Бэҕэһээ, муус устар 9 күнүгэр, Дьокуускайга Доҕордоһуу болуоссатыгар “Сомоҕо күүс” уопсастыбаннай түмсүү тэрийиитинэн миитин буолла. Тэрээһиҥҥэ баартыйалар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, киин куорат, чугастааҕы улуустар олохтоохторо кытыннылар. Эрдэттэн этиллибитинэн, миитин экологическэй этэ эрээри, Ил Дарханы утары петицияҕа илии баттатыахтара диэн сир аннынан иһиллибитэ. Үгүстэр онуоха туох буоларын көннөрү интэриэһиргээн кэлбиттэр. Дьыалатыгар киирдэххэ, атын буолла.
Ол курдук, тыл этээччилэр сүрүннээн маннык тиэмэлэри таарыйдылар:
Сир баайыттан киирэр үп олохтоох норуот олоҕун тупсарыыга барыахтаах;
Өрөспүүбүлүкэ баайын-дуолун, тыын суолталаах тэрилтэлэрин атыылааһыны утарарга, хонтуруолга ыларга;
Үлэтэ суох буолууну, сыана күннэтэ үрдүү турарын тохтоторго;
Дьиэ-уот хаһаайыстыбатын (ЖКХ) тарыыбын үрдэтиини тохтоторго.
Дьон санаата:
Бүөтүр Андреев, уопсастыбанньык:
— Миитин туһунан олох сыбыс сымыйаннан суруйан түһэҥҥит тоҕо да сүргүтүй доҕоттоор!
Мин тус бэйэм миитиҥҥэ сылдьан, дьон санаатын истэн толкуйдаан ырытан олоробун, кэлбит дьон үксэ туох буоларый диэн сурах хоту, бэйэлэрин тус интэриэстэрэ, көрөр баҕалара быһа гыммакка ол көҕүлээһинин тулуйбакка кэлбиттэр эбит!
Ханнык да дьон өрө туруута суох, дьон төттөрүтүн быр-бааччы олорор баҕалаахттар эбит, ол иһин да буолуо дьон үксэ кыратык көрө түһэн баран дьиэлэригэр тарҕаһан, миитин бүтүүтэ аҥаарыттан аҥара эрэ хаалан түмүк тыллары иһиттилэр!
Мин тус бэйэм тыл көрдөөн түөрт төгүл Сулустаанаҕа тиийэ сылдьыбыппар, туох иһин биэрбэтилэр, дьэ оччотугар миитин норуокка диэн этиниэ суоҕа этилэр буоллаҕа, баҕалаах киһи кэлэн этинэрэ бэйэтин көҥүлэ ини диэн санааттан суруйабын!
Аны туран биир кырдьаҕас коммуниһы, оҕонньору олох да саҕатыттан тутан чуут киэр илгибэтилэр эрэ, оҕонньор эрэйдээх хараҕыттан уу сүүрүөр диэри айманна, норуотугар аҕыйах тылы этинээри ыт курдук үөҕүлүннэ, мөһөөччүктээх бөх курдук быраҕылынна, дьэ маннык дьоннор мустан миитин тэрийэн, айдаан майдаан эрэ тарппыт киһи диэн санааттан, норуот «геройдара» буола сатаан бэйэлэрин тус интэриэстэрин эрэ өрө тутан, норуоту булкуйа сатыыллара дьэ киһи өйдөөбөт дьикти көстүүтэ диирбэр тиийэбин!
Бу маннык кыра айдаантан майдаантан оннооҕор буолуох улахан сайдыылаах дойдулар, олохторо ыһылынна, ыал устун бардылар, дьиэлэрэ уоттара урусхалланна, күлгэ буорга кубулуйда!
Онон Сахам дьоно, сэрэниҥ, баар олохппут ыраас салгынынан олоруоҕуҥ диэн эттэҕим буоллун!
Ити айдааны соруйан күөртээн биэрээччилэр, уокка арыы кутааччылар, сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһааччылар билигин да ханна барыахтарай, кыра харччы оҕотугар туохтарын барытын туран биэрэр тойооскулар урут да бааллара, ама билигин кэлэн сүтүөхтэрэ дуо, баар бөҕө буоллахтара!
Уруккубутун ахтан ааһар эбит буоллахха, эмиэ биһиги Саха омуга улууканнаах дьоммутун Аммосовы, Ойуунскайы, Аржаковы, Бараховы уо.д.а. дьоммутун эмиэ үҥсэн, доностаан күн сириттэн симэлиппиппит, үтүө ааттарын сиргэ тэпсибиппит, дьэ иэдээн диэтэҕиҥ, мин тус санаабар бу хамсаныы эмиэ онно майгынныыр курдук оҥоһуллан эрэр, үҥсүү сурукка илии баттатыы, Резолюция диэн дарбатан киэҥник аатанан Москуба куоракка ыытан, бу Сахабыт сиригэр иэдээн буолан эрэр диэн өйдөбүлү тириэрдэ сатаан, туохха-туохха тириэрдэллэр бу норуот «геройдара» диэн сымыйа ааттаах атастарбыт, бүгүҥҥү сугулаан дьонноро!
Онон сайдам санаалаах Сахам дьоно толкуйданыҥ, сыта олоро ырытан көрүҥ, диэн эттэҕим буолуохтун!
Социальнай ситимтэн:
— Ат сүүрдэгинэ ыт хаалбат диэбиккэ дылы. Бэйэ бэйэни сиэһии. Атын сиргэ былааһы Путины утаран миитиннииллэр, биһиги бэйэбитин утара сылдьабыт. Сатаан салайыммаппыт диэбиккэ дылы, Москваттан тоҥ нууччаны аныахтара президенинэн,чообурҕаһан бүтэбит. Саха президеннэнэ сылдьыбыппыт наһаа да үчүгэй этэ дэһиэхпит…