Хараҥа хос: «Миигин хаалларыма!»

20.08.2018
Бөлөххө киир:

Бу түбэлтэни биир биллэр суруналыыс кэпсээбитэ. Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар буолбут. Биир киин улуус устудьуона уопсайга хапсыбатах. Онон табаарыстарыгар кистээн киирэн олорбут. Биирдэ кэмэндээн түбэһэ көрөн уопсайтан барарыгар үс күнү биэрбит. Уол эрэйдээх үөрэҕэ да үөрэх буолбакка, күнү быһа чэпчэки сыанаҕа олорор сир көрдөөн тахсыбыт. Уопсайтан тахсар күнэ тиийэн кэлбит.

Тугу да булбакка биир тохтобулга санааргыы аҕай турдаҕына, арай биир дьахтар биллэрии ыйыы турар эбит. Тиийэн аахпыта, босхону эрэ үрдүнэн чэпчэки баҕайы сыанаҕа чааһынай дьиэ атыыланар. Уол үөрбүт аҕай, мин атыылаһабын да сабаас диэбит. Ити киэһэ түргэн үлүгэрдик билэр-билбэт дьонуттан харчы иэс хомуйа охсубут, дьахтары кытта дьиэтин көрө барбыт. Хоп курдук кыракый дьиэ эбит. Эбиитин оронноох, остуоллаах эбит. Уол хонор сирэ суох буолан, тута олоро хаалбыт. Аанын хатанан оронугар кинигэ ааҕа сыппыт. Арай ким эрэ кинини тобулу одуулуур курдук. Көрбүтэ, хос ааныгар биир нуучча киһитэ өйөнөн аҕай турар эбит. Уол аан диэки көрбүт — аана хатанан турар. Дьэ доҕоор, уолбут тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолбут, уҥуоҕа халыр босхо барбыт. Суорҕанын бүрүнэ тардыбыт. Анараа киһитэ хааман кэлэн ыарахан баҕайытык ороҥҥо олорбут, уолга умса нөрүйбүт, өссө кулгааҕын үрбүт. Уол сарылыы түспүт да, ойон турбут. Көрбүтэ, ким да суох.

Түүннэри уопсайга баран хоммут. Табаарыстарыгар кэпсээбитин түһээбитиҥ буолуо диэн улаханнык итэҕэйбэтэхтэр. Сарсыныгар дьиэҕэ төрдүө-бэһиэ буолан тиийбиттэр. Бырааһынньыктаабыттар, аһаабыттар-сиэбиттэр. Түүн ортото уолаттара муостаҕа оҥостон утуйан хаалбыттар. Уолбут куттанан, кыайан утуйбакка сыппыт. Арай эмиэ били нууччата аттыгар кэлэн турар эбит. Уол үрдүгэр олоро түспүт, эмиэ кулгааҕын үрбүт уонна: «Дьиэни атыылаабыт дьахтары булан аҕал, аҕалбатаххына, бэйэҕин өлөрүөм», — диэбит. Уол эмиэ сары-ору бөҕөтүн түһэрэн ойон турбут. Табаарыстара бары соһуйан уһуктубуттар, арыгыттан эҥин буолуо дии сатаабыттар. Онтон уолларын сирэйин-хараҕын көрөн син итэҕэйбиттэр. Уол барытын кэпсээбит.

Бары сүбэлэһэн баран, ол дьахтары көрдөөн көрөргө соруммуттар. Өр баҕайы, баҕар, манан олороро буолуо диэн ол эргин уулуссаларын уһаты-туора чүүччэйбиттэр. Көрдөөн-көрдөөн, арай, биир үтүө күн дьахталлара маҕаһыынтан тахсан иһэрин көрө биэрбиттэр. Биир харса суохтара ойон тиийбит да, кум-хам тутан кэлээскэлээх матасыыкылларыгар бырахпыт. Дьиэҕэ тиийбиттэригэр дьахтар өйдөнөн кэлэн «миигин хаалларымаҥ» диэн ыһыы-хаһыы бөҕөтүн түһэрбит. Соннук кэлгийэн, айаҕар тирээпкэ симэн баран муостаҕа бырахпыттар, таһыттан хатаан кэбиспиттэр.

Ити кэнниттэн устудьуон уол син оннун булан үөрэнэн испит. Арай биир үтүө күн икки өлөрүүгэ уорбаланаҕын диэн, милииссийэлэр кэлэн тутан илдьэ барбыттар. Олоро сылдьыбыт дьиэттэн дьахтар уонна эр киһи өлүктэрин булбуттар. Эр киһини муоста анныттан, дьахтары оһох кэнниттэн. Иккиэн төбөлөрө сүгэнэн хайа охсуллубут. Уол эрэйдээх хайдах баарынан кэпсии сатаабыт да: «Ты нам сказки не рассказывай», — диэн итэҕэйэ барбатахтар. Икки өлүгү киниэхэ “ыйыы” сатаабыттар. Анараа уолаттары эмиэ уорбалаабыттар. Кэлин ол устудьуон хайдах-туох дьылҕаламмытын суруналыыс кэпсээбэппин диэбитэ, кини билэр киһитэ үһү.

«ВКонтакте» сайт «Иччилээх, абааһылаах кэпсээннэр» бөлөҕүттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0