Мииринэйгэ устудьуон уол сураҕа суох сүппүтэ ыйтан орто

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Мииринэйгэ силиэстийэ уорганнара бу дьыл алтынньы 23 күнүгэр сураҕа суох сүппүт Чаҕыл Михайлов дьыалатын силиэстийэлииллэр.

edersaas.ru

Силиэстийэ сабаҕалыырынан, ХИФУ филиалын-Мииринэй куорат политехническэй институтун 3-с куурсун устудьуона Чаҕыл Никитич Михайлов бу дьыл алтынньы 23 күнүгэр, киэһэ 17.30 мүн. саҕана, үөрэнэр куорпуһуттан тахсан барбыт, ол кэнниттэн кини туһунан туох да сурах суох.

Көрдөөһүн үлэтэ ыытылла турар эрээри, билиҥҥитэ туох да сибики суох.

Итинэн сибээстээн, силиэстийэ уорганнара көрдөһөллөр: Чаҕыл Михайловы ханна эмит көрбүт-билбит дьон, бу нүөмэрдэргэ — 8 (411-36) 3-28-47, 3-23-48, 4-72-10 — эрийэн биллэриҥ!

Биитэр Мииринэй куорат, Ленин уулуссатын, 1/1 нүөмэригэр, ыстаарсай силиэдэбэтэл О.Б.Красноштановаҕа.

Биитэр полицияҕа.

Михайлов Чаҕыл Никитич, 14.07.1998 сыллаах төрүөх, Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр сэлиэнньэтиттэн төрүттээх, политехническэй институт 3 №-дээх уопсай дьиэтигэр олорбут.

Тас көрүҥэ: 20 саастаах, 170-180 см үрдүктээх, хара баттахтаах. Капюшоннаах бороҥ кууркалаах, хара өҥнөөх джинсы ыстааннаах.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0