Бэҕэһээ Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар “Этигэн Хомус-2017” музыкальнай куонкурус кыайыылаахтарын гала-кэнсиэрэ буолла.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Аныгы олох тэтиминэн, аһыллыыта бэрт динамичнайдык барда. Тэрээһини Култуура, искусство колледжын, “Сандал”, “Гулун”, “Бриллианты Якутии” үҥкүүһүттэрэ, Сахациркэ артыыстара киэргэттилэр. Манна барытыгар эргийэр киин – Этигэн Хомус! Режиссер Захар Никитин 200-тэн тахса киһини кытыннаран, сахалыы куттаах дьүһүйүү ис хоһоонноох, далааһыннаах буолла.
Кэнсиэр, биллэн турар, саха эстрадатын чаҕылхай сулустарын барыларын, этэргэ дылы, “тутан олорон” көрүү диэн – үчүгэй бөҕөтө буоллаҕа!
Бу ырыа-тойук киэҥ түһүлгэтигэр чахчы даҕаны, “Этигэн Хомус” саҥа аата, сыл арыйыыта, ураты толоруу – ыраах Эбээн-Бытантайтан кэлбит Михаил Уманов көрөөччүлэргэ үгүс үөрүүлээх түгэни бэлэхтээтэ.
Кини бу “Этигэн Хомус-2017” ырыа күрэҕэр “Сыл арыйыыта” диплому, “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” бирииһи, “Золотой ручей” маҕаһыын сертификатын тутта, маны таһынан “Этигэн Хомус” спонсорын “Көмүлүөк” фирма анал бирииһин эмиэ кини ылла. Михаил бүтүн түөрт анал бирииһи тутуон тутта! Бу улахан ситиһии.
Артыыстар финалга тахсыыны кэтэһэ турдахтарына мин Михаил Умановы сцена кэтэҕэр көрсөн, кэпсэтэ түстүм.
— Михаил Владимирович, эн хаһааҥҥыттан ыллыыгыный?
— Оҕо эрдэхпиттэн, оскуолатааҕы кэмнэрбиттэн кыралаан ыллыыбын.
— Оскуоланы Эбээн-Бытантайга бүтэрбитиҥ?
— Эбээн-Бытантайга, Саккырыыр оскуолатыгар үөрэнэр кэммитигэр ВИА-лаах этибит.
— Эйиэхэ кыайыыны аҕалбыт “Чуоркааҕа” ырыаҥ хайдах айыллыбытай?
— Бу ырыам убайым Михаил Колесов тылларыгар суруллубута. Кинини билэргит буолуо, 2014 сыллаахха Москва суруйааччыларын фестивалларыгар “Көмүс бөрүө” наҕарааданы ылбыта.
Чуоркаа диэн таас үрэхпит аата. Олус кэрэ айылҕалаах. Биһиэхэ уопсайа 300-чэ таас үрэхтээхпит!
— Бу ырыаны “Виктория” араадьыйаҕа ким ыытан, “Этигэн Хомуска” кыттар буолбуккунуй?
— Ээ, ким даҕаны анаан ыыппатаҕа. Биир дойдулаахтарбыттан ким эрэ телефоҥҥа видеоҕа устан, ырыам бассаабынан “күүлэйдээбитэ” ырааппыт эбит. Ол сылдьан, “Виктория” араадьыйалар болҕомтолоругар киирбит быһыылаах.
— Ырыа музыката эйиэхэ хайдах киирэрий уонна төһө ырыалааххыный?
— Мин ырыам син баар. Туундарабыттан, айылҕабыттан, таас үрэҕим чурулуу-харылыы сүүрэр араас дорҕоонноруттан, тыал, көтөр кынатын тыастарыттан.., уопсайынан, айылҕам биэрэр, айар күүһү. Табаһыт оҕото буоллаҕым, аҕам 25 сыл табаһыттаабыта. Араспаанньам даҕаны, Уман – ол аата таба силиитэ, диэн суолталаах.
— Тугун үчүгэйэй… Айар былааҥҥыттан билиһиннэрэ түһүөҥ буолаарай?
— Маҥнай, ырыаларбынан альбом таһаарар баҕа санаалаахпын…
— Этигэн Хомус курдук, айылҕаттан талааныҥ өссө арыллан, сайдан истин, Михаил!
— Махтал!
Кэпсэтиибит түмүгэр биһиэхэ Михаил Владимирович эдьиийэ Евдокия Алексеевна Аммосова кыттыста, кини, Михаил Владимирович быйыл күһүн 50 сааһын туоларын, 3 кыыс оҕотун бэйэтэ иитэрин, аймахтара өйүүллэрин уонна бу “Этигэн Хомуска” Михаил Уманов ситиһиититтэн Эбээн-Бытантай дьоно-сэргэтэ барыта долгуйа үөрэрин, оттон манна ыҥырбыттарыгар, бэйэлэрин “Түгэһиир” нэһилиэктэрин баһылыга Егор Васильев өйөөн, кэлбитин, онон киниэхэ махтаналларын туһунан эттэ.
Онуоха мин, “Саха сирэ барыта үөрэр, махтанар!”, —диэн эбэн биэрэбин.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru