Аҕыйах хонуктааҕыта батсаабынан «Саха» НКИХ муус устар 1 күнүгэр дьиэ маһын, баанньыгы буор-босхо купонунан оонньотор үһү диэри сурах аҥаардаах иһитиннэрии кэлбитин соһуйа, эмиэ да үөрэ аахпытым. Бу туһунан сураһаары уонна Саха тэлэбиидэнньэтин биир чаҕылхай суруналыыһа, ыытааччыта Михаил Сергеев туһунан ааҕааччыларбытыгар сырдатаары, ааспыт нэдиэлэҕэ кинини кытары көрсөн кэпсэттим. Сааскы каникул буолан, Михаил дьиэ кэргэниниин Москваҕа көтөөрү сылдьар да буоллар, үлэтиттэн быыс булан эрэдээксийэҕэ киирэ сылдьыбыта.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-quote-left» color=»blue» add_icon=»true»]
Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо саас
– Михаил, эйигин балачча уруккуттан билэр эрээрибин, хантан төрүттээххин билбэт эбиппин. Арааһа, ааҕааччылар даҕаны интэриэһиргиир буолуохтаахтар.
– Оҕо сааһым Үөһээ Бүлүүгэ ааспыта. 2-с нүөмэрдээх оскуоланы бүтэрбитим. Үөрэнэ сылдьан «Сыккыс» пресс-кииҥҥэ сылдьан, хаһыакка суруйа, тэлэбиидэнньэҕэ үлэлии үөрэммитим. Оскуола иһинэн теле-устуудьуйа аһан үлэлэппиппит. Онон суруналыыс буолар баҕалаах этим. Ол эрээри үөһээ кылаастарга физико-математическай хайысхалаах бөлөххө үөрэнэн, экономист идэтин баһылыырга санаммытым. Аны Дьокуускайга үөрэххэ туттарса кэлэн баран, докумуоммун суруналыыстыка салаатыгар туттараары тиийбиппэр, хаһыакка суруйууларбын, тэлэбиидэнньэҕэ уһуллууларбын ирдээбиттэрэ. Оччолорго массыына суола суох буолан, дьон бары сөмөлүөтүнэн сылдьара. Хаһыакка суруйууларбын, сюжеттарбын сарсыҥҥы күнүгэр сөмөлүөтүнэн ыыттарыахтаах этим да, икки нэдиэлэни быһа ардаан, хаайтарыы буолбута. Инньэ гынан, экономическай институкка туттарсан киирбитим.
«Сонуннартан» аккаастанан, дойдубар «куоппутум»…
– Кыһыылаах да эбит диэтэҕиҥ! Ол да буоллар, устудьуоннуу сылдьан тэлэбиидэнньэҕэ үлэлээбитиҥ дии.
– Устудьуоннуу сылдьан хайаан даҕаны үлэлиэхтээхпин диэн санаанан салайтаран, «Сэргэлээх» устуудьуйаҕа үлэлии киирбитим. Бары устудьуоннар үлэлииллэрэ. Ол сылдьан бу идэни баһылыыр сыалтан, кэтэхтэн үөрэниигэ көспүтүм. Ити 2003 сыллаахха этэ. Онон, Үөһээ Бүлүүтээҕи теле-устуудьуйаҕа миэстэ баар буолан, Зинаида Тойтоноваҕа үлэлии барбытым. Миигин үлэҕэ үөрэ-көтө ылбыта.
Сюжеттарбын «Саха» НКИХ-тэр сэҥээрэннэр, Дьокуускайга стажировкаҕа ыҥырбыттара. Оччолорго Анатолий Петрович Гоголев тэлэбиидэнньэ вице-президенэ этэ. «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары сырдатыыга хайаан даҕаны үлэлэс диэн баран, Анатолий Петрович «Сонуннар» салайааччыларыгар Татьяна Бурцеваҕа туттаран кэбиспитэ. Дьиҥэр, мин ыччат устуудьуйатыгар үлэлиир баҕалаах этим.
Сайыны быһа үлэлээн, араас тэрээһиннэри сырдатарбыт. Бу кэмҥэ «Сонуннар» биэрии ыытааччылара утуу-сутуу оҕолоно баран, арай биирдэ миигин тоҕо эрэ устуудьуйаҕа киллэрэн, суфлер холбоон, тиэкис аахтаран көрдүлэр. Онтум баара камераҕа уһула олорбут эбиттэр. Сарсыныгар ыҥыран ыллылар уонна «Сонуннарга» ылабыт диэн соһуттулар. Эбиэт кэнниттэн үлэлиирдии ох курдук оҥостон, таарыйа парикмахерскайга баран баттаххын кырыттаран, оҥорторон кэлээр уонна киэһээ эфиргэ тахсыаҥ диэтилэр. Мин наһаа долгуйдум. Хайдах буолуохпун билбэтим. Биирдэ өйдөөбүтүм, оптуобуска олорон порка айаннаан иһэр эбиппин. Үөһээ Бүлүүлүүр авиабилиэт атыылаһаат, ол күн дойдулаан хааллым. Аны санаатахха, наһаа куттаммыт, долгуйбут эбиппин. Киһи сөҕүөн иһин, ол күҥҥэ билиэт да баар буолан биэрбит.
Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн баран үлэбэр теле-устуудьуйаҕа баран, эфиртэн куоппутум туһунан кэпсээбэтим даҕаны.
– Инньэ гынан, Саха тэлэбиидэнньэтигэр олохтоохтук хаһан «көһөн» кэлбиккиний?
– Нөҥүө сылыгар үлэлии кэлбитим. Тута, «Сонуннарга» кэрэспэдьиэнинэн, онтон ыстаарсай кэрэспэдьиэнинэн, салгыы «Вести Саха» биэриигэ ыытааччынан үлэлээбитим. Суруналыыс Виктория Контоева атын үлэҕэ барбытыгар, «Күнтэн күн» биэриитин «нэһилиэстибэ» быһыытынан миэхэ хаалларбыта. Онон бастаан биэс күн үлэлиир буоллахпына, аны субуотаҕа эмиэ биэрии бэлэмниир буолбутум.
– Билигин тэлэбиидэнньэ үлэһиттэрэ үгүстэрэ быһа эфиргэ үлэлиир буоллулар. Арааһа, ирдэбил да оннук турдаҕа. Биир бэйэм быһа эфиртэн саллабын. Быһа эфир кэмигэр араас көрүдьүөстээх түгэннэр буолбут буолуохтаахтар. Биири эмит ахтан-санаан ааспаккын ээ.
– Үлэбитигэр буолар көрүдьүөс туһунан кэпсээтэххэ, арай биирдэ маннык түгэн буолан турардаах. Урут «Вести Саха» биэрии быһа эфиргэ тахсара.Бастаан сахалыы, онтон нууччалыы түһүмэх. Сахалыыттан нууччалыыга көһүү түһүмэҕэ бэрт кылгас этэ. Иккис түһүмэх заставка кэнниттэн тута барара. Онон, аҕыйах сөкүүндэ иһигэр түөскэ иилиллэр микрофону уста охсон, эн оннугар атын ыытааччы кэлэн олоруохтааҕа. Арай биирдэ солбуһуу кэмигэр мин микрофоммун сатаан устубакка, остуол анныгар сыттаҕым үһү.
Тырааныспар үлэһитэ
– Михаил, соһуччу тэлэбиидэнньэҕиттэн министиэристибэҕэ баран үлэлии сылдьыбытыҥ дии. Үлэҥ миэстэтин тоҕо уларыта сылдьыбыккыный?
– Аҕыс сылы быһа «Сонуннарга» үлэлээбитим. Саас – халааны, сайын – уу суолунан таһаҕаһы тиэйиини, оттооһуну, күһүн – кыстыкка бэлэмнэнии сырдатарбыт, кэпсиирбит. Барыта хатылана турара. Саатар эдэр буолан, уоппускабын да туһаммат этим. Наар үлэ үөһүгэр сылдьарым. Сыыйа салҕан барбытым. Ама, үйэм тухары биир тиэмэни эргитэ сылдьан кэпсиибин дуо диэн. Ол сырыттахпына, СӨ тырааныспарын миниистирэ Семен Винокуров биһиэхэ пресс-сулууспаҕа үлэлии кэл диэбитигэр, тута сөбүлэспитим.
Ол кэмҥэ судаарыстыбаннай уорганнар сайтара оҥоһуллан, онно үлэлээбитим. Командировакаҕа элбэхтик сылдьыбытым.
Министиэристибэҕэ үлэлээбит кэмим биир умнуллубат түгэнинэн, оскуола оҕолоругар аналлаах кинигэ суруйан таһаартарыы буолбута. Теориятын МГУ профессора Иосиф Спирин суруйбута. Быраактыкатын миниистир Семен Винокуровтыын суруйбуппут. СӨ Үөрэҕирии министиэристибэтин үлэһиттэрэ эмиэ кыттыгастаах этилэр. Москваҕа «Академия» диэн кинигэ кыһатыгар таһаартарбыпыт. Ол эмиэ интэриэһинэй үлэ этэ.
Тэлэбиидэнньэҕэ эргиллии
– Министиэристибэҕэ үлэлии сырыттахпына, Иван Михайлович Андросов тэлэбиидэнньэ сайдыытыгар, саҥа бырайыактары олоххо киллэриигэ үлэлээ диэн тэрийэр салааҕа ыҥыран ылбыта.
– Билигин «Саҥа күн» ыытааччытынан эмиэ үлэлиигин. Биэриигитин хайдах бэлэмниигит. Олох эрдэ туран кэлэҕит дуо?
– Сарсыарда эрдэ түөрт-биэс чаастан үлэбитигэр кэлэбит. Дьуһуурунай массыына барыбытын дьиэбититтэн кэлэн ылаттыыр. Онон биир биэрии тахсыытыгар ыытааччылар, режиссердар, тиэхиньиктэр, звукорежиссер уонна да атын дьон үлэлииллэр.
Биэриибитин ыытан баран, сарсыҥҥыбытын бэлэмнээн барабыт. Атын бырайыактарга эмиэ үлэлиир буолан, арыт күн олох даҕаны хойуккааҥҥа диэри үлэбитигэр сылдьабыт.
«Саас кэллэ!»
– Саха тэлэбиидэнньэтэ муус устар 1 күнүгэр Саха сирин олохтоохторугар ураты бэлэҕи оҥороору сылдьарын истибитим. Тэлэбиисэри холбоотоххо, араадьыйаны иһиттэххэ, наар ол туһунан кэпсиир буоллугут. Кылгастык, ааҕааччыларбытыгар саҥа бырайыаккыт туһунан кэпсээ эрэ.
– Биһиги продюсерскай тэлэбиидэнньэ диэн куурустарга үөрэннибит. Тас дойдуларга, Россияҕа продюсерскай үлэҕэ көспүттэрэ ыраатта. Казаннааҕы федеральнай университет электроннай СМИ кафедратын дассыана Миляуша Айтугановаҕа үөрэннибит. Ол үөрэниибитин олоххо чиҥэтэн киллэрэр туһуттан, саас кэлбитинэн сибээстээн, муус устар 1 күнүгэр «Саас кэллэ!» (нууччалыыта «Весна на НВК») диэн телерадиомарафону ыытаары бэлэмнии сылдьабыт. Бу субуотаҕа сарсыарда 7 чаастан бырайыакпытын Саха араадьыйатыттан «Сааскытыйыы» шоуттан саҕалыахпыт уонна киэһэ 9 чааска Саха тэлэбиидэнньэтигэр түмүктүөхпүт. Бу күн күнүс биир чаастан Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Доҕордоһуу болуоссатыгар улахан кэнсиэркэ ыҥырабыт.
– Батсаапка суруйалларынан, сураҕа, улахан бириистэри оонньотор үһүгүт. Кырдьык дуо ити?
– Доҕордоһуу болуоссатыгар кэнсиэр кэмигэр ыалдьыттарга буор-босхо купон түҥэтиэхпит. Купон тус-туһунан нүөмэрдэрдээх. Онтубутунан бириистэри оонньотобут. Сүрүн бириистэрбит – дьиэни туттарга Алдантан аҕалыллыбыт бэлэм мас, бэлэм баанньык, беседка.
1 мөл. солк. кээмэйдээх бириистээх «Сохраним природу вместе!» диэн экологическай аахсыйа ыытыллар. Манна куораттар, нэһилиэнньэлээх пууннар кытталлар. Үс номинациянан («Защитим природу», «Экологический десант», «Зеленые инновации») эмиэ муус устар 1 күнүгэр быһа эфиргэ кыайыылаахтары ааттаталыахпыт.
Быйыл оскуоланы бүтэрээччилэргэ эмиэ күрэх ыытабыт. Ол курдук, үтүө дьыаланы оҥорон, онтуларын видеоҕа устан ыытыахтаахтар. Кыайыылаах кылаас «Михаил Светлов» теплоходка биэчэр тэрийэллэригэр путевка бэриллиэҕэ. Онон, өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун муус устар 1 күнүгэр араадьыйаҕытын, тэлэбиисэргитин көрөргүтүгэр, оттон куорат дьонун, ыалдьыттары Доҕордоһуу болуоссатыгар ыҥырабыт.
– Сүрдээх үчүгэй тэрээһини бэлэмнии сылдьар эбиккит дии. Барыта табылыннын эрэ!
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/