Быйыл кулун тутар ыйга норуодунай бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөй ырыатын ааптара Михаил Тимофеев төрөөбүтэ 90 сылын туолбута. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар уонна бэйиэт үбүлүөйдээх сылыгар кини айымньыларын барытын түмэр ураты бырайыак бэлэмнэнэ сылдьар.
Бырайыак ааптарын – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ театральнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, режиссер Саргылаана Адамованы кытары кэпсэттим.
— Саргылаана Саввична, бырайыак туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
—Михаил Елисеевич хас үбүлүөйэ буоллаҕын ахсын, айар кэнсиэртэрин тэрийэр этибит. Национальнай бибилэтиэкэҕэ быыстапката турааччы. Опера, балет тыйаатырыгар кини ырыаларынан гала-кэнсиэр буолааччы. Бу курдук мин сүүрбэттэн тахса сылы быһа бэйиэт олоҕун, үлэтин-хамнаһын үйэтитэргэ үлэлэһэн кэллим.
Онтон санаан көрдөххө, кэнсиэр биир күнүнэн буолан бүтэн, ааһан хаалар эбит. Ыччат дьоҥҥо кини ырыаларын истэр, билэр да киһи аҕыйаан иһэргэ дылы. Үгүстэр бу биллэр ырыа ааптара Михаил Тимофеев буоларын билбэттэр. Пандемия саҕаламмытыгар, дьиэҕэ олорон эрэн, толкуйга түспүтүм, туох эрэ саҥаны, сонуну киллэрбит, оҥорбут киһи диэн. Нууччалыы эттэххэ, “музыкальный бокс” диэни хомуйан оҥорбут киһи диэн санаа киирбитэ. Бырайыак “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация, Бүлүү улууһун дьаһалтатын уонна биирдиилээн дьон үбүлээһиннэринэн күн сирин көрөр кыахтанна. Билигин үлэ күөстүү оргуйар, быйыл сайын аҕыйах ахсаанынан (300-чэ устуука) оҥоһуллан тахсыахтаах.
Үчүгэйэ диэн, бу манна бэйиэт бэйэтин уонна артыыстар ааҕыыларыгар хоһоонноро, туох баар ырыалара, дьоҕус операта, араадьыйанан испэктээкиллэрэ, о.д.а. барыта киирэр кыахтаах. Сүүһүнэн гигабайт кээмэйдээх “флешкаҕа” олус элбэх информация киириэҕэ. Уонунан чааһы быһа истиэххэ сөп. Бастаан диискэ таһаарар туһунан толкуйдаан баран, аккаастаммыппыт – аныгы үйэҕэ ким диискэни истиэҕэй? Ону тэҥэ, элбэх информация “флешкаҕа” эрэ батар кыахтаах.
Элбэх киһи, кэлэктиип кыттыста
— Дьэ, ханнык айымньылара киирдилэр?
— Михаил Тимофеев хоһоонноругар олус элбэх ырыа айыллыбыта. Ол курдук, композитор Герман Комраковы кытта анаан үлэлэспитэ биллэр. Бу норуокка киэҥник тарҕаммыт, өлбөт-сүппэт үйэлэммит ырыалара эстрада, опера ырыаһыттарын толорууларыгар үйэтийэн киириэхтэрэ. Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар Саха араадьыйатыгар эрэдээктэринэн үлэлии сылдьан, нууччалыы ырыалары сахалыы тылбаастаан, ыллаппыт эбит. Бу урукку ырыалары араадьыйа пуондатыттан булан, эмиэ киллэрдибит. Артыыс Кирилл Семенов араадьыйа “Кыһыл көмүс пуондатыгар” кини айымньыларын аахпыта, Бүлүү улууһун баһылыга, нэһилиэктэр баһылыктара бэйиэт хоһоонун аахпыттара киириэҕэ. Төрөөбүт Бороҕонун нэһилиэгин бибилэтиэкэтин, Кыргыдай оскуолатын үлэһиттэрэ, оҕолоро, Бүлүүтээҕи педколледж преподавателлэрэ эмиэ аахтылар.
Ону тэҥэ, П.Ойуунускай аатынан Саха драматическай тыйаатырын, А.Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатырын, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара хоһооннорун нууччалыы тылбаастарын уонна Лермонтов, Пушкин хоһооннорун бэйиэт тылбаастаабытын аахтылар. М.Тимофеев элбэх анабыл хоһооннордоох, ону А.Макарова аатынан Култуура, ускуустуба колледжын устудьуоннара ааҕаллар. “Сэргэлээх уоттара” киин иһинэн үлэлиир эдэр ааҕааччылар куруһуоктарын чилиэннэрэ Сэргэлээх туһунан, оттон саха салаатын устудьуоннара саха суруйааччыларыгар анаммыт хоһооннорун аахтылар.
Арассыыйа норуодунай артыыската Айталина Адамова С.Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын Национальнай оркестрын уонна “Кыл Саха” төрүт дорҕоон ансаамбылын доҕуһуолларынан толоруутугар отучча ырыата киириэҕэ. Маны тэҥэ, улуус мелодистара ырыаларын ыыта тураллар. Холобур, өлүөхүмэлэр Тимофеев хоһооннорун нууччалыы тылбаастаан, ырыа айан, ыллыыллар.
Композитордар Герман Комраков, Николай Берестов, Аркадий Самойлов, Полина Иванова, Валерий Кац, Кирилл Герасимов айбыт ырыалара, М.Тимофеев Омуоһап, Ойуунускай тустарынан дьоҕус операта (В.Кац муусукатыгар) хайаан да баар буолуохтара.
Хатас норуодунай тыйаатыра “Ааныс” диэн хоһоонунан суруллубут сэһэнин араадьыйа испэктээкилэ оҥорон таһаарбыта. Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Таммахтар” айар түмсүүтэ Манчаары туһунан хоһооннорунан бэртээхэй дьүһүйүүнү устубуттар. Араадьыйа пуондатыгар харалла сытар “Музыкальнай салон” биэрии бэйиэт кыттыылаах урукку таһаарыылара, бэйэтэ кэпсиирэ-ипсиирэ, кини биографията – барыта киирэр.
Бу курдук, норуодунай бэйиэт Михаил Тимофеев айар үлэтин бары өттүттэн көрдөрөр, киэҥник хабар, үйэтитэр үлэ биир “флешкаҕа” түмүллүөҕэ. Айаннаан иһэн истэр суоппардарга, оскуолаларга, бибилэтиэкэлэргэ, саха литературатын таптыыр дьоҥҥо бэртээхэй бэлэх, үөрэтэр босуобуйа да буолар кыахтаах.
“Музыкальнай бокс” тыас-уус өттүнэн режиссера – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Леонид Иванов-Лүҥкүр, музыкальнай режиссер – Иван Тарасов. “Тэтим” араадьыйаны кытары ыкса үлэлэһэ сылдьабыт. “Айар Кут” диэн устуудьуйаҕа оҥоһуллан тахсыаҕа. Олус элбэх киһи, култуура кэлэктииптэрэ кыттыылаах, далааһыннаах үлэ буолла. Ону үмүрүтэн, от ыйын диэки таһаарар былааннаахпыт.
—Чахчы, улахан үлэни ыыта сылдьар эбиккит. Бырайыаккыт ситиһиилээх, үйэлээх буоллун!
Норуодунай бэйиэт олоҕун олуктара
Михаил Тимофеев 1932 сыл кулун тутар 15 күнүгэр Бүлүү улууһун Модут (Бороҕон) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1959 с. СГУ историческай-филологическай факультетын бүтэрбитэ. История учууталынан, араадьыйа кэмитиэтин литературнай-драматическай биэриитин эрэдээктэринэн, Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар уус-уран литература салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1975 с. 2-с группалаах инбэлииккэ тахсыбыта.
1957 сылтан бэчээттэнэр, 1960 сыллаахха “Маҥнайгы хаар” диэн хоһооннорун бастакы хомуурунньуга тахсыбыта. 1964 сылтан ССРС, кэлин Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбута. Кини литэрэтиирэҕэ лирик бэйиэт быһыытынан киирбитэ. Хоһоонноругар нуучча, саха биллииллээх композитордара элбэх ырыалары, моноопераны айбыттара. Аҥаардас Герман Комраков М.Тимофеев хоһоонноругар 50-тан тахса ырыаны суруйбута. Биллиилээх ырыаһыттар Анегина Ильина, Мария Попова кини тылларыгар сөбүлээн ыллыыллара.
Норуодунай бэйиэт үгүс сыл тылбааска утумнаахтык үлэлээбитэ. Ол түмүгэр, А.Пушкины, М. Ломоносовы, Е.Евтушенконы, Р.Гамзатовы, М.Каримы, Абайы, М.Джалилы, Токтогулы, Т. Шевченконы уонна Казахстан, Узбекистан, Япония, Индия, Корея, Кытай, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэйиэттэрин сахалыы саҥардыбыта. Кини айымньылара нууччалыы тылбаастанан, 4 кинигэ буолан тахсыбыттара, киин сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ. Онон кини саха поэзиятын байытыспыт, Арассыыйаҕа тиэрдиспит бөдөҥ суруйааччы буолар.
Ону тэҥэ, кини эрэдээктэр быһыытынан далааһыннаах үлэни ыыппыта. Саха бастыҥ бэйиэттэрэ Эллэй, Л.Попов, С.Данилов, И. Гоголев, уо.д.а кинигэлэрэ үгүстэрэ кини эрэдээксийэтинэн күн сирин көрөллөрө. Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ С.П. Даниловка эрэллээх доҕорунан, көмөлөһөөччүнэн буолбута. Саха литературатын төрүттээччилэр үтүө ааттара тиллиитигэр, кинигэлэрэ бэчээттэниитигэр норуодунай бэйиэт оруола улахан этэ. С.П. Данилов, М.Е. Тимофеев, о.д.а тэрийиилэринэн, көҕүлээһиннэринэн Эллэй, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, К.Уурастыырап норуодунай суруйааччы аатын ылбыттара.
Михаил Тимофеев 2013 сыл тохсунньу 22 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: sakhalitera.ru