Мииринэй оройуонугар үс ойуур баһаара баар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Мииринэй оройуонун баһылыгын бастакы солбуйааччы Дмитрий Ситнянскай атырдьах ыйын 12 күнүгэр ойуур баһаарын балаһыанньатын  туһунан билиһиннэрдэ. 

Мииринэй оройуонун сиригэр-уотугар үс ойуур баһаара баар. 57 №-дээх баһаар Айхал бөһүөлэгиттэн 12,6 км тэйиччи сиргэ умайар. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу ойуур баһаарын тарҕаныыта бохсулунна. Харабыллааһын барар.

Сүлдьүкээргэ уонна Светлэй бөһүөлэгэр баар 18 №-дээх баһаары умуруордулар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат.

Бүгүн  баһаарынай сулууспа 45 үлэһитэ Чернышевскай бөһүөлэгин аттыгар үлэлииллэр. Мииринэй куораттан 50 км тэйиччи 14 №-дээх баһаарга 22 киһи үлэлиир. Чугастааҕы 1,5-2 сууккаҕа баһаары тохтотуохтара.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

Хаартыска: интэриниэт аһаҕас источнигыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0