РФ Төрүт Сокуонун 31-с ыстатыйатыгар эйэлээхтик түмсүү, сэбэ сэбиргэлэ суох, мунньаҕы ыытыы, мииитин уонна демонстрация, сэлэлээн хаамыы уонна пикет Арассыыйа гражданнарын быраабынан көрүллэр.
“Мунньахтар, миитиннэр, демонстрациялар, сэлэлээн хаамыы уонна пикет туһунан” 2004 сыл бэс ыйын 19 күнүнээҕи Федеральнай Сокуонугар публичнай тэрээһиннэри тэрийии уонна ыытыы бэрээдэгэ быһаарыллан турар; публичнай тэрээһиннэри ыытыыга гражданнар бырааптарын мэктиэлээһин.
Демонстрацияларга, сэлэлээн хаамыыга, пикеккэ 18 саастарын сиппит, миитиннэргэ уонна мунньахтарга 16 саастарын сиппит Арассыыйа Федерациятын гражданнара публичнай тэрээһини тэрийээччинэн буолуохтарын сөп.
Публичнай тэрээһини ыытааччы РФ субъегын толорор былааһын уорганыгар эбэтэр олохтоох бэйэни салайыныы уорганыгар, публичнай тэрээһин буолуо 15 хонугуттан эрдэлээбэккэ уонна 10 хонуктан хойутаабакка суругунан иһитиннэрии (уведомление) ыытыахтаах.
Дьокуускай куоракка Ленин уонна Комсомольскай болуоссаттарыгар публичнай тэрээһиннэрии ыытыыга иһитиннэриини (уведомления) көрөр уонна сөбүлэҥи биэрэр боломуочуйалаах уорганынан СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын Дьыалаҕа управлениета буолар, атыттарга — Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата.
Публичнай тэрээһин, өскөтүн дьиэ сууллуутун эбэтэр атын тустаах тэрээһин кыттааччыларыгар кутталы үөскэппэт, тэрээһиҥҥэ сөптөөх ханнык баҕарар миэстэлэргэ буолуон сөп.
Публичнай тэрээһини ыытыы бириэмэтэ – Арассыыйа бэлиэ дааталарыгар аналлаах, культурнай ис хоһоонноох тэрээһиннэртэн ураты, олохтоох бириэмэнэн ааһан эрэр күн сарсыарда 7 чаастан эрдэтэ уонна киэһэ 22 чаастан хойута суох буолар.
Ханнык баҕарар мунньахха, миитиҥҥэ, демонстрацияҕа, сэлэлээн хаамыыга эбэтэр пикеккэ ыйыллыбыт бэрээдэги кэһии иһин, административнай быраабы кэһии туһунан РФ Кодексатын 20.2 ыстатыйатынан (салгыы – КоАП РФ) административнай эппиэтинэскэ тардыллаллар.
Гражданнар олоҕу хааччыйар эбийиэк, тырааныспар эбэтэр социальнай инфраструктура үлэтигэр, сибээскэ, дьон сырыытыгар эбэтэр тырааныспар эбэтэр гражданнар олорор дьиэҕэ эбэтэр тырааныспар инфраструктуратын эбийиэктэригэр киирэллэригэр мэһэйи үөскэппит көҥүлэ суох (несанкционированный) мунньахха, миитиҥҥэ, демонстрацияҕа, сэлэлээн хаамыыга эбэтэр пикеккэ кыттыылара РФ КоАП 20.2 ыстатыйатын 6.1 чааһынан админстративнай быраабы кэһии буолар уонна 10-тан 20 тыһыынча солкуобайга диэри ыстараап, 100 чааска диэри булгуччулаах үлэ эбэтэр 15 сууккаҕа диэри административнай тутуу накаастабыла буолар.
РФ КоАП 20.2 ыстатыйатын 5 чааһынан публичнай тэрээһиҥҥэ кыттааччы мунньаҕы, миитини, демонстрацияны, сэлэлээн хаамыыны эбэтэр пикети ыытыы бэрээдэгин кэһиитин иһин эппиэтинэс көрүллэр. Бу публичнай тэрээһини ыытыыны тэрийээччи, ис дьыала уорганын үлэһиттэрин, РФ национальнай гвардиятын сокуоннай ирдэбиллэрин толорбот буолуу буолуон сөп. Тустаах быраабы кэспит дьоҥҥо 10-тан 20 тыһыынчаҕа диэри кээмэйдээх административнай ыстараап эбэтэр 40 чааска диэри булгуччулаах үлэ накаастабыла көрүллүөн сөп.
Ону таһынан, РФ Холуобунай Кодексатын 212.1 ыстатыйатынан тэрээһин ыйыллыбыт бэрээдэгин хаста даҕаны кэһии эбэтэр мунньаҕы, миитини, демонстарцияны, сэлэлээн хаамыыны эбэтэр пикети ыытыы иһин эппиэтинэскэ тардыллаллар.
Өскөтүн тустаах киһи бу иннинэ 180 күн иһигэр иккиттэн элбэхтик РФ КоАП 20.2 ыстатыйатынан көрүллэр административнай быраабы кэһиигэ тардылла сылдьыбыт буоллаҕына, мунньаҕы, миитини, демонстрацияны, сэлэлээн хаамыыны эбэтэр пикети тэрийии эбэтэр ыытыы бэрээдэгин кэһии хас даҕаны төгүлэ буолар.
Бу ыстатыйа санкциятынан алта сүүс тыһыынчаттан биир мөлүйүөн солкуобайга диэри эбэтэр хамнас төлөбүрүн кээмэйин эбэтэр сууттаммыт киһи иккиттэн үс сылга диэри атын дохуотун, эбэтэр түөрт сүүс аҕыс уон чааска диэри болдьохтоох булгуччулаах үлэ, бииртэн икки сылга диэри көннөрүнэр үлэҕэ (исправительная работа), эбэтэр биэс сылтан үөһэ күһэлэҥ үлэҕэ, эбэтэр эмиэ ити курдук болдьоххо дылы холуобунай накаастабыл көрүллэр.
СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ.