Мииринэй баһылыгын дуоһунаһыгар -10 хандьыдаат

Бөлөххө киир:

Бу сыл балаҕан ыйыгар  Мииринэй улууһун баһылыга Ришат Юзмухаметовка холуобунай дьыала тэриллибитинэн  сибээстээн, оройуон дьокутааттарын сэбиэтэ дуоһунаһыттан уураппыта уонна  быйыл сэтинньи 28  күнүгэр баһылыгы талыы быыбарын ыытар туһунан быһаарыы ылыммыта.

Онон быыбарга хандьытааттар турунан барбыттара уонна Саха сиринээҕи быыбардыыр хамыыһыйа  быһаарыытынан,  алтынньы 31 күнүгэр быыбарга  хандьыдааттары туруоруу тохтотуллубута.

11 хандьыдааттан  биэһэ бэйэлэрин туруоруммуттар.  Алтата баартыйаттан киирсэллэр, онон бу дьон илии баттааһыннаах испииһэк хомуйа сылдьаллар.

Кимнээх турдулар:

БАСЫРОВ Александр Валинурович, 1977 сыллаах төрүөх, үрдүк үөрэхтээх, «АЛРОСА» (ПАУо) үлэһиттэрин профессиональнай сойуустарын  уопсастыбаннай тэрилтэтин  бэрэссэдээтэлэ.  Бэйэни туруорунуу;

ИВАНОВ Александр Викторович, 1987 сыллаах төрүөх, орто анал үөрэхтээх, «АЛРОСА» АХ «Интернациональнай» сир аннынааҕы руднигын производствоҕа бэлэмниир маастара. «Социальной защиты в РС(Я)» бэлитиичэскэй баартыйаттан турбут;

КИРОВ Сергей Геннадьевич, 1955  сыллаах төрүөх,  үрдүк үөрэхтээх, Мииринэй оройуонун  култуураҕа управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы. КПРФ баартыйаттан турбут;

КОЛОДЕЗНИКОВ  Георгий Петрович,  1953  сыллаах төрүөх,  үрдүк үөрэхтээх, «МПЖХ» ХЭУо экэнэмиичэскэй куттал суох буолууга дириэктэри солбуйааччы. Бэйэни туруорунуу;

КОРОТКИХ Вячеслав Геннадьевич, 1954 сыллаах төрүөх, үрдүк үөрэхтээх, биэнсийэлээх. «КОММУНИСТЫ РОССИИ» бэлэтиичэскэй баартыйаттан турбут;

КУЛАГИН Борис Николаевич, 1966 сыллаах төрүөх,  үрдүк үөрэхтээх, биэнсийэлээх. Бэйэни туруорунуу;

КУЛЕШОВ Анатолий Николаевич, 1978  сыллаах төрүөх,  үрдүк үөрэхтээх, «Якутнипроалмаз» институтун  сүрүннүүр инженерэ. Бэйэни туруорунуу;

НОТТОСОВ Николай Макарович, 1972 сыллаах төрүөх,  үрдүк үөрэхтээх, «Институт экономических инноваций»  кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ филиалын дириэктэрин солбуйааччы.  «СПРАВЕДЛИВАЯ РОССИЯ — ЗА ПРАВДУ»  бэлитиичэскэй баартыйаттан турбут;

ПЕТРОВА Ольга Сергеевна, 1982 сыллаах төрүөх,  үрдүк үөрэхтээх,  «Гермес» ХЭУо уопсай боппуруостарга генеральнай дириэктэри солбуйааччы. ЛДПР бэлитиичэскэй баартыйаттан турбут;

 СИВЦЕВ Алексей Иванович, 1961 сыллаах төрүөх, үрдүк үөрэхтээх, биэнсийэлээх. «Российская партия пенсионеров за социальную справедливость» бэлитиичэскэй баартыйаттан  турбут;

ТОМАШУК Кирилл Владимирович, 1982 сыллаах төрүөх,  үрдүк үөрэхтээх,  «АЛРОСА» (ПАУо) Мииринэйдээҕи хайа-байытар кэмбинээтин  тырааныспарга  сыаҕын начаалынньыгын солбуйааччы. Бэйэни туруорунуу.

Быыбар хамыыһыйатын быһаарыытынан 10 хандьытаат киирсиэҕэ. 11-с хандьытаакка сөптөөх быһаарыы сотору ылыллыаҕа.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0