Михаил Софронов: «Тыа сиригэр саамай тыын боппуруос — сибээс»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин  үгүс дьон дьиэтигэр нус-хас олорон көрөн буоллаҕына, сорох киһи үлэтин быыһыгар киирэ-тахса сылдьан истэр.

edersaas.ru

Биир оннук киһинэн Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгин олохтооҕо Михаил Софронов буолар. Михаил Егорович нэһилиэгин хочуолунайын хачыгаара.

Үлэбитигэр «Кыһыл муннуктаахпыт». Туспа суунар хостоохпут, сынньанар сирдээхпит. Онно турар тэлэбиисэрбэр үлэбин бүтэрэ-оһоро, киирэ-тахса сылдьан, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин быһа биэриитин көрөбүн.

Тыа хаһаайыстыбатын  туһунан боппуруос киирэрин кэтэһэ сатаатым да, ким да ыйыппат. Үксэ куорат олохтоохторо быһыылаах. Арай, 2021 сыл бүтэһигэр төлөпүөн, интэриниэт 250500 киһилээх нэһилиэнньэлээх пууннарга сибээс киириэ диэбитин сэргии иһиттим. Онно үтүмэн үбү көрдүбүт диэтэ. Оттон 250 киһилээх нэһилиэнньэлээх пуун диэн тыа сирэ буоллаҕа. Ыраах тыа сиригэр саамай тыын боппуруос — сибээс, — диэн санаатын үллэһиннэ Михаил Софронов.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0