Мииринэйгэ коронавирустаабыт киһи баара билиннэ

Ааптар: 
17.04.2020
Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн, муус устар 17 күнүгэр, брифиҥҥэ, хомойуох иһин, Саха сиригэр коронавирус дьаҥа тарҕана турарын, балаһыанньа уустугун эттэ. 

—Мииринэй оройуонун олохтооҕо Москва анныгар эмтэнэн кэлбит.  Кини бу күннэргэ дойдутугар кэлээт, төрөппүттэрин кытары «самоизоляцияҕа» дьиэтигэр хааччахтанан олорбут. Ол гынан баран, Москваҕа дьаҥҥа хаптаран кэлбитэ билиннэ. Бэҕэһээ аҕатын кытары балыыһаҕа киллэрилиннилэр. Аҕатыттан ылыллыбыт анаалыс түмүгэ бүгүн биллиэхтээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0