Миитэрэй Наумов айымньытынан Хатаска режиссердар күрэстэһэллэр

01.04.2022
Бөлөххө киир:

Муус устар 2 күнүгэр Хатастааҕы “Тускул” култуура киинигэр драматург, суруйааччы, “Алампа” аатынан бириэмийэ лауреата Миитэрэй Наумов айымньытынан “Режиссердар күөн күрэстэрэ” диэн норуодунай тыйаатырдар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрэ буолуоҕа.

edersaas.ru

Дмитрий Федосеевич, күөн күрэс бырайыагын ааптарын быһыытынан, чопчу бу бырайыак туһунан кэпсэтиэх эрэ.
— Бастатан туран, бу уопсастыбаннай тэрээһин буоларын тоһоҕолоон этиим. Мин тыаҕа үөскээбит уонна улааппыт, кэлин араас үлэҕэ эриллибит  киһи нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, саха дьоно ханнык баҕарар тэрээһини судаарыстыбаҕа сэлээннэээбэккэ, бэйэлэрэ көҕүлээн, иилээн-саҕалаан көхтөөхтүк ыыталларын көрө-билэ  сылдьыбытым. Урут тыа сирин кулууптарыгар дыраама, хор уо.д.а. кэлэктииптэр айар үлэлэринэн дьонноругар-сэргэлэригэр олох араас өрүттэрин көрдөрөн-биллэрэн кэллэхтэрэ.
Син элбэх пьесаны суруйдум, онон драматург курдук син сананабын быһылаах (күлэр). Билиҥҥитэ Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын репертуарыгар үс пьесам баар («Бүгүн эбэтэр хаһан да», «Өрөспүүбүлүкэ», «Сандаарар сарыал саллааттара»). Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар «Соргулаах суорумньуну» туруорбуттара. Оҕолорго суруйбут «Сардаана сибэкки» пьесабынан СӨ норуодунай артыыстара Екатерина уонна Алексей Егоровтар мюзикл оҥорон элбэхтик туруорбуттара. Бэйэм эмиэ сылдьан хаста да көрбүтүм. Мин көрдөхпүнэ, онно ситэри тулуйан көрбөккө баран хаалыан сөптөөх оҕолор элбэх курдук этилэр да, ким да тахсан барбатаҕа, бары үөрэ-көтө ылыммыттара. Онтон Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатыра улахан сиэммэр анаан суруйбут «Дьүкээбил уонна Кустук Куо» диэн Саҥа дьыл туһунан пьесабын эмиэ көрдөрө сылдьыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ норуодунай тыйаатырдара эмиэ хото туруораллар. Холобур, былырыын норуодунай тыйаатырдарга 135-с көрдөрүүбүт буолла диэбиттэрэ.

— «Режиссердар күөн күрэстэригэр» чопчу эн пьесаларгынан күрэхтэһэллэр эбит дии?
— «Режиссердар күөн күрэстэрин» бэйэм спонсордаан, уопсастыбаннай хамсааһын быһыытынан аан бастаан Амматааҕы Култуура киинигэр тирэҕирэн оҥорбутум. Онтон пандемиянан сибээстээн, биир сыл тохтоон баран, хатастар «мантан ыла биһиги ыытабыт» диэн бэйэлэригэр ыллылар, быйыл бэһис төгүл ыытыллан эрэр. Хатастар тэрээһиннээх үлэлээх норуодунай тыйаатырдаахтар. Тыйаатыр аҕа саастаах кэлэктиибэ мин элбэх пьесабын оонньоон кэллэ.
«Тоҕо режиссердары күрэхтэһиннэрдиҥ?» диир буоллахха, мин маҥнай ким ханнык пьесаны туруорарынан ыыта сылдьыбытым. Ол гынан баран, күрэс кэмигэр режиссерга улахан болҕомто ууруллубатын, кэлэктиип хайдах оонньообутун эрэ сыаналыылларын бэлиэтии көрбүтүм. Дьиҥэр, анал орто да, үрдүк да үөрэхтээх режиссердарбыт элбээтилэр. Дьон кинилэри билиэн-көрүөн баҕарар диэн санааттан режиссердары күрэстэһиннэрэргэ быһаарыммытым. Биир пьесаны режиссердар төһө атыннык, уратытык туруоралларын көрөр олус умсугутуулаах. Кини төһөнөн кыахтаах да, туруоруута чаҕылхай буолар уонна элбэх киһини мунньар. Холобур, быйылгы күрэххэ Хатастааҕы норуодунай тыйаатырга оруолларга тииспэккэлэр, икки кэлэктиибинэн арааран туруораары сылдьаллар. Онтон атын кэлэктииптэргэ эр дьонноро тиийбэт, ол иһин кыайан кыттыбакка хаалаллар. Режиссер төһөнөн кыахтаах да, дьонун аттаран туруорар, кинилэр санааларын табан оонньотор, элбэх дьону мунньар. Былырыын Амма улууһун Абаҕа тыйаатыра бастаабыта. Билигин бу тыйаатыр эмиэ элбэх артыыстаах. «Батсаап барахсан диэн пьесаҕа режиссер М.Винокурова бастакы мэистэни ылбыта. Аллараа Бэстээххэ үчүгэй норуодунай тыйаатыр баара буолуо диэн киһи эрэ барыта санаабат буолуохтаах. Дьэ, кинилэр икки бөлөхтөөхтөр: нууччалыыы уонна сахалыы оонньууллар. Аммаҕа ыытыллыбыт режиссердар күрэхтэригэр сахалыы бөлөхтөрө «Батсаап барахсан» диэн испэктээгинэн бастакы миэстэни ылбыта. Онтон былырыын нууччалыы тыллаах бөлөхтөрүн кытыннарбыттара. Дьэ, ити курдук, тыйаатырдар үлэлэригэр уопсастыбаннас болҕомтотун тардаары,  норуодунай тыйаатырдар режиссердарын күрэҕин ыытабыт. Аны бу күрэххэ биир эрэ бириэмийэлээхпит. Атын араас күрэхтэргэ курдук, иккис-үһүс миэстэлэр суохтар. Хайдах иккис миэстэлээх режиссер баар буолуой? Бастаабыт режиссерга бирииспин тута туттарабын. Ону таһынан уопсастыбаннас тэрийэн ыытар буолан, элбэх араас номинациялаахтар. Сыана кэтэҕэр үлэлиир, дьоҥҥо көстүбэт үлэһит дьон эмиэ наҕараадата, бирииһэ суох хаалыахтара суоҕа.
— Быйыл ханнык тыйаатырдар  кыттар буоллулар?
— Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕиттэн «Сыккыс» норуодунай тыйаатыр (режиссер М.Владимирова), Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр икки бөлөҕө (режиссер Е.Семенова), Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгиттэн С.Иванов-Чочу Сэмэнин аатынан норуот тыйаатыра (режиссер Ньургууна Дмитриева), Анаабыр улууһун М.П.Решетникова аатынан Сааскылаах норуодунай тыйаатыра (режиссер З.Д.Андросова), Горнай улууһун Бэрдьигэстээх норуодунай тыйаатыра (режиссер Е.И.Мартынова) кытталларын күүтэбит.
Ханнык баҕарар күрэххэ кыайтарбыт киһи хомойор. Онон бу хомойбут да, кыайбыт да киһи кини оруолун атын тыйаатырдар артыыстара хайдах оонньуулларын тургутардыы көрөр. Режиссер хайдах туруорбутун интэриэһиргииллэр. Аммаҕа буолбут күрэххэ Анаабыр курдук ыраах сиртэн кыттыбыттара кэрэхсэтэр, Быйыл эмиэ кытталлар. Ити курдук, сыл аайы бэйэ-бэйэлэриттэн көҕүтүһэн, кыттааччы ахсаана элбиир, географията да кэҥиир. Онон уопсастыба, дьон-сэргэ бэйэтэ түмсэн тэрийиитин нэһилиэнньэ кэлэн көрөрө элбиэн сөп.
— Дьүүллүүр сүбэҕэ кимнээх үлэлииллэрий?
— Дьүүллүүр сүбэҕэ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кылаабынай режиссера Александр Васильевич Титигиров (аан бастаан саҕаланыаҕыттан бэрэссэдээтэл), Ресурснай-бырайыактыыр киин сүрүннүүр методиһа Саргылана Саввична Адамова уонна Норуот айымньытын уонна социальнай-култуурунай технологиялар өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэлэрин отделын сэбиэдиссэйэ Алексей Константинович Захаров үлэлиэхтэрэ. үлэлиэхтэрэ. Былырыын Александр Титигиров кыайан кэлбэт буолбутугар өрөспүүбүлүкэ норуодунай артыыһа Герасим Семенович Васильев бэрэссэдээтэллээбитэ. Онон, бу үс киһилээх дьүүллүүр сүбэҕэ тыйаатыр дьыалатыгар үрдүк билиилээх, таһымнаах дьон киирдилэр.
Дьээбэлээн да ыйыттахха, итиччэ элбэх тыйаатыр биир пьесаны туруорара көрөөччүгэ салгымтыалаах буолбатах дуо?
— Эн этэриҥ курдук, Аммаҕа тиийбиппитигэр көрөөччүлэр: «Хайдах куруук биир испэктээги көрүөхпүтүй?» — дэспиттэрэ. Онуоха: «Өссө биирдэ киирэн көрүҥ», — диэбиппэр көрбүттэрэ. «Кырдьык да, олох атыннык оонньууллар эбит. Режиссердар көрүүлэрэ, маастарыстыбалара дьэ манна сытар эбит» -– диэн сөхпүттэрэ, махтаммыттара.
Мин суруйбутум — туһунан айымньы, оттон режиссердар туруоруулара -– эмиэ туһунан айымньы. Мин пьесабар эппит санаабын дьоҥҥо тиийэр гына сайыннарыы, көрөөччүнү итэҕэтии -– режиссердар үлэлэрэ. Кинилэргэ мин туох да ыйыы-кэрдии оҥорбоппун, сүбэлээбэппин, сэмэлээбэппин. Дьүүллүүр сүбэҕэ чугаһаан да көрбөппүн, олох ырааҕынан сылдьабын.
Быйыл ханнык пьесаҕынан күөн көрсөллөрүй?
— Сыл аайы саҥа пьесаны суруйабын. Ол миигин айар үлэҕэ көҕүлүүр. Быйыл тугу да суруйа илик сылдьан, суруйааччы Гаврил Спиридонович Уаров кинигэтин ааҕан баран, санаа киирэн «Гибернация» диэн пьесаны суруйдум. Дьэ, ону быйылгы күрэс кыттыылаахтара оонньоон көрдөрүөхтээхтэр. Ис хоһоонун кэпсээмиим, хата, кэлэн көрүҥ, сэргээҥ. Минньитэ таарыйа кылгастык этэн аастахха, сүөһү булууска түһэн хаалан баран, хастыы эмэ ый устата тыыннаах хаалбыт түбэлтэлэрин туһунан элбэҕи иһиттибит, биллибит, сөхтүбүт-махтайдыбыт. Биһиги чысхаан кыһыммытыгар биир да хачыгаара суох эһэ утуйар, моҕотой утуйар, дьабарааскы утуйар, оннооҕор сахсырҕа мас быыһыгар утуйар. Оччотугар?..

— Дыраама жанрыгар үлэлииргэр оруолларгын артыыстар оонньууларын хараххар оҥорон көрөҕүн дуу? Ол эбэтэр ардыгар эр дьон артыыс аҕыйаҕынан оруолларыҥ ахсаанын учуоттуугун дуу?
— Уус-уран айымньыны суруйаргар бэйэҕэр көҥүл бэриллэр. Онтон дыраамаҕа учуоттуугун. Улахан тыйаатырдар оонньуохтарын сөп элбэх пьесалардаахпын. Элбэхтик гостуруоллуур тыйаатырдар биир массыынаттан ордубат киһилээх айанныылларын учуоттаан, маассабай сыаната суох гына суруйуохха эмиэ сөп.
Кырдьыга да, Эн уопсастыбаннай үлэтэ суох сатаммат эбиккин. Өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин бүттүүн тапталларын номнуо ылбыт «Тобуруокап көмүс күһүнэ», хомойуох иһин, пандемиянан сибээстээн ыытыллыбатаҕа үһүс сылыгар баран эрэр. Ол оннугар аны «Режиссердар күөн күрэстэрин» көҕүлүү, тэрийсэ сылдьаҕын.
— Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин солбуйсубуттар. «Тобуруокап көмүс күһүнэ» поэтическай түһүлгэбит быйыл хайаан да ыытыллыаҕа, элбэх киһи ыйытар, күүтэр, долгуйар. 10 тыһыынча бириэмийэлээх 4 строкалаах хоһоон күрэҕэр 80-тан тахса киһи кыттааччы. Бу -– эмиэ уопсастыбаннай тэрээһин. Норуодунай бэйиэппит Бүөтүр Тобуруокап аата тардыбытын да иһин, суруйааччы бюһун анныгар туран кини туһунан кэпсээбэттэрин 3 сылы быһа сыралаһан ситиспитим. Дьэ, ол оннугар хоһоону хото аахтыннар. «Үчүгэй хоһоон ааҕылыннаҕына оҕонньорбут үөрбүт курдук буолар ээ», -– дэһэр буолбуттара.
Бастакы түһүлгэбит 37 кыттааччыттан саҕаламмыт буоллаҕына, кэлин 180-ча киһи кыттыбыта. Онон, норуот бэйэтэ баҕаран туран ыытар уопсастыбаннай тэрээһиннэрин өйүөххэ эрэ наада.
— Режиссердар күрэстэрин илиилэригэр ылбыт Хатас норуодунай тыйаатырын туһунан тугу этиэҥ этэй?
Хатас тыйаатыра — мин доҕотторум. Кинилэр тыа сирин, бэйэлэрин олохторун туһунан суруллубут пьесаны ордук интэриэһиргииллэр уонна оонньоон дьоннорун-сэргэлэрин сэргэхситэллэр. Тыйаатыр кэлэктиибэ олус элбэх артыыстардаах, эдэриттэн эмэнигэр диэри тыйаатырдарын таптыыр уонна бэриниилээх дьон буолаллара көстөр. Кинилэр ханнык баҕарар тэрээһиннэригэр ыҥырдылар да, үөрүүнэн кыттабын, кинилэргэ ис сүрэхпиттэн тардыһабын.
— Эһиил 75 сааскын туолар эбиккин. Айар үлэҕэр, уопсастыбаннай үлэҕэр былааннардааҕын буолуо?
— Туох улахан кэлиэй? Ол эрэн, төрөөбүт нэһилиэгим, Амма улууһун Сулҕаччытын салалтата уонна култуура үлэһиттэрэ «Режиссердар күөн күрэстэрин» 2023 сылга бэйэлэрин кулууптарыгар тэрийээри былааннарыгар киллэрбиттэрэ. Онон эһиил «Режиссердар күөн күрэстэрин» Аммаҕа тиийэн көрүөхтээхпит (хатастар биир эрэ сылга «уларыстылар»). Онно  мин пьесаларбыттан ханныгы талалларыгар бэйэлэрин көрүүлэринэн  туруоран күрэстэһиэхтэрэ.

Дмитрий Федосеевич, бачча атах тэпсэн олорон кэпсэппиччэ, дойдубут билиҥҥи балаһыанньатын, чуолаан Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэ туһунан санааҕын ыйыппакка хааларым сатаммат курдук.
— Мин бу буола турар байыаннай эпэрээссийэни уонна Арассыыйа дьайыытын өйүүбүн. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпитинэ, Сэбиэскэй сойууһу ньиэмэстэр эрэ сэриилээбиттэрин курдук үөрэтэр этибит. Дьиҥэр, 19 судаарыстыба киирбитэ диэн этэллэр. Билигин ол судаарыстыбалар биһиги аҕа көлүөнэ дьоммут оҥорбут эйэлээх олохпутугар ытыктабыла суох сыһыаннаһалларын олох сөбүлээбэппин. Ыаллыы олорор дьон бэйэ-бэйэбитигэр ытыктабыллаах сыһыаннаах буолуохтаахпыт. Донбасска, Луганскайга олорор дьону тоҕо атаҕастыахтаахтарый? 8 сылы быһа буомбалаан, дэриэбинэлэри урусхаллаан кэллилэр, эйэлээхтик быһаарсыахтаах этилэр. Референдумунан быһаарыллыбыт өрөспүүбүлүкэни хайа эрэ өттүнэн билиниэхтээхтэр. Патриот киһи быһыытынан, Арассыыйа сөпкө дьаһанна дии саныыбын. Сергей Шойгу ньиэмэс дьонугар  туһаайан: «Эһиги биһиэхэ 200 сылга да умнуллубат алдьархайы оҥорбуккут», — диэн эппитин ис сүрэхпиттэн астына сылдьабын. Инникитин биһиги дьайыыбытын ылыныахтара дии саныыбын. Арассыыйаны туох буруйун, аньыытын иһин кырыы харахтарынан көрүөхтээхтэрий? Бу сыллар усталарыгар биһиги устуоруйубатын барытын холуннаран, баһааҕырдан кэпсээһин барбыта. Ол иһин этэбин: хаһан баҕарар сымыйа – мөккүөрү, кырдьык сайдыыны үөскэтэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0