Мииринэй Сүлдьүкээригэр саха сүөһүтэ тиэрдилиннэ

Ааптар: 
02.04.2020
Бөлөххө киир:

«Саха сүөһүтэ» хааһына генофонднай тэрилтэтин саҥа салаата Мииринэй Сүлдьүкээригэр тэриллэрин, онно киин улуустартан сүөһү илдьиллэрин туһунан биһиги суруйан турабыт.

edersaas.ru

Бу күннэргэ кыһыҥҥы суолу баттаһа саха сүөһүлэрэ Сүлдьүкээргэ тиэрдилиннилэр. Сүөһүлэри тиэммит массыыналары көрсүһүүгэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ эрэ буолбакка, коронавирус дьаҥыттан сэрэнэн харантыын биллэриллибитинэн сибээстээн, эмчиттэр эмиэ сырыттылар.

Барыта 147 саха сүөһүтэ аҕалылынна, бары чиптээхтэр, – диир Мииринэй оройуонун тыатын хаһаайыстыбатын начальнига Николай Пустоляков. – Бу сүөһүлэр «Саха сүөһүтэ» ГХТ Үөһээ Бүлүү, Амма, Горнай уонна Нам улуустарыгар баар салааларыттан сүүмэрдэммиттэр, араас саастаах ынахтары таһынан үс атыыр оҕус уонна 22 оҕус тыһаҕас баар. Кинилэри хаһаайыстыба бэтэринээринэй бырааһа арыаллаан, көрөн-истэ аҕалла. Ыраах айаҥҥа улаханнык илистибэтэхтэр, туруктара этэҥҥэ. Урукку сопхуос саҕаттан баар эргэ хотоҥҥо киллэрдибит. Сайын ирдэбилгэ эппиэттиир саҥа хотон тутуллуохтаах. Саха сүөһүтүгэр идэтийэр хаһаайыстыба тэриллэринэн, нэһилиэккэ 22 киһи үлэнэн хаачыллыаҕа. Саҥа хараас, сөптөөх тиэхиньикэ баар. Кэлэр өттүгэр хаһаайыстыба үрүҥ аска үлэлиэн сөп.

«АЛРОСА» АХ иһинэн үлэлээбит «Новай» сопхуос уларытыллан тэриллэринэн сибээстээн, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Денис Белозеров салайааччылаах оробуочай бөлөх Сүлдьүкээр олохтоохторун кытары сүбэлэһэн баран, манна саха сүөһүтүн иитэргэ быһаарбыттара. Онон билигин Мииринэй оройуонун дьаһалтата тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, быраҕыллан сытар сири-уоту туһаҕа таһаарарга уонна ол үлэҕэ сир баайын хостуур хампаанньалары тардарга туһаайыллыбыт биэс сыллаах былааны оҥоро сылдьар.

Сүлдьүкээргэ сотору оптоволокно ситимэ тардыллыахтаах уонна суол оҥоһуллуохтаах. Олохтоохтор саха төрүт сүөһүтүн иитэр хаһаайыстыба тэриллэриттэн, элбэх киһи үлэнэн хааччылларыттан үөрэллэр, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтаналлар диэн Мииринэй оройуонун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0