тус бэйэм Милан Матвеевич матырыйаалларыттан ох тылларын сурунан ылааччыбын. Холобур, «дьоҕурдаах, баҕалаах киһи барыны кыайар», «саҕалыахха эрэ наада, түмүгэ баар буолуо», «ууһу кытта олорор уус буолар», «тимири уокка аһара өр туттахха уйадыйан хаалааччы, чахчы үчүгэй эрэ хаачыстыбалаах тимир уоту тулуйар» о.д.а. ох тыллары хамаҕатык туһанар.
Эдэрдэргэ сүбэ тыллара
Итинтэн сиэттэрэн Милан Матвеевичтан суруналыыс идэтин туһунан ыйыппат буоларым сатаммат курдук. Билиҥҥи суруналыыс хайдах буолуохтааҕын туһунан ыйытыыбар, бука, бу боппуруоһу биэриэхпин сэрэйбитэ да буолуо, биир тылынан бэрт дөбөҥнүк этэн кэбиспитэ.
— Мин саныахпар, суруналыыс хорсун буолуохтаах. Туохтан да иҥнэн-толлон турбакка киирсэн, иннин диэки дьүккүйэн иһиэхтээх. Этэргэ дылы, бу аанынан үүрэн таһаардахтарына, атынынан киириэхтээх. Сыалын-соругун хайаан да ситиһиэхтээх. Мин хаһыатчыттары үс бөлөххө араарабын. Дьоҕурдаах уонна баҕалаах, баҕалаах эрээри дьоҕура суох, баҕалаах эрэ. Аҥардас баҕанан киһи тугу да кыайбат. Хорсун, дьулуурдаах уонна баҕалаах буолуохха наада. Ону таһынан билиҥҥи үйэҕэ хайаан да үөрэхтээх буолуу ирдэниллэр. Барытын билэ-көрө сылдьан кэпсэтэриҥ быдан атын буолар. Ити ааттаммыт хаачыстыбалар баар эрэ буоллахтарына, туох эмэ тахсыан сөп. Суруналыыс – айар киһи. Суруйуутунан хаһан да муҥурданыа, астыныа суохтаах. Суруйан истэҕин аайы билиэн-көрүөн, айыан-тутуон баҕарара өссө күүһүрүөхтээх.
Түмүккэ үгэстэри салҕааһын
— Эргэ, ааспыт барыта куһаҕан буолбат, — диэн кэпсэтиибит түмүгэр Милан Матвеевич этэр. — Кырдьаҕас «Кыым» үгэстэрин салҕаан, утумнуурбут буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Редакция ааҕааччыларын кытта сибээһи олох быспата. Суруйар дьон биһиэхэ тиһигин быспакка кэлэллэрэ. Билигин итинтибит мөлтүү быһыытыйда. Аны «Кыымҥа» сурук бөҕө киирэр этэ. Дьон-норуот туһугар, тыа сирин олохтоохторугар ананан тахсар хаһыакка ааҕааччы хайаан да наада. Кини санаата биһиэхэ сибиэһэй салгын кэриэтэ, силиспит-мутукпут буолар. Күннээҕи олоҕу, хамсааһыннары бэрт түргэнник иилэ хабан суруйар этибит. Ону күүһүрдүөххэ. Эрэдээксийэ бэйэтин хонтуруолугар улахан тутуулары ылар этэ. Атын уобалас хаһыаттарын кытта сибээстэһэр этибит. Онтубутун салгыыр киһи. Аны эрэдээксийэ базатыгар улуустар хаһыатчыттарын мунньан семинар ыытыллара. Ити барыта үлэҕэ-хамнаска олус туһалаах этэ. Биһиги, сахалыы саҥарар хаһыат үлэһиттэрэ, саамай сүрүнэ — норуоппут туһугар үлэлиибит. Кыһалҕаларын кыһалҕа гынан, кинилэргэ бэрэсидьиэн, бырабыыталыстыба үлэтин билиһиннэрэн, тахсар сокуоннары, уларыйыылары быһааран биэрэр далаһа буолан олоробут. Онон санаам биир: сахалыы тыллаах баарын тухары хаһыат баар буолуо. Аал Луук маспыт курдук үүнэн, чэлгийэн, сайдан силигилиэҕэ. Уонна саха норуотун түмээччи, инники сайдыыга көҕүлээччи, тэрийээччи буолуоҕа.
Аграфена КУЗЬМИНА,
«Саха сирэ» хаһыат, 2011 сыл.