МИИЧЭКЭЭН

Ааптар: 
02.01.2023
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын сарсыардата. Күн өрүс кытылыттан дэгэйэ ойон таҥара дьиэлэрин куупалларын оргууй имэрийэн кыһыл көмүс дуйун күлүмүрдэтэн ааста, өстүөкүлэ тааһынан симэммит аныгы дьиэлэр түннүктэригэр кэрэ сэбэрэтин көрүнээт, куорат уулуссаларынан эрдэлээбит массыыналары кытта оонньоһон сүүрэкэлээтэ.

Куорат уһуктан эрэр. Миичэкээн, «үрүҥ дьиэҕэ» олбуор ыраастааччынан үлэлиир. Номнуо үлэтигэр кэлэн тротуарга, кирилиэскэ түспүт сэбирдэхтэри хомуйан, кумаҕы чөмөх-чөмөх сиппийэн, көлүөһэлээх бөх тоҕор баахха кутта уонна, үлэтин үмүрүппүт киһи быһыытынан, сиэбиттэн табаҕын хостоон ылан аа-дьуо тардыбытынан барда. Оптуобус тохтобулугар биир-икки киһи турарын көрө-көрө куорат олоҕуттан тэйэн, төрөөбүт дойдутун, алааһын санаата. Ол турдаҕына: «Миичэкээн, дорообо. Кэпсиэ, туох солун?» — диэн сарсыардааҥҥы дьарыгыттан кэлэн иһэр Уйбаан ыраахтан үөгүлүүрэ иһилиннэ. (…)

— Улахан суох. Эйиэхэ? — Миичэкээн төрөөбүт алааһыттан тэйэн, куоракка баар этим дуу диэбиттии тулатын көрүннэ, Уйбаан чугаһаабытыгар хаҥас илиитин уунан дорооболосто уонна табаҕын биирдэ соппойоот, уурунаҕа бырахта, буруотун Уйбаантан туора үрдэ.

— Бүгүн ардахтаах диэбиттэрэ да, кыырпах да былыт суох. Арай киэһэлик буолан-хаалан турара дуу? — Уйбаан таах туруохтааҕар туран эрэ илиитин-атаҕын туора-маары хамсатарын быыһыгар эттэ.

— Ээ, оннук ээ. Бэҕэһээ сонуннарга ардах диэн этэ. Күнүһүн хайыыр, дьэ. Бүгүн ыраахтааҕыбыт кэлэр дии. Арай кини кэлэрин билэн айылҕабыт тупсар ини, — остуорас баах үрдүттэн үтүлүгүн ылан тобугар тэбээн баран төттөрү уурда, икки илиитинэн сиппиир маһыгар тайанан, уҥа атаҕын туора быраҕан, кэпсэтэрдии бэлэмнэннэ.

— Кэлэр үһү дуо? Сорохтор кэлиэ суоҕа эҥин дэһэллэр, — Уйбаан илиитин-атаҕын мускуйда, өрүтэ ыстаҥалаата.

— Кэлэр-кэлэр. Бэҕэһээ манна, — «үрүҥ дьиэ» диэки ыйда, — сүпсүлгэн бөҕө буолта. Оннооҕор биһигинньиктэри кытары хамсатан үөһэ-аллара туруортаатылар. Тойон кэлэригэр барыта ыраас, сиппиллибит буолуохтаах үһү. Һэ, ол иннинэ кирдээхтик олорбуппутугар дылы.

Миичэкээн олус чэбэр, ыраас туттунуулаах. Үлэтин эҥкилэ суох үчүгэйдик толорор, онтун хаарыйтаран дьэбин уоһуйа сылдьар.

(…)

* * *

Күнүс ардаан ылла. Онтон эмиэ күнүн көрдөрдө. «Үрүҥ дьиэ» иннигэр киһи бөҕө муһунна. Бары мунньах бүтэрин кэтэһэллэр. «Арааһа, бүтэн эрэллэр, охрана элбээтэ», «суох, суох ити биһигини маныыллар», «ол саҥа дьон таҕыстылар» диэн ботур-итир кэпсэтии элбээтэ.

Миичэкээн эмиэ сиппиирин туппутунан кирилиэс аттыгар хаамыталыы сырытта. Ол турдаҕына: «Мантан барар үһүгүн», — таҥаһыгар «охрана» диэн суруктаах уол кэлэн үүрдэ. Миичэкээн тэҥнэһиэ дуо, сиппиирин дьиэ кэннигэр илдьэн уурда, дьон быыһыгар киирэн турда.

Син турбахтаабыттарын кэннэ «үрүҥ дьиэттэн» хара ачыкылаах, хара көстүүмнээх, маҥан соруочукалаах, хаалтыстаах эрэттэр тахсан сэлэлии туруннулар. Онтон аттыгар хааман иһэр дьону кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, хаҥас илиитинэн дохсуннук дайбаан ыраахтааҕы таҕыста. Дьон күйгүөрэ түстэ. Киниэхэ саба сүүрэн тиийиэх айылаахтык биир хардыыны иннилэрин диэки оҥордулар.

Бу кэмҥэ хантан да кэлбитэ биллибэт күүстээх тыал түһэн кумаҕы, буору биирдэ өрө көтөҕөн таһаарда. Күн, «ити мин буолбатах» диэбиттии, былыт кэннигэр саста. Соһуччута бэрдиттэн бары ах бардылар. Арай Миичэкээн көрдөҕүнэ, ыраахтааҕы иннигэр буор-сыыс ытыллан олордо, санаатыгар кумааҕыны, кыра бөҕү кини иннигэр соруйан аҕалан кутар курдук буолла. Миичэкээн ыксаата. Кирилиэс аттыгар турар хотунун булан көрдө. Хотуна кыйахаммыт хараҕын көрөн өссө эбии долгуйда. Ол бириэмэҕэ ыраахтааҕы иннигэр былакаат кырамтата тиийэн түстэ. Миичэкээн хайыах баҕайымыный дии санаата да, кирилиэс диэки дьулуруйда. Дьон быыһыттан тахсан кирилиэскэ чугаһаабытыгар, хара көстүүмнээх эрэттэр саба сырсан кэллилэр да, биир-биэс тыла суох төттөрү соһон дэллэриттилэр. Миичэкээн соһуйан эрэ хаалла.

Кирилиэстэн түһэн иһэр ыраахтааҕы итини көрөн уҥа илиитин көтөҕөн эрэттэргэ бэлиэ биэрэн тохтотто. Миичэкээҥҥэ ала-чуо хааман кэлэн аатын ыйытта.

— Миичэкээммин, ээ, Михаил, — диэн соһуйан хаалан Миичэкээн таҥаһын-сабын көннөрүнэрин быыһыгар тыл быһаҕаһынан хоруйдаата.

— Доробо, дедушка Мичекен, — диэт, Миичэкээни кытта илии тутуһаат, ыраахтааҕы дьон диэки хаамта. Миичэкээн дорооболоспут илиитин оннук тутта-туппутунан туран хаалла. Арай дьон быыһыттан табаарыһын Уйбаан соһуйбут, эмиэ да үөрбүт харахтарын булан көрдө.

Аграфена Кузьмина,

«Киһи сүрэҕэ бэрт чараас»  (Бичик, 2015) кинигэттэн быһа тардыы.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0